“Мэҥэ өйдөбүл” бырайыак: Магадантан саҕалаан – Берлиҥҥэ!

Ааптар: 
03.05.2017
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Улуу Кыайыы 72 сылыгар туһуламмыт тэрээһиннэргэ бэлэмнэнии саҕаланна. edersaas.ru

Кимнээх эрэ параадка кыттаары, бэтэрээннэргэ көмөлөһөөрү, өйдөбүнньүктэри саҥардаары түбүгүрэр буоллахтарына, мин соторутааҕыта биир уопсастыбаннай тэрилтэ бэрт сонун хайысханы тобулан, ол ону олоххо киллэрэн эрэрин туһунан иһиттим.

Бу туһунан “Мэҥэ өйдөбүл” федеральнай бырайыак Саха сиринээҕи уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Саргылаана Неустроеваны кытта кэпсэтэбит.

— Улуу Кыайыы 75 сылыгар бэлэмнэнэн, араас хайысхалаах үлэни ыытан эрэргитин иһиттим. Ол аахсыйаҕытын аны түөрт сылынан Берлиҥҥэ тиийэн түмүктүүр үһүгүт дии? Бу кырдьык дуо?

— Дьэ, кырдьык. Бу тэрээһин историята былырыын ыам ыйыгар саҕаламмыта. 2016 сыллаахха 10 улуус сүүрүк спортсменнара Уус Маайа улууһугар баар Сэттэ Дабаан хайаҕа өйдөбүнньүк бэлиэ туруоран кэлбиттэрэ. 1700 км сүүрүү аахсыйатын сүрүн соруга — “Мэҥэ өйдөбүнньүк” федеральнай бырайыак чэрчитинэн сэрии кэмигэр Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таспыт холкуостаахтар ааттарын үйэтитии.

— Быйылгыттан ыла федеральнай бырайыагы олоххо киллэриигэ үлэлэһэр бырайыак саҥардыллыбыт састааба үлэтин саҕалыырыгар: “Саха норуотун сомоҕолуур төрүт нэһилиэстибэбит мэҥэ өйдөбүлүн үс улахан хайысхаҕа – докумуон (архыып), материальнай (өйдөбүнньүктэр, ытык сирдэр), духуобунас (уопсастыбаннай түмсүүлэр үлэлэрэ) — арааран үлэлиэхпит” диэн бэлиэтээбиккит. Бу хайысхаларгытын тутуһар буоллаххыт?

— Былырыыҥҥы “Мэҥэ өйдөбүнньүк” тэрээһиҥҥэ сүүрүк-спортсменнар эрэ буолбакка, Национальнай архыып дириэктэрин 1-кы солбуйааччы Наталья Малышева салайааччылаах бу тэрилтэ үлэһиттэрэ эмиэ кыттыыны ылбыттара. Кинилэр архыып бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыт кинигэлэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрэн баран, олохтоох бибилэтиэкэлэргэ бэлэх ууммуттара. Онон докумуон (архыып) “Мэҥэ өйдөбүл” сүрүн бырайыак сүрүн хайысхата буоларын быһыытынан ыытар үлэбит тирэҕинэн буолар.

— Быйылгы Улуу Кыайыы сылыгар бу аахсыйаны ыытарга тугу бэлэмниигитий?

— Биллэн турар, бу харах уулаах бырааһынньыгы биир күнүнэн — ыам ыйын 9 күнүгэр эрэ бэлиэтээһининэн муҥурдаммаппыт чахчы. Ол туоһутунан быйылгы Улуу Кыайыы 72 сылыгар анаммыт үтүө бачыым Саха сирэ Арассыыйаҕа холбоспутун 385, Арассыыйаҕа Экология уонна Саха сиригэр Ыччат сылларынан биллэриллибит суолталаах сабыытыйаларга ананыаҕа. Онон сүүрүү аахсыйаҕа биэс ыччат уонна биэс бэтэрээн сүүрүк-спортсменнар кытталлара быһаарылынна. Дьокуускайтан Магадааҥҥа диэри «Халыма» федеральнай трасса устун сүүрүүнү Ааллаах Үүҥҥэ сүүрүүнү тэрийсибит РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, чэпчэки атлетикаҕа РФ спордун маастара Егор Абрамов сүрүннүөҕэ. Бу тэрээһини Арассыыйа таһымыгар былааннаабыппыт.

—   Ол аата Арассыыйа регионугар сүүрүүнү тэрийэр буоллаххыт дуу?

— Тэрийээччилэр уонна сүүрүк спортсменнар сүбэлэһэн баран, аахсыйаны Саха сирин кытта ыаллыы сытар Магадан уобалаһыгар ыытарга быһаарыммыппыт. Магадан уобалаһын уонна Саха сирин сибээстиир өрүт үгүс.

— Оччотугар эн Өймөкөөн улууһун киинигэр командировкаҕа сылдьар кэмҥэр уобалас губернатора Владимир Печенай бэйэтинэн тиийэн кэлбит эбит дии?

— Өймөкөөҥҥө оптоволокнону олоххо киллэриинэн ыытыллар тэрээһин кэмигэр мин СӨ Дьахталларын Сойууһун салайааччыта Анжелика Андрееваны кытта президиум чилиэнин быһыытынан улуус дьахталларын сэбиэтин үлэтин билсэ сылдьыбытым. Ону тэҥэ, «Мэҥэ өйдөбүл» федеральнай бырайыак Саха сиринээҕи уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлин быһыытынан Уус Ньараҕа үлэм хайысхатынан историческай өйдөбүнньүктэри үөрэтэ сылдьар кэмим этэ. Онон Магадан уобалаһын губернатора бэйэтинэн тиийэн кэлбит тоҕоостоох түгэнин мүччү туппатаҕым. Владимир Печенайы кытта сирэй көрсөн, «Биир ньыгыл баартыйа» чилиэнин быһыытынан, бу хайысхаҕа туох көрүүлээхпин билиһиннэрбитим уонна Саха сирин кытта Магадан уобалаһа «Мэҥэ өйдөбүл» («Историческая память») федеральнай бырайыак чэрчитинэн бииргэ үлэлээһин торумун оҥорон баран, Сөбүлэсиһии түһэрсэргэ этии киллэрбитим. Уобалас губернатора Владимир Печенай бу бырайыагы сүрүннүүр бөлөх Магадаҥҥа олус тэрээһиннээх уонна күүстээх үлэни ыытарын бэркэ астынан бэлиэтээбитэ. Саха сирин уонна Магадан уобалаһын уопсастыбанньыктара Арассыыйа таһымыгар бииргэ үлэлээһиннэрин өйүүргэ бэлэмин биллэрбитэ уонна Сөбүлэсиһии докумуонугар илии баттаһыы сиэрин-туомун Магадан куоракка ыытарга этии киллэрбитэ.

— Биллэн турар, маннык суолталаах тэрээһиҥҥэ аҥаардас илии баттаһыытынан муҥурдаммаккыт чахчы. Аахсыйа чэрчитинэн туох үлэ барыаҕай?

— Бу күннэргэ Улуу Кыайыы тэрээһиннэригэр бэлэмнэнии чэрчитинэн, Магадан уобалаһын уопсастыбанньыктарын кытта бу аахсыйабытын ыытарга былааннаах үлэбитин саҕалаатыбыт. Бырайыак чэрчитинэн, аны күһүн балаҕан ыйыгар Дьокуускайтан Магадааҥҥа диэри сүүрүүнү саҕалыырга былаанныыбыт. Ыаллыы сытар Магадан уобалаһын уонна Саха сирин уопсай историческай сабыытыйалар сибээстииллэрин быһыытынан, докумуоннары кытта үлэлэһиини саҕалыахпыт. Магадааннар Арассыыйа таһымнаах өйдөбүнньүктэри көрүүлэрин-харайыыларын үөрэтиэхпит, мусуойдарынан экскурсияларга сылдьыахпыт, үлэ уопутун атастаһар “төгүрүк остуоллары” ыытыахпыт, холбоһуктаах кинигэ уонна сурунаал таһаарыытыгар үлэлэһиэхпит. Онон СӨ Айылҕа харыстабылын, Ыччат уонна дьиэ кэргэн министиэристибэлэрин уонна Национальнай архыыбы кытта холбоһуктаах үлэ торумун бэлэмнээн эрэбит.

… Ити курдук, федеральнай таһымнаах «Мэҥэ өйдөбүл» бырайыак Арассыыйа таһымыгар тахсар бастакы олуга Магадан уобалаһыгар ууруллуоҕа. Онтон сыл аайы регионнарынан бу курдук бииртэн биир суолталаах аахсыйаны ыытан, бырайыак салайааччылара спортсмен сүүрүктэрин кытта Улуу Кыайыы 75 сылын тэрээһиннэрин Берлиҥҥэ түмүктүүр санаалаахтар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

 

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0