Мэҥэ Хаҥаласка үс тыһыынчаттан тахса киһини саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүөхтэрэ
Мэҥэ Хаҥалас оройуонун үс тыһыынчаттан тахса олохтооҕун саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүөхтэрэ. Бу хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматын иккис түһүмэҕэр ыытыллар уонна 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҕаланар.
2012 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн саахалланар туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэр кэрискэлэригэр 3474 киһи олорор 281 дьиэтэ киирбитэ.
Маннык туруктаах дьиэ фондата Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 63,5 тыһыынча кв.м. тэҥнэһэр. Дьону хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү бастакы түһүмэҕэр 2013-2017 сылларга 40 элбэх кыбартыыралаах дьиэни көһөрбүттэрэ.
Иккис түһүмэххэ Майа сэлиэнньэтигэр – 84 дьиэни, Аллараа Бэстээххэ – 60, Нөөрүктээйи нэһилиэгэр – 18, Хорообукка – 15 дьиэни уонна өссө 197 дьиэни көһөрөр былааннаахтар.
Санатан эттэххэ, 2024 сылга диэри “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак чэрчитинэн саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматыгар өрөспүүбүлүкэҕэ федеральнай бүддьүөттэн 60 млрд солкуобайы биэрбиттэрэ. Саҥа дьиэни өрөспүүбүлүкэ 50 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо ылыаҕа.
СИА.