Матвей Евсеев сэрии бэтэрээннэригэр 75 тыһыынча солкуобайы туттарда

27.01.2020
Бөлөххө киир:

Үгэскэ кубулуйбут сунтаардар Дьокуускайга көрсүһүүлэрэ бу сырыыга Людмила Акимова-Спиридонова «Сунтаар миигин ыҥырар» диэн улууспут 100 ырыаларын диискэтин хомуурунньугар баар ырыаларынан тиһиллэн таҕыста.

edersaas.ru

Тэрээһин өрөгөйүгэр «Түмэр сүбэ» салайааччыта Матвей Евсеев 2019 сыл бастыҥ дьонун чиэстээтэ, кыайыыны уһансыбыт бэтэрээннэргэ 75.000 солк. бэлэх оҥордо. Ол кэннэ Аҕа баһылыкпыт Анатолий Григорьев эҕэрдэлээн улуус уонна Элгээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторун кытта бастыҥ ыччаттары бэлиэтээтэ. Дьэ, ол кэннэ айар киэһэ Сунтаар устун айанынан Ыгыаттаттан саҕалаан Бүлүүчээҥҥэ тиийэ өрөгөй уонна истиҥ ырыаларынан киэркэйдэ.

Хас биирдии нэһилиэк бэйэтин тахсыытыгар Тымныы Моруоһа, Хаарчааната уонна маскарааттара олус элбэх буолан биэрдэ.

Түмүккэ, Бүлүүчээн туһунан ырыаны Аҕа баһылыкпыт бэйэтэ ыллаан дьону сөхтөрдө, ол кэннэ Сиэйэ Уолун «Сунтаар миигин ыҥырар» ырыанан флешмоб, оһуохай өрө көтөҕүллэн үҥкүү-битии, истиҥ көрсүһүү, атах тэпсэн олорон кэпсэтии, ахтылҕаны таһаарыы буолла. Ону кытта атыы-эргиэн эмиэ баара.

Мария Кобельянова-Тускулаана, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0