Бүгүн, сэтинньи 10 күнүгэр, дойду үрдүнэн уруккунан Милииссийэ, билиҥҥинэн Ис дьыала уорганын үлэһитин күнэ бэлиэтэнэр. Идэлээх бырааһынньыктарынан сибээстээн, бүгүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ис дьыалаҕа отделын үлэтин билиһиннэрэбит. Кэпсэтэр киһим – отдел начаалынньыга, полковник Василий Пономарев.
Визитка:
Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Тумул бөһүөлэгэр, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Оскуола кэнниттэн армияҕа сулууспалаабыт. Ол кэнниттэн Красноярскай куоракка милииссийэ оскуолатыгар үөрэммит.
Ис дьыала уорганнарыгар сулууспатын Уус Алданнааҕы Ис дьыала отделын холуобунай ирдэбилиттэн саҕалаабыт, бу сулууспаҕа уопсайа 22 сыл кэриҥэ үлэлээбит.
Онтон Амма улууһун Ис дьыалаҕа отделын начаалынньыгынан үлэлии сылдьан, 2014 сыл от ыйыттан төрөөбүт дойдутугар, Мэҥэ Хаҥаластааҕы Ис дьыала отделын начаалынньыгынан ананан үлэлии сылдьар.
— Василий Иванович, улуускутугар бу сыл 9 ыйын түмүгүнэн буруйу оҥоруу туруга хайдаҕый?
— Биһиги улууспут географическай балаһыанньата уратытынан, ол эбэтэр, икки федеральнай — «Халыма», «Лена», үс өрөспүүбүлүкэтээҕи — «Амма», «Мүрү», «Абалаах» айан суоллара ааһалларынан, кэлэр-барар дьон элбэҕинэн, уоруулары арыйыыга ыарахаттары көрсөбүт.
Биһиэхэ эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбэх уоруу тахсар. Ырытыы көрдөрөрүнэн, бу буруйдар тахсар биир сүрүн биричиинэлэринэн нэһилиэнньэ, биирдиилээн дьон бас билэр малларыгар бэйэлэрин дьалаҕай сыһыаннара буолар. Ол курдук, уоруу 70%-на дьон бэйэтин дьалаҕайыттан тахсар.
Итиэннэ бу кэнники кэмҥэ үйэ хаамыытынан, түөкүннээн уоруу элбээтэ. Холобура, интэриниэт нөҥүө мал-сал атыылыыбыт диэн тыа сирин дьонун албыннаан, харчы ыыттаран баран, кураанах баһыылкалары ыытар, баан үлэһиттэринэбит диэн суотабай төлөпүөнүнэн эрийэн, баан каарталарын дааннайдарын ылан, харчыларын устар түгэннэрэ олус элбээтэ. Дьону итинник буруйдартан сэрэтэр, түөкүннэргэ киирэн биэрбэттэрин курдук ис хоһоонноох ыстатыйалары хаһыакка бэчээттэтэбит. Маны таһынан, өйдөтөр-сэрэтэр тэрээһиннэр кэмнэригэр, сүрүннээн, аҕа саастаах дьоҥҥо дьиэлэринэн кэрийэ сылдьан кэпсиибит.
Ону таһынан, түбэһиэх дьону кытта иһэн-аһаан, араас эчэйиини ылан эмсэҕэлээччи да аҕыйаҕа суох.
— Буруйу оҥорооччулар туһунан ыйыттахха, дьахтар аймах сокуону кэһиитэ эһиэхэ хайдаҕый?
— Буруй уопсай ахсааныттан 20-25%-нын дьахталлар оҥордулар. Быйылгы сылга бэлиэтэнэринэн, биир дьахтар хас да буруйу онорор. Кэрэ дэнэр аҥар сокуону кэһиитин сүрүн төрүөтүнэн итирдэр утаҕынан үлүһүйүүтэ, үлэ-хамнас суоҕа буолар.
— Оттон сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор буруйу оҥоруулара төһө таҕыста?
— Былырыыҥҥытын курдук. Оҕо сокуону кэһиитин сүрүн биричиинэтинэн төрөппүттэр өттүлэриттэн оҕо иллэҥ кэмин хайдах, кимниин атаарарын хонтуруоллаабаттара буолар.
— “Рецидивнэй” дэнэр, урут сууттана сылдьыбыт дьон буруйу оҥоруута тахсар дуо?
— Былырыыҥҥы көрдөрүүнү кытта тэҥнээтэххэ, бэрт кыранан аччаан турар. Онуоха маннык быһыы-майгы холуобунай накаастабылы толорор сокуоммут ирдэбилэ сымнаҕаһыттан, сокуон ситэтэ суоҕуттан тахсар диэн санаалаахпын.
— Наркотигы эргитиини утары охсуһуу үлэтэ хайдаҕый?
— Быйыл үрдүк таһаарыылаахтык барда диэхпин баҕарабын. Ол курдук, бүтүн Арассыыйатааҕы «Мак-2017» сэрэтэр эпэрээссийэ кэмигэр уопсастыбаннас көмөтүнэн, көлөппүнэ үүнэр 9 нэһилиэгэр уопсайа 888 киилэ ыйааһыннаах 17 га сиргэ бу үүнээйини суох оҥордубут.
— Экстремистскэй дьайыылары сэрэтиигэ үлэ ыытыллар дуо?
— Биһиги улууспут, ити үөһэ этэн аһарбытым курдук, айан суоллара түмүллэр сирдэрэ буолан, атын омук гражданнара сөбүлээн кэлэллэр. Сүрүннээн, Орто Азия омуктара — узбектар, таджиктар, киргизтэр уонна казахтар — кэлэллэр. Ону таһынан, Украина уонна Армения омуктара ыалдьыттыыллар. Экстремизми утары үлэни ыытабыт. Улууспут киинигэр, Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр, үс национальнай община баар (чеченнэр, узбектар, армяннар). Бу общиналар салайааччыларын кытары ыкса үлэлэһэбит. Омуктар өттүлэриттэн бу ыйыллар кэм иһигэр буруйу оҥоруу тахсыбата.
— Суолга быһыы-майгы хайдаҕый?
— Суол быһылаана аҕыйаата буолан баран, ол түмүгэр, киһи өлүүтүн ахсаана элбээһинэ бэлиэтэннэ.
— Сүөһү уоруута эһиги улуускутугар тахсааччы дуо?
— Урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэ, быйыл сүөһүнү уоруу туһунан сайабылыанньа да, иһитиннэрии да киирбэтэ. Ол эрээри, нэһилиэктэргэ дьон идэһэтин этин аһаҕас сарайдарга уурарыттан, сөптөөхтүк харайбатахтарыттан уоруу тахсыбыта, буруйдаах булуллан, дьыалата суукка ыытыллыбыта.
— Аны отдел олоҕун, үлэһиттэр тустарынан ыйыта түһүүм. Участковай боломуочунайдар бары нэһилиэктэри хабан көрөллөр дуо?
— 19 участковайдаахпыт, ол иһигэр, участковайдар начаалынньыктара. Биир участковай ортотунан 3-4 нэһилиэги көрөр, онон, нэһилиэктэр бары хабыллан олороллор. Маны таһынан, хас нэһилиэк аайы участковайдарга биһиги штаты таһынан сотрудниктарбыт, ДНД уонна ЮДП (“Юные друзья полиции”) этэрээттэрэ күүс-көмө буолаллар. Түгэнинэн туһанан, Нөөрүктээйи (баһылык Н.Г.Федоров) уонна Бэдьимэ (баһылык Ф.К.Баишев) олохтоох дьаһалталарыгар махталбытын биллэрэбит. Участковайдарбытын дьиэнэн-уотунан хааччыйалларыгар, сөптөөх усулуобуйа тэрийэллэригэр.
— Эһиги отделгытыгар урут мин хаста да сылдьыбыттааҕым – Майаҕа эргэ дьиэҕитигэр даҕаны, Аллараа Бэстээххэ саҥа дьиэҕит аһыллыытыгар даҕаны. Билигин материальнай-техническэй өттүнэн хааччыллыыгыт хайдаҕый?
— Урукку сылларга үлэлиир усулуобуйа, кырдьык, сүрдээх ыарахан, оччолорго кэмэ оннук этэ. Кистэл буолбатах, Майатааҕы отделга сайын өҥүрүк куйааска кабинеппыт ортотугар чаллырҕас ууну кэһэ сылдьан үлэлиирбит, ол барыта киһи доруобуйатыгар, үлэ хаачыстыбатыгар охсуулааҕа биллэр.
Үлэлиир усулуобуйа баар буоллаҕына, үлэ түмүктээх буоларын бары билэбит. Манна ананан кэлэрбэр, отделбыт дьиэтин иккис комплексын тутан үлэҕэ киллэртэрии, личнэй састаапка үлэ усулуобуйатын тэрийии бастакы сыалынан-соругунан турбута. Ол сыалбытын-сорукпутун ситиһэн, билигин саҥа комплекска үлэлии олорорбутуттан олус үөрэбит. Үлэбит усулуобуйата, материальнай-техническэй базабыт аныгы кэм ирдэбилигэр толору эппиэттиир, ону тэҥэ, сотрудниктартан ирдэбил эмиэ күүһүрэр.
— Бырааһынньыккытынан сибээстээн, түгэнинэн туһанан, бастыҥ полицейскайдаргын ааттыаҥ дуо?
— Үлэһиттэрбин үчүгэй-куһаҕан диэн араарбаппын, бары биир киһи курдук түмсүүлээхтик үлэлээн, көрдөрүүбүт сыл аайы тупсан иһэр. Биир күдьүс көрдөрүүлэринэн өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьалларынан, силиэстийэлиир отдел салайааччыта, юстиция подполковнига Марианна Кривошапкинаны, дознание бөлөҕүн салайааччыта, полиция майора Нюргуяна Иванованы, холуобунай ирдэбил отделениетын салайааччыта, полиция майора Сергей Даниловы бэлиэтиэм этэ. Маны сэргэ, участковай боломуочунайдар Дмитрий Прокопьев, Михаил Попов, суолга куттал суох буолуутун иниспиэктэрэ Захар Владимиров эдэр полицейскайдарга үтүө холобур буолаллар.
PS: Василий Пономарев бүгүн «полковник» званиетын ылла. Эҕэрдэлиибит!
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаларга: Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ис дьыалаҕа отделын күннээҕи олоҕуттан.