Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хочо сэлиэнньэтин олохтооҕо сэдэх көтөрдөрү хаартыскаҕа түһэрдэ

Ааптар: 
28.05.2021
Бөлөххө киир:

Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Сахабыт сирин маанылаах көтөрдөрө Мэҥэ Хаҥалас Хочо сэлиэнньэтигэр, Сатаҕай диэн күөл атаҕар түһэн, тохтоон ааспыттарын Хочо олохтооҕо Аксинья Шестакова хаартыскаҕа үйэтиттэ.

Саҕалаан эрэр хаартыскаҕа түһэрээччи Аксинья Шестакованы кытары сибээстэстибит:
Хочо сэлиэнньэтигэр куораттан көһөн кэлбиппит. Бэйэм Бүлүүттэн төрүттээхпин. Кэргэним Василий Шестаков төрөөбүт дойдутугар аҕа баһылыгынан талыллан, куораттан көһөн кэлбиппит. Кэнники, баһылыктаан бүппүтүн да кэнниттэн  олохсуйа хааллыбыт. Куоракка олорон айылҕа кэрэтин билбэккэ сылдьыбыт эбиппин. Манна кэлиэхпиттэн кыралаан хаартыскаҕа түһэриинэн дьарыктанабын.


Биир дойдулаахпыт Федор Уломжинскай кыталыктар бааллар диэн сирин ыйан биэрбитэ.

Кэргэмминээн тиийбиппит Сатаҕай күөлүн атаҕар тиийбиппит кырдьык кэрэ бэйэлээх көтөрдөр кыталыктар сылдьаллар эбит.

Кэргэмминээн иккиэн бастакыбытын ытык көтөрдөрү көрдүбүт. Сэрэнэн чугаһаан хаартыскаҕа түһэрдим.

Хата үргэн көтөн хаалбаккалар, айылҕа биир кэрэ көстүүтүн хаартыскаҕа түһэрдим, урукку өттүгэр бу сиргэ кубалар түһэн ааһаллар эбит, — диэн санаатын үллэһиннэ.

Надежда Ильина, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0