Арктикатааҕы биир мандааттаах уокурук быыбарыгар Матвей Евсеев кыайда

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Арктикатааҕы биир мандааттаах уокурукка норуот дьокутаатын быыбарыгар 5410 (42,86%) киһи кытынна. Дьокутаатынан Матвей Евсеевы таллылар.

Барыллаан көрдөрүүнэн, «Биир ньыгыл Арассыыйа» хандьыдаатыгар Матвей Евсеевкэ быыбардааччы 46,9%-на куоластаата. Иккис «Сиэрдээх Арассыыйаттан» — Аркадий Клепечин буолла. Кини 35,2% куолаһы ылла.

Арктикатааҕы биир мандааттаах быыбардыыр уокурукка түөрт оройуон киирэр — Абый, Аллайыаха, Аллараа Халыма уонна Усуйаана. Уокурук киинэ — Депутатскай.

Бу быыбар ыытылларыгар 176 чилиэннээх 29 быыбардыыр хамыыһыйа үлэлээтэ.

Быыбарга Валерий Арешкин (КПРФ), Матвей Евсеев (Биир ньыгыл Арассыыйа), Аркадий Клепечин («Сиэрдээх Арассыыйа»), Евгений Рябченко (ЛДПР) кытыннылар.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0