Ааспыт нэдиэлэҕэ биир олус дириҥ ис хоһоонноох бырайыак бэрт сонун хайысханан саҕаланна. Суолталаах бырайыагы норуот бэйэтэ бэргэнник сүрэхтээтэ – “Мэҥэ өйдөбүнньүк”.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Бу мин кэпсиир бырайыагым биир чаас иһигэр Саха сирин барытын хапта. Ханнык баҕарар суолталаах тэрээһин дьону-сэргэни мунньан, бэрт үгүс үлэнэн тэриллэн ыытыллар.
“Мэҥэ өйдөбүнньүк” федеральнай бырайыак салалтата үлэ хайысхатын торумнуурга улахан олугу уурда. Өксөкүлээх Өлөксөй институтун дириэктэрэ, “Өксөкүлээх эргимтэтэ” хамсааһын түс киһитэ Людмила Кулаковская, “СӨ Национальнай архыыба” судаарыстыбаннай казеннай тэрилтэ дириэктэрин 1-кы солбуйааччы Наталья Малышева, СӨ Култуурунай эбийиэктэри харыстыыр департамент салайааччыта Айталина Захарова бырайыак салалтатын кытта Саха араадьыйатыгар тахсан, “Мэҥэ өйдөбүнньүк” бырайыак үлэтин ис хоһоонун ырыттылар. Араадьыйа истээччилэрэ биэриигэ актыыбынайдык кыттан, өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо бу тэрээһиҥҥэ барыта кытынна диэтэхпинэ да, сыыспатым буолуо. Суруналыыс Ньургуйаана Филиппова “Мэҥэ өйдөбүл” федеральнай бырайыак туһунан ыыппыт биэриитигэр истээччилэр хото кытыннылар. Ол курдук, хаҥаластар киин куорат биир уулуссатыгар Гавриил Ксенофонтов аатын иҥэрэргэ, уус-алданнар Бартыһаан Дьөгүөрэптэрэ төрөөбүтэ 130 сылын туоларыгар кэккэ этиилэри киллэрдилэр.
«Мэҥэ өйдөбүнньүк» федеральнай бырайыак туох ис хоһооннооҕуй, силистээҕий-мутуктааҕый? Ханнык баҕарар норуот бэйэтин дойдутун баай историятыгар сүгүрүйүүтэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр. Ол да иһин бэргэн этии баар: “Уруккута суох билиҥҥи суох, билиҥҥитэ суох кэлэр кэм суох” диэн. Бу өрүтү учуоттаан, “Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа дойду норуоттарын култуурунай уонна духуобунай нэһилиэстибэлэрин харыстыыр, көмүскүүр, байытар соруктаах “Мэҥэ өйдөбүл” («Историческая память») диэн федеральнай бырайыагы дойду 62 регионугар олоххо киллэрэн үлэлэтэр. Саха сиригэр “ньыгыллар” 26 араас хайысхалаах бырайыагынан үлэлиир буоллахтарына, “Мэҥэ өйдөбүл” — онтон биирдэстэрэ.
Быйылгыттан ыла федеральнай бырайыак Саха сиринээҕи салаатын салалтата уларыйан, саҥа састаабынан үлэлиир. “Мэҥэ өйдөбүл” сүрүннээччитинэн (координатор) Ил Түмэн дьокутаата Дмитрий Семенов, оттон бырайыак бэрэссэдээтэлинэн СӨ Дьахталлар сойуустарын президиумун чилиэнэ, “Амма кырдалын ыччата” уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Саргылаана Неустроева буоллулар.
Суолталаах хамсааһын, бастатан туран, тэрээһинтэн тутулуктааҕа чахчы. Бу күннэргэ “Мэҥэ өйдөбүл” федеральнай бырайыак салалтата өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах биэдэмистибэлэр уонна уопсастыбыннай тэрилтэлэр салайааччыларын кытта сирэй көрсөн кэпсэтэн, кэскиллээх үлэ былаанын торумнаата. Ол курдук, биир бастакынан СӨ Арассыыйатааҕы байыаннай-патриотическай уопсастыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Руслан Васильевы кытта көрсөн, патриотическай хайысхалаах үлэни тэрийиигэ сүбэлэстэ.
Биир дьоһуннаах кэпсэтии бэтэрээннэри кытта көрсүһүүгэ таҕыста. Тыыл бэтэрээнэ Иван Мохначевскай Аммаҕа “Кыайыы аллеятын” олордорго көҕүлээн, айан суолугар улуус киинигэр киирии икки өттүнэн – бииригэр сэриигэ ыҥырыллыбыт дьон, утары – сэрии толоонугар хаалбыт саллааттар ахсааннарынан мас олордуллубута. 1929 с. төрүөх, сааһын тухары эҥкилэ суох байыаннай үлэҕэ үлэлээбит ытык кырдьаҕас, төһө да 88 сааһыгар сырыттар, олох үөһүгэр сылдьан, ыччат дьоҥҥо бастыҥ холобурунан буолар. Сүбэ мунньахха Иван Иосифович Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар уонна куораттарыгар “Кыайыы аллеятын”олордор хамсааһыны тэрийэргэ этии киллэрдэ. “Мэҥэ өйдөбүл” бырайыак салалтата бу этиини өйөөтө уонна сотору кэминэн өрөспүүбүлүкэҕэ ыҥырыы таһаарыаҕа.
— Бастатан туран, “Мэҥэ өйдөбүл” бырайыак уопсастыбаны хамсатар күүс буолар. Саха улуу бөлүһүөгэ Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 140 сылынан сибээстээн, ыччат түмсэн эрэрэ олус хайҕаллаах суол. Нэһилиэктэр баһылыктара Өксөкүлээх “Саха интеллигенциятыгар суругунан» үлэбитигэр сирдэтинэбит дииллэрин олус үөрэ истэбин. Ол иһин биһиги улуустарынан сылдьан, хас биирдии нэһилиэк бэйэтин мэҥэ өйдөбүлүн өрөспүүбүлүкэ таһымыгар таһааран, саха норуотун духуобунай баайын сайыннарар соруктаах үлэлиибит, — диэн санаатын тиэртэ “Өксөкүлээх эргимтэтэ” хамсааһын түс киһитэ Людмила Кулаковская.
— Национальнай архыыпка норуот мэҥэ өйдөбүлүн кэрэһилиир докумуоннар билигин дьон билиитигэр-көрүүтүгэр, туһаныытыгар сылдьаллар. Биһиги тэрилтэбит бу кэскиллээх федеральнай бырайыакка кыттыһан, кыраайы үөрэтээччилэри кытта көрсүһүүлэргэ, архыып хайысхатыгар үлэлэһэр уопсастыбанньыктарга сэминээрдэри ыытарга бэлэммит, — диэн бэлиэтээтэ архыып эппиэттээх үлэһитэ Наталья Малышева.
— Ытык сирдэри харыстыырга дьаныһан туран үлэлиир дьону кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибит. Кинилэр көҕүлээһиннэринэн өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах реестргэ 60-ча култуурунай эбийиэк киирдэ. Холобура, Тулагыга Светлана Борисова диэн дойдутун туһугар туруулаһан үлэлиир уопсастыбанньык 18 ытык өйдөбүнньүгү пааспардаан, суолталаах докумуоҥҥа киллэртэрдэ. Ити курдук, хас улуус, нэһилиэк аайы реестргэ киириэн сөптөөх өйдөбүнньүк, ытык сир үгүс. “Мэҥэ өйдөбүл” бырайыакка ити хайысхаҕа олохтоохтук ылсан үлэлиэхпит, — диэн бэлиэтээтэ култуурунай эбийиэктэри харыстыыр департамент салайааччыта Айталина Захарова.
— «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа иһинэн үлэлиир “Мэҥэ өйдөбүл” федеральнай бырайыак ис хоһооно олус дириҥ суолталаах. Дьиҥэр, өрөспүүбүлүкэҕэ ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга, Сахабыт сирин ис духуобунаһын, култууратын харыстааһыҥҥа уонна байытыыга уруккуттан дьоһуннаах үлэ барар. Ол эрээри кэскиллээх үлэни ыытарга сомоҕолуур күүс наада. Улуустарга киэҥ далааһыннаах үлэни ыыта сылдьар кыраайы үөрэтээччилэри, учууталлары, уопсастыбаннай түмсүүлэри бэйэбитигэр сыһыаран, биир хайысхалаах үлэни ыытарга “Мэҥэ өйдөбүл” бырайыак тула мунньуохпут. Быйылгы сыл бастакы кыбаарталыгар бырайыак салалтата араас көрүүлээх салайааччылары уонна уопсастыбанньыктары түөртэ мунньан, атах тэпсэн олорон кэпсэттибит. Маннык көрсүһүүлэр үлэбит хайысхатын торумнуурга олус туһалааҕа уонна көдьүүстээҕэ билиннэ, — диэн бэлиэтиир федеральнай бырайыагы сүрүннээччи Дмитрий Семенов. Ил Түмэн дьокутаата уопсастыбанньыктары кытта сүбэлэһэн баран, өрөспүүбүлүкэ ытык сирдэрин (сакральные места) туһунан сокуон бырайыагын оҥорон киллэрбит эбит. Ол эбэтэр, Дмитрий Александрович олохтоох айылҕа өйдөбүнньүктэрин уонна ытык сирдэрин региональнай таһымнаах реестргэ киллэртэрэн, сокуонунан көмүскэллээх оҥорорго үлэлэһэ сылдьар.
— “Мэҥэ өйдөбүл” федеральнай бырайыак үлэтин хайысхатын, былаанын дьоммутун-сэргэбитин кытта бииргэ сүбэлэһэн торумнаатыбыт. Иккис кыбаарталтан улуустарынан сылдьан, нэһилиэктэргэ тиийэн үлэлиэхпит, уопсастыбанньыктары кытта көрсүөхпүт. Онон далааһыннаах үлэ саҕаланна. Саха норуотун сомоҕолуур төрүт нэһилиэстибэбит мэҥэ өйдөбүлүн үс улахан хайысхаҕа – докумуон (архыып), материальнай (өйдөбүнньүктэр, ытык сирдэр), духуобунас (уопсастыбаннай түмсүүлэр үлэлэрэ) — арааран үлэлиэхпит. Күн бүгүҥҥү туругунан, улуустары кытта холбоон “Биир ньыгыл баартыйа” иһинэн тэриллибит “Мэҥэ өйдөбүл” федеральнай бырайыагы олоххо киллэрэр соруктаах 30-тан тахса киһи номнуо үлэтин саҕалаата. Мантан инньэ кэккэбит хаҥаан иһиэҕэ. Биһигини кытта бииргэ үлэлиэн баҕалаах дьоҥҥо ааммыт өрүү аһаҕас. 89644254347 төлөпүөҥҥэ эрийэн, биһигини кытта билсэн, бырайыак үлэтигэр кыттыһыҥ диэн ыҥырабыт, — диэн санаатын тиэртэ “Мэҥэ өйдөбүл” бырайыак салайааччыта Саргылаана Неустроева.
… «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа иһинэн үлэлиир “Мэҥэ өйдөбүл” федеральнай бырайыак салайааччылара сыл саҕаланыаҕыттан бу хайысхаҕа үлэлиэн сөптөөх дьону тус бэйэлэрин кытта кэпсэтэн, бииргэ үлэлэһэн эрэллэр. Улуустарынан сылдьан бырайыак үлэтин сүрүннүүр кэмитиэттэри тэрийдилэр. Ол курдук, Хаҥаласка, Томпоҕо, Чурапчыга, Өймөкөөҥҥө, Тааттаҕа – барыта 10 улууска бырайыак үлэтин-хамнаһын сүрүннүүр филиаллар аһыллан, тэтимнээх үлэҕэ ылыстылар. Мантан инньэ киэҥ далааһыннаах бырайыакка өрөспүүбүлүкэ улуустара бары хабыллыахтара.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.