Мэчэкэ — оҕо сааспыт доҕоро

Ааптар: 
09.11.2019
Бөлөххө киир:

Аҕабыт улахан уола төрөөтүн кытта, аттынааҕы ыалыттан ыт оҕото ылан ииппитэ.

Хап-хара, `”түөрт” харахтаах, атаҕар баһырҕастаах, арбаҕар түүлээх ыт оҕотун таптаан Мэспэкэ диэн ааттаабыт. Кэлин Мэчэкэ диэн «тупсаран» биэрбиппит. Сайыҥҥы ыт оҕото таһырдьа улааппыта.

Оҕону таһырдьа утуттахтарына, манаан тула сылдьар этэ. Ытаатаҕына, ыйылыы-ыйылыы ааны тарбыыра үһү. Нөҥүө сайыныгар хаамар буолбут кыра иччитин кытта оонньоһоро, аттыгар атын дьону чугаһаппат үһү. Сыл аайы төрүүр оҕолору, биһигини барыбытын, оннук көрөр-харайар, биэбэйдиир эбит.

Аҕабыт күһүн, саас куска, кыһын тыаҕа барарыгар батыһыннаран илдьэ сылдьара. Бары булка барытыгар үөрүйэх, булчут бэрдэ ыт буолбута. Дьиэ кэргэн бары маанылыыр, таптыыр, ахтар аҕай этибит. Бултаан кэлэригэр Мэчэкэбит урутаан кэлэр буолара. Дьэ, кини кэллэ да, үөрүү-көтүү бөҕө буоларбыт. Аҕабыт хантан эмэ кэлэн иһэрин көрдөхпүтүнэ, утары көрсө ыппытын кытта кыанар оҕо бары бытарыһан тахсарбыт. Аҕабыт кэпсиир, ыта, бөһүөлэк чугаһаатаҕына, ыйылыы-ыйылыы көрдөһөр курдук гынар үһү, ону “бар, бар” диэн сапсыйдаҕына, элэс гынан хаалар үһү. Ону оҕолорун ахтар диэччи. Оскуолаҕа барарбытыгар атаарар, оонньуу барарбытыгар тэҥҥэ сылдьан оонньуур этэ.

Биллэн турар, аҕабыт кэнниттэн тылын-өһүн истэр, иккис хаһаайын, иччи оҥостор киһитэ убайбыт Уйбаанчык буолара. Кини кып-кыратыттан аҕатын кытта кустуу, балыктыы, оттуу-мастыы тэбис-тэҥҥэ сылдьара. Арыый улаатан баран убайым, мин уонна бырааппыт Бааска эмиэ сайын оттоһо, ийэлээх аҕабытын кытта үрэххэ барсыбыппыт. Кыралар эбээлэрин кытта дьиэҕэ хаалаллара. Дьэ ол оттуурга биһиги улахаммыт дэнэбит да, аны санаатахха, кыра да дьон эбиппит. Убайбыт маҥнайгы кылааһы бүтэрбит, аҕыстаах. Мин — сэттэлээхпин, бырааппыт — биэстээх. Кэккэлэһэ турар өтөххө икки ыал буолан ыаллыы олоробут. Улахан дьон бары ходуһаҕа оттууллар. Биһигини сороҕор илдьэ кии­рэллэр, үксүн дьиэҕэ хаалан бэйэбит олоробут. Киэһэ дьоммут тахсалларыгар чэй оргутан тоһу­йар үлэлээхпит. Аттыбытыгар сытар көлүйэҕэ дуу, элгээҥҥэ дуу туу көрөн мунду хостуубут. Ону  чэй оргутар кулуһуммут тула үөлэн бытыгыратабыт. Сиикэйдии-буһуулуу сиэн-аһаан аамайданабыт. Дьоммутугар ас астыыр аатырабыт. Ол тухары ыппыт биһигиттэн арахпат. Иһитигэр кутуллубут аһы эрэ аһыыр. Илииттэн ылбат, сытары да тыыппат. Биэрэ сатаатахха, түҥнэри хайыһан сытарын билигин да харахпар көрөбүн. Кылап гынан, “муҥнаама даа” диэбиттии көрөөхтүүр уонна эмиэ түҥнэри хайыһар.

Биирдэ эмиэ туу көрө киирэн баран, мин эмискэ ийэбин көрүөхпүн наһаа баҕардым. Уонна ыллым да бырааппын илдьэ уҥуор көстөр ойуур диэки баран хааллым. Санаабар, ол ойуур кэтэҕэр дьоммут от мунньа сылдьыахтаахтарын курдук. Арай, ойуурбут бүттэр бүппэт, бырдах бөҕө. Быраатым сылайан ытаата. Мин ыксаан: «Ийээ, аҕаа», — диэн ыҥыран хаһыытыыбын. Ол быыһыгар ыппын ыҥырабын. Балачча өр хааман, ­ытаан-соҥоон ньаккыраһан баран сылайан ахан олордохпутуна, арай, Мэчэкэбит үрэрэ иһилиннэ! Биһиги үөрэн хаһыытаһа түстүбүт. Ыппыт сүүрэн кэлэн салаамахтаан баран, миигин таҥаспыттан ытыра-ытыра кэлбит сирин диэки состо. Биһиги онно ыппытын сырсан бардыбыт. Онтон ийэлээх аҕабыт ыҥырар саҥалара иһилиннэ. Сотору хонууга тахсыбыппыт, өтөхпүт атын өттүттэн көстөн турар. Дьоммут барахсаттар кэлэн таһырдьа аймана сылдьаллар эбит. Утары сүүрэн кэлэн эр биир көтөҕөн ыллылар. Көрбөтөх буруйдаах убайбыт барахсан эмиэ ытаабыт сирэйдээх уотун аттыгар олороохтуур эбит. Ыппытын, оҕолору көрбөтөххүн диэн эмиэ мөхтүлэр. Ситинник ол сайын уҥуор, икки көстөөх Дьүккүйээн үрэҕэр, сайылаан турардаахпыт. Иккитэ хаста үһүөммүтүн сыарҕалаах оҕуһунан, ыппытын кытта ыһык ыллара бөһүөлэккэ ыыта сылдьыбыттара. Ол аҕыс саастаах убайбыт оҕуһун миинэр, биһиги сыарҕаҕа олоробут. Оттон ыппыт батыһар. Өрүскэ тиийэн тыыга олорон, убайбыт эрдинэн балачча кэтит Бүлүү өрүһү туоруубут. Ыппыт тыы кэнниттэн харбаан туоруур. Онтон ҭөннөрбүтүгэр бары сүгэһэрдэнэн тыыга киирэн олоробут. Биир эбээбит киирэн атаарар.

Аны санаатахха, кып кыра оҕолору ыттарыгар эрэнэн оччо ыраах бэйэбитин ыыталлара эбитэ дуу, убайбытын оччо улахан киһи курдук санаахтыыллара эбитэ дуу… Билбит суох.

1970 сыллаахха аҕабыт киинэ мэхээнньигин үөрэҕин бүтэрэн, начаалынай оскуолалаах Мэйиктэн аҕыс кылаас­таах Куокунуга көһөр буолбуппут. Оскуола аһыллыан иннинэ икки таайбыт уонна аҕабыт буолан үс мотуорканан  сэттэ оҕону, эбээлээх ийэбитин өрүһүнэн Куокунуга көһөрөн илдьибиттэрэ. Ыппыт муҥнаах ынахтары кытта болуотунан көһөрүллэр буолан хаалыахтаах этэ. Ону, барахсан сайыһан биэрэгинэн сүүрэн иһэрин көрө-көрө ытаһан аймаммыппытын адьас бу баардыы өйдүүбүн. Онно аҕабыт:  “Бэйи, кыратык тулуйа түстүн. Сотору кэлэн ылаттыам”, — диэн биһигини уоскуппута. Ол буолан, ынахтарын, кууруссаларын, ытын ыла тиийбитэ, арай, ыта суох үһү. Хаалбыт малын, сүөһүлэрин ылан буочуканан болуот охсунан тиэйтэлээн, уута түһэн хаалбыт өрүһүнэн, икки улахан уораны туораан, собус-соҕотоҕун төһө өр айаннаахтаабыта буолла, биир үтүө сарсыарда тиийэн кэлээхтээбитэ. Билигин улаатан баран сөҕөбүт ээ, аҕабыт бэйэтин чахчы кыанар, хорсун киһи буолан, киһи ылбычча санаммат, ылсыбат даҕаны ыарахан айанын айаннаабыт эбит диэн. Аҕабыт кэлэн, ынахтарбыт кэлэн, үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут. Арай өйдөөбүппүт, Мэчэкэбит суох эбит. Ыйыппыппытыгар, “кэлсибэтэ, сүтэн хаалбыта дииллэр ыалларбыт” диэтэ. Биһиги хомойон эмиэ ытаһыы бөҕө буоллубут. Ону эбээбит: “Өйдөөх ыт сүтүө суоҕа. Хаар түһүөн иннинэ булан кэлиэ”, — диэн уоскутта. Аара Хордоҕой, Наахара, Кириэстээх бааллар. Онно көрдүү-көрдүү кэлэр ини дэстилэр. Кырдьык, оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпытына, саҥа хаар түһүүтэ, сарсыарда оскуолаҕа бараары таһырдьа тахсыбыппыт, ааҥҥа ыппыт сытар эбит. Оо, ону көрөн биһиги үөрүү-көтүү бөҕө буолбуппут.

Убайбыт улаатан, бэйэтэ бултуур буолбута. Мэчэкэтэ куска, куобахха тэҥҥэ сылдьара. Кэлин кырдьан, аанньа истибэт эҥин буолаахтаабыта. Ол да буоллар, кыра оҕолор оонньуу бардахтарына, үгэһинэн батыһа сылдьара. Биирдэ оннук батыһан барбытын, тэйиччи олорор ыаллар кэйиик ынахтара оҕолору сырсыбыт. Оҕолор күрүө анныгар куоппуттар. Оттон ыттара оҕолорун көмүскээн утары үрэ турдаҕына, ол ынах күрүө баҕанатыгар кыһайан, дэлби кэйэн, тэпсэн кэбиспит этэ. Оҕолор кэлэн тыллаабыттарыгар баран көрбүппүт, ыппыт муҥнаах түүтэ дэлби бураллан, хаан буолан, нэһиилэ тыынан сурдургуу сытаахтыыра. Аҕабыт көтөҕөн дьиэбитигэр аҕалбыта. Киэһэлик Мэчэкэбит барахсан уу-чуумпутук сытан өлөн хаалаахтаабыта. Уон үс сыл устата дьиэ кэргэммит сорҕото буолбут ыппытын бары наһаа аһыйбыппыт. Кэлин син элбэх ыты ииппиппит да, Мэчэкэбит курдук өйдөөх ыт суох.

Күндүүнэ Сайдам.

Хаартыскалар: интэриниэт ситимиттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0