Кулун тутар 23 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, Балыктаах сынньалаҥ киинигэр, СӨ култууратын туйгуна Вера Егоровна Шишигина аатынан улуустааҕы «Бэһиэлэй Бэсэлээйдэр» көр-күлүү күрэхтэһиитэ бэрт сэргэхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла.
«Быары тарбыыр» күөн күрэскэ Төҥүлүттэн, Тараттан, Аллараа Бэстээхтэн, Лоомтукаттан, Дойдуттан, Балыктаахтан уопсайа аҕыс кэлэктиип уонна көрү-нары көҕүлүттэн туппут биирдиилээн дьон кытыннылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Охлопкова А.И – «Көөчөөн – көрө» мини театр салайааччыта., Шишигина Л.Е. – Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин информационной – маркетинговой салаа салайааччыта, Мохначевский А.Р – «Идея» фирма дириэктэрэ, Стручков А.В.— «Көөчөөн – көрө» мини театр артыыһа үлэлээтилэр.
Көрөөччүлэрбититтэн Ньукулай Уйбаныап (Балыктаах) тутатына хоһоон айда. Ону ааҕааччыларга таһаарарга быһаарынныбыт.
Биэрэбит сырдык кэриэһигэр,
Бэһиэлэй бэсэлээйдэр көҕүлээннэр
Бэтиэхэлээх бэртэрэ
Биһирэмнээн кэлэннэр
Бэрт бэһиэлэй сыанкалары көрдөрдүлэр.
Балыыһа үлэһиттэрин бэтиэхэлээхтэрэ
Буоларын курдук өрүүтүн
Инники күөҥҥэ сылдьаллар,
Иккис кылаас кырачаан оҕолоро
Чыыбы,чаабы чабырҕаҕы
Чобуо баҕайытык толороннор
Дьон биһирэбилин ыллылар.
Аида кыыспыт арааһынайдаан
Артыыстаан туттан-хаптан
Чахчы сыана бэтэрээнэ буоларын
Чаҕылҕайдык дакаастаата.
Көрүдьүөһү күөдьүтээччилэргэ,
Күлүүнү-үөрүүнү бэлэхтээччилэргэ,
Куруутун да маннык
Үөрдэ-көтүтэ сылдьаарыҥ диэн
Баҕа санаабын тиэрдэбин.
Балыктаах олохтооҕо Марфа Харитонова – Чөмчүүнэ хоһооно:
Кылгас кэмҥэ күлүм гынан
Үтүө өйдөбүлү хааллардыҥ,
Көр- күлүү аргыстаах
Дьүөгэм Биэрэ барахсан.
Санаан аастым үөрэммит
Көрдөөх кэрэ кэммитин,
Аан бастаан билсибит
Күһүҥҥү дьоро күнү.
Харахпар элэҥнээн аастылар
Устудьуон көрдөөх олоҕо,
Белай гора, Сулҕаччы
«Хомус» тутар этэрээт.
Биэрэ мэлдьи инники
Үлэ үөһүгэр буолааччы,
Кыайар, хотор, мындыр
Үлэттэн толлон турбата.
Салайар, дьаһайар талааннаах
Дьоннуун үтүө сыһыаннаах,
Дьүөгэм Биэрэ барахсан
Өйдүүбүт, саныыбыт эйиигин.
Күрэс түмүгүнэн анал ааттар туттарылыннылар. Ол курдук, «Дьахталларга бастыҥ оруол» — Антонина Прибылых (Балыктаах), «Эр дьоҥҥо бастыҥ оруол» — Михаил Цыпандин (Тарат), «Артыыс аартыгын айанньыта» — Владимир Габышев (Балыктаах), «Көрөөччү биһирэбилэ» — Александр Захаров (Лоомтука), «Бэһиэлэй Бэсэлээйдэр сулустара» — Аида Кычкина (Балыктаах), «Көөчөөн Көрө» анал бирииһэ — Евдокия Баишева (Төҥүлү).
3-с ст.диплом — «Тиэхэлээх тэбэнэттэр», Төҥүлү (сал. Поликова М.М.). 2-с ст.диплом – Араҥас нэһилиэгэ (сал. Цыпандин М.Р.). 1-кы ст.диплом — Балыктаах учаастактааҕы балыыһатын кэлэктиибэ (сал. Трифонова Е.А.).
3-с ст.лауреат — «Айыллыы» фольклорнай бөлөх, Аллараа Бэстээх (сал. Степанова А.Н.). 2-с ст.лауреат — «Эрэл» инбэлииттэр уопсастыбалара, Балыктаах (сал. Бродникова П.). 1-кы ст.лауреат — «Кучутова Бэтиэхэлэрэ», Дойду (сал. Харитонова А.А.). Кылаан бириис үрдүк аатын быйыл «Бэтиэхэлээх балыктаахтар», Балыктаах, (сал. Дохунаев П.В.) ылан үөрүү-көтүү аргыстаннылар.
Бу дьон-сэргэ долгуйа, үөрэ-көтө көһүтэр көрүн- күлүүтүн күрэхтэһиитин тэрийиигэ бириистэри туруорбут «Мэҥэ нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыгар Куприянов А.В., Мэҥэ Хаҥалас улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыы управлениетын начаалынньыгар Аргунов Д.И., «Көөчөөн — көрө» театр кэлэктиибигэр, салайааччы Охлопкова А.И, Балыктаах орто оскуолатын 1982 с. бүтэрбиттэргэ уонна эдьиийбит оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолоругар, строй этэрээккэ бииргэ сылдьыбыт кыргыттарыгар, таайбыт Харитонов М.И. саҥаспыт Габышева П.П., оҕолоругар, Стручков Д.Д., Мохначевскай А.Р., Нарыйа, Андрей Егоровтарга, Ньургуйаана, Софрон Дьяконовтарга, Шишигиннар дьиэ кэргэттэригэр уонна кыттыыны ылбыт кэлэктииптэргэ барыларыгар, күүс-көмө буолбут бар дьоммутугар, кэллиэгэлэригэр барҕа махталбытын тириэрдэбит. Биир идэлээхтэрбитин култуура күнүнэн эҕэрдэлиибин, үлэҕит таһаарыылаах буоллун, элбэх киһини кытта алтыһан үөрэ-көтө, өрө көтөҕүллэн сэргэхтик сылдьаргытыгар баҕарабын, доруобай, дьоллоох буолун!
Любовь ШИШИГИНА