Мэҥэ Хаҥаласка суол быһылааныгар дьон эмсэҕэлээтэ

Ааптар: 
17.10.2017
Бөлөххө киир:

Алтынньы 14 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр икки массыына харсыспытын туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 

edersaas.ru 


Барыллаан быһаарыынан, ити күн 16.20 мүн. «Тойота Ипсум» 37 саастаах суоппара Алдан куорат диэки айаннаан иһэн, хаҥас диэки салайарыгар, утары иһэр «Тойота Харриер» массыынаҕа суолу биэрбэтэх.

Ол харсыһыы түмүгэр, суоппары уонна «Тойота Ипсум» олорсон испит, төбөтө ыараханнык эчэйэн комаҕа киирбит 55 саастаах дьахтары реанимацияҕа илдьибиттэр.

Атын иномарка суоппара эмиэ балыыһаҕа киллэриллибит, оттон кини аргыстара кыратык эрэ эмсэҕэлээбиттэр.

«Тойота Харриер» суоппара арыгы испэтэҕин алкотестер туоһулаабыт. Оттон эмсэҕэлээбит суоппар туругун экспертиза быһаарыаҕа.

Бу быһылаан матырыйааллара силиэстийэ уорганнарыгар бэриллибиттэр.

Госавтоинспекция суоппардары уулуссалар быһа охсуһууларыгар, уҥа-хаҥас салайарга, киириигэ-тахсыыга ураты болҕомтолоох буолалларыгар ыҥырар.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СӨ ИДьМ-тын ГИБДД пропагандаҕа отдела.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0