Матвей Пичугин: «Гектартан 100-120 сэнтиниэр хортуоппуйу хостуохпут»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өлүөхүмэ улууһугар «Саҥыйахтаах» кэпэрэтиип хортуоппуйу үүннэриигэ идэтийэн үлэлиир.

Саҥыйахтаах олохтоохторо атырдьах ыйын 4 күнүгэр кэпэрэтиип салайааччытынан Матвей Пичугины биир санаанан таллылар. Матвей Владимирович нэһилиэк төрүт олохтооҕо. СГТХА Өлүөхүмэтээҕи салаатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэриэҕиттэн дойдутугар олорор. Биэс сыл олохтоох дьаһалтаҕа исписэлиистээбитэ, 2013 сыллаахтан биирдэм урбаанньыт буолан, нэһилиэгин дьонун-сэргэтин уонна тэрилтэлэрин ыраас уунан хааччыйыыга үлэлээбитэ. Кэргэнэ Юлия Леонидовна бухгалтердыыр, иллээх ыал икки оҕолоохтор.

– Кэлэр өттүгэр бааһыналарбытын кэҥэтэргэ үлэлиэхпит. Быйыл сайын кураан буолла, хата, аһыҥа турбата. Үүнүү орто, биир гектартан ортотунан 100-120 сэнтиниэр үүнүү ыларга суоттанабыт, – диир эдэр салайааччы.

Өлүөхүмэттэн Валерий Малышев.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0