Мэҥэ Хаҥаласка икки саҥа дьиэ үлэҕэ киирдэ

Бөлөххө киир:

Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан Мэҥэ Хаҥалас улууһун киинигэр Аллараа Бэстээххэ уонна Майа бөһүөлэгэр икки саҥа дьиэ үлэҕэ киирдэ, 48 ыал кыбартыыраларын күлүүстэрин туттулар.

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 2019 сылтан саҕалаан хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан барыта 11 тыһыынчаттан тахса кв м иэннээх эрдэ дьиэ саҥардылынна, 698 киһи саҥа дьиэҕэ көстө. Кэлэр сылга улуус дьаһалтата 13 тыһыынча кв м иэннээх хаарбах дьиэлэри көһөрөр былааннаах.

Майаҕа киирбит саҥа дьиэҕэ барыта 36 ыал көһүөхтээх. Тутууну “Арктика-Строй” тэрилтэ ыытта. Дьиэ 3 тыһыынча кв м иэннээх. Барыта 40 кыбартыыралаах. Аллараа Бэстээхтээҕи дьиэ 20 кыбартыыралаах, манна хаарбах дьиэлэртэн 12 ыал көһөн кэлиэхтээх. Бу дьиэни “Траст” диэн тэрилтэ тутта.

Санатан эттэххэ, Саха сиригэр 2024 сылга диэри бу бырагырааманан барыта 1,1 мөлүйүөн кв м иэннээх дьиэ көһөрүллүөхтээх. Федеральнай бүддьүөттэн манна 24 млрд солкуобай көрүллэн турар.

– Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр билигин хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү түргэн тиэмпэнэн баран иһэр. Арассыыйа үрдүнэн Саха сирэ эрэ улахан былааны ылынан олоробут. Аҥаардас быйыл ахсынньыга 5 тыһыынчаттан тахса киһи саҥа дьиэҕэ көһөн киириэхтээх. Бу бырагыраама куораттарга эрэ буолбакка тыа сиригэр тарҕаммыта кэрэхсэбиллээх, – диэн бэлиэтиир Ил Дархан Айсен Николаев.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0