Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, Аллараа Бэстээххэ, «Мэҥэ уус» тэрээһин үһүс төгүлүн ыытылынна. Бу долгутуулаах түһүлгэни «Олоҥхо дьиэтэ» этнокултуура улуустааҕы киинэ (дириэктэр Е.Н.Иванова) култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын өйөбүлүнэн сыллата өрө көтөҕүллүүлээхтик тэрийэр.
Быйылгы түһүлгэҕэ 12 нэһилиэктэн кытыннылар. Бу туһунан сиһилии улуустааҕы «Олоҥхо дьиэтэ» этнокултуура киинин дириэктэрэ Евдокия Иванова кэпсээтэ.
Күүтүүлээх тэрээһин чэрчитинэн ыытыллыбыт «төгүрүк остуолга», бастатан туран, улууска норуот уус-уран оҥоһугун сайыннарыы, кэҥэтии, үтүө үгэһи тиһиктээхтик салҕааһын, эдэрдэри угуйуу, үөрэтии-такайыы туһунан киэҥ кэпсэтии буолбут. Дьүүллэһиигэ улуустааҕы култуура управлениетын начаалынньыга Дмитрий Аргунов, бизнес-инкубатор дириэктэрэ Николай Скрябин, үөрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Вера Тимофеева, «Олоҥхо дьиэтэ» этнокултуура киинин исписэлииһэ Роман Петухов, Дьокуускайтан А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Яна Игнатьева, «Симэх» норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинин дириэктэрин солбуйааччы Дмитрий Осипов кыттыбыттар.
—Мэҥэ Хаҥалас улууһун тарбахтарыгар талааннаах дьоно-сэргэтэ Аллараа Бэстээх сүрүн уулуссатынан сэлэлээн хаамыылара болҕомтону тарта. Бу үөрүүлээх хаамыыга тэрээһин бары кыттааччылара уонна ыҥырыылаах ыалдьыттар кыттыбыттара кэрэхсэбиллээх, сүргэни көтөҕөр. Маннык сомоҕолоһон хаамыыбыт Кыайыы болуоссатыгар оһуохайынан түмүктэннэ. Барыта 80 киһи көхтөөхтүк кытынна, үөрдэ-көттө.
Бэртээхэй быыстапкаҕа уустар оҥорбут кырасыабай остуоллара, олоппосторо, саха быһахтара, кыбытыылаах тигиилэр, кылтан сэлээппэлэр, паннолар, олбохтор, дэйбиирдэр, о.д.а. күн талбыта, эгэлгэтэ тардыллыбыта көрүөхтэн кэрэ. Бииртэн биир мааны, астык оҥоһугу дьүүллүүр сүбэ көрөн-истэн баран, нэһилиэктэринэн түмүгү таһаарда. 1 миэстэни Төхтүр, 2 бочуоттаах миэстэни Хаптаҕай, 3-с бириистээх миэстэни Тумул уран тарбахтаахтара ылан үөрүү-көтүү бөҕө буоллулар. Кинилэргэ дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан дипломнар уонна өйдөбүнньүк статуэткалар туттарылыннылар. «Симэх» норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинин дириэктэрин солбуйааччы Дмитрий Константинович Осипов СӨ норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара дастабырыанньаны уонна түөскэ кэтиллэр анал бэлиэни Бүтэйдээх олохтооҕор, уран тарбахтаах иистэнньэҥҥэ Елена Дмитриевна Сергееваҕа дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан туттарда. Бу үөрүүлээх күн норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһугун харыстааһыҥҥа, тарҕатыыга сүҥкэн кылааттарын иһин «Мэҥэ уус» уонна «Дархан уус» бочуоттаах ааттар норуот маастардарыгар иҥэрилиннилэр, — диэн кэпсээтэ.
«Симэх» национальнай киин «Олоҥхо дьиэтэ» этно-култуура киинин кэлэктиибигэр, тустаан дириэктэр Евдокия Николаевна Ивановаҕа, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа управлениетын кэлэктиибигэр Норуот маастарын күнүн чэрчитинэн сыллата бэртээхэй тэрээһини өрө көтөҕүллүүлээхтик, кыһаллан, болҕомтолорун ууран тэрийэллэригэр махталын тиэртэ.
Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru