Мэҥэ халлаан — биһиэнэ: саха бэйиэттэрин космос туһунан хоһоонноро

12.04.2021
Бөлөххө киир:

Эйиэхэ айхал!

Сири-халлааны бүгүн туох сэргэхситтэ,

Сирэйи-хараҕы үөрүүнэн чэмэлиттэ?

Ыраас күн да бу курдук чаҕылыппат,

Ырыа-тойук да маннык сатарбат

Киһи космос куйаарыгар көттө,

Киһи аатын үрдэтэн эргийэн кэллэ!

Эҕэрдэ, эйиэхэ биир дойдулаахпар,

Эр сүрэхтээхпэр, албан ааттаахпар!

Киһи аймах үтүө ыратын кынаттанан,

Килбиэннээх сырдык дьулуурунан төлөннөнөн,

Эн сулустардыын ыксаластыҥ,

Эн сындыыстардыын аргыстастыҥ.

Өктөөп күүрэр күүрээннээх этиҥэ

Үргүппүтэ аан дойду хара суорун.

Советскай Ийэ сир сулуһун килбиэнэ

Сырдаппыта дьон-норуот бу кэрэ суолун.

Киһи космос куйаарынан эргийдэ,

Кини аатынан үйэ киэркэйдэ.

Эҕэрдэ эйиэхэ Юрий Гагариҥҥа, Эр сүрэхтээх бастакы космонавка!

Сергей Васильев,

12.04.1961 с.

Дьол

Үөрүү сүрэххэ баппакка,

Хаайтарбыт кулуннуу мөҕүстэ:

Советскай космонавт чаҕыйбакка

Сири эргийэн түстэ.

Улуу, Партия, улуу норуот

Улуу дойду улуу уола,

Космоска бастакы пилот

Бастакы пионер буолла.

Үрдүк өрөгөй, саргы-талаан,

Советскай сири кууста,

Киһи аймах кэскили айхаллаан

Биһиги сулуспут кыыста.

Өлүөхпэр диэри умнуом суоҕа

Өрөгөйдөөх бу күнүн —

Космоска коммунистическай эпоха

Аанын аспыт бүгүҥҥүнү!

Петр Тобуруокап, 12.04.1961 с.

Нам с., Үөһээ Бүлүү.

Юрий Гагариҥҥа

Көтөр кынаттаах даҕаны

Көтөн тиийбэт куйаарыгар

Көттүбүт биһи аны,

Күндү табаарыстар!

Ыҥырар ыраах космоска

Ытынныҥ, табаарыс Гагарин.

Үтүмэн сылга, үйэ сааска

Өрүү ааттаныа эн аатыҥ!

Үлэһит ыал үчүгэй оҕото,

Икки кыысчаан тапталлаах аҕата —

Көттүҥ Эн, хотой куорсуннаах,

Көй тумаҥҥа улуу хорсуннук!

Сир-халлаан ньиргийдэ эйигинэн,

Эн сулустарга суол тобуллуҥ.

Бээһээ билбэтэх киһим, Эн,

Олоҕум сорҕото буоллуҥ!

Кэпсээн-кэпсээн, мичээрэ күлэҥҥин,

Киирэн кэллиҥ мин дьиэбэр.

Уһуга суох ыраахха көтөҥҥүн,

Ордук чугаһаатыҥ дьон сүрэҕэр.

Доҕоруом эйигин кытта,

Эн дууһаҕар-сүрэххэр кыттан,

Барыбыт сүрэҕэ сырытта,

Барыбыт баҕата сырытта.

Сир, Халлаан, Сулус, Ый, Күн

Үйэ тухары сүгүрүйдүн

Улуу советскай киһиэхэ,

Ол аата, барыбытыгар биһиэхэ!

Леонид Попов, 12.04.1961 с.

Дьокуускай.

Айхал эйиэхэ, советскай киһи!

Эйэ, коммунизм өстөөхтөрө

дьон аймах

субай хаанын тоҕоору,

Мындыр өй хараамнарын

хоруо оҥороору,

суудайар кэмнэригэр

суордуйар күннэригэр

Ый, сулус куйаарыгар

суол аһылынна,

Кэлэр кэмҥэ Гимн ылланна!

Өстөөхтөр,

өстөөхтөр,

өстөөхтөр!

Көрүҥ, уордайыҥ, титирэстээҥ!

Улуу Октябрь буурҕатын кыайбыт

советскай киһи,

Рейхстаг үрдүнэн

кыайыы знамятын тэлимнэппит

советскай киһи,

Аан бастаан

Сир аргыстарын ыыппыт

советскай киһи,

Аан дойдуга

эйэ, коммунизм айылҕатын үүннэрэр

советскай киһи

Ый, сулус куйаарын тэлэйэ көттө кини!

Сүүһүнэн сыллар устуохтара,

Сир, халлаан уларыйыахтара.

Арай бу көтүү күнэ

умнуллубат уоттаах

чолбоҥҥо кубулуйуо.

Үйэлэр очуостарын

сырдата туруор,

Күн-ийэ дойдубуот,

иһит эрэ,

Бүгүн

эн герой уолгун уруйдаан,

бэл диэтэр,

Сулустар сулуска сипсиһэргэ дылылар,

Муоралар муораҕа ыллаһарга дылылар.

Айхал эйтэхэ,

Советскай киһи,

Герой киһи!

Иван Алексеев.

Космоска көтүү

Аан дойду чуумпуран ылла,

Аан дойду долгуйан ылла,

«Саҥарар Москва,

Истиҥ биһигини, сир үрдэ,

Бүгүн үөр-көт, сир үрдэ!

Киһи көттө космоска!

Айхал киһи аймахха!»

Чаҕылҕан кэриэтэ түргэнник

Сөҕүмэр сурахпыт тарҕанна,

Ханнык да ыраах материк

Түҥкэтэх уһук улаҕата

Иһиттэ Москва саҥатын,

Сүрэхпит төлөннөөх ырыатын.

«Саҥарар Москва,

Саҥарар Москва!

Киһи аймах талбааран ылла,

Киһи аймах куустуһан ылла.

Күн Ленин үөрэҕин сырдыга

Космос куйаарын арыйда,

Сир тула айанныы, куйаарга

Маҥнайгы космонавт аттанна.

Сулустар, арыаллыы хааллыгыт,

Сулустар, далбаатыы хааллыгыт.

Ийэ сиригэр эргилиннэ!»

Саҥарар Москва,

Саҥарар Москва!

Дьон аймах үйэлээх баҕатын

Биһиги бу илэ көрөбүт,

Бухатыыр ньругуммут айанын

Тыһыынча тылынан сөҕөбүт.

Хайдахтаах үөһэҕэ көтүүнүй?!

Хайдахтаах үчүгэй үөрүүнүй?!

Модун киһи, эн күүскэр

Космос бүгүн сүгүрүйэр.

Эйигин айхаллыы таҕыста

Аан дойду норуота барыта,

Советскай киһибит чулуутун,

Сүүрбэһис үйэбит улуутун.

Халлааҥҥа эн тыыннаах сулускун,

Эн САҤА ЭРАНЫ оҥордуҥ!

Улуу киһи, эн күүскэр

Ийэ сириҥ сүгүрүйэр.

Албан аат ырыатын кытары, Гагарин, эн көттүҥ хорсуннук,

Сир уола куйаарга бастакы

Улуукан айанньыт эн буоллуҥ.

Аан дойду соһуйа иһиттэ,

Аан дойду долгуйа иһиттэ.

Советскай киһини уруйдуу

Сир ийэ бүтүннүү салюттуур!

Иннокентий Артамонов,

13.04.1961 с.

1961 сыллаах «Кыым», «Эдэр коммунист» хаһыаттартан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0