Мэҥэ Хаҥалас улууһугар эр киһи сэбиэдиссэй ананна

Ааптар: 
09.03.2019
Бөлөххө киир:

Саха сирин уһуйааннарыгар эр дьон сэбиэдиссэйдэр биэс тарбах иһинэн ааҕыллаллар. Аҕыйах хонуктааҕыта эр дьон педагогтар кэккэлэрин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Харатааҕы уһуйаан сэбиэдиссэйинэн анаммыт Юлиан Захаров хаҥатта. “Саха сирэ” хаһыат Юлиан Петровиһы кытта сибээстэһэ сырытта.

edersaas.ru

Юлиан Захаров Нам улууһун Салбаҥ нэһилиэгиттэн төрүттээх. 2003 сыллаахха Салбаҥ орто оскуолатын бүтэрээт, Намнааҕы педагогическай кэллиэскэ үөрэнэ киирэр. 2009 сыллаахха Педагогическай институкка технология уонна урбаан хаапыдыратын бүтэрээт, дойдутугар Салбаҥ орто оскуолатыгар үлэ уонна физкултуура учууталынан ыстааһын саҕалыыр. Үс сыл үлэлии түһэн баран, Н.С.Охлопков аатынан Нам улууһун гимназиятыгар физкултуура учууталынан үлэлиир. Салгыы 2015 сыллаахха дьиэ кэргэнин кытта Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгэр көһөллөр. “Оҕо эрдэхпиттэн үлэ уруогун учуутала буолар баҕа санаалааҕым. Ол иһин маҥнай Намнааҕы кэллиэскэ, салгыы Педагогическай институкка үөрэммитим. Кэргэним улуустааҕы киин поликлиникаҕа харах бырааһынан анаммыта. Мин Харатааҕы спорт оскуолаҕа технология учууталынан киирбитим. Уонна бу, Хара нэһилиэгин “Кэрэчээн” уһуйааныгар сэбиэдиссэйинэн ананным. Киһи сатаабатаҕа диэн суох, толкуйдуу түһэн баран, саҥа идэни баһылыырга сананным”, — диэн кэпсиир.

Эр дьон сэбиэдиссэй олус аҕыйаҕа суох ини, урукку даҕаны кэмнэргэ балачча элбэх буоллахтара, диэн санаатын үллэстэр. Саҥардыы үлэлээн эрэр буолан, үлэм туһунан туох да диэн этэр кыаҕым суох диир. Эр дьон үчүгэйдик үлэлиэхпит диэн бүк эрэллээҕин этэр. Кини — Мэҥэ Хаҥалас улууһун уһуйааннарыгар аан маҥнайгы эр киһи сэбиэдиссэй.

Юлиан Петрович түгэнинэн туһанан, чугас дьонун, бииргэ үлэлиир кэлиэгэлэрин маҥнайгы сааскы бырааһынньыгынан эҕэрдэлиир.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0