Матрена Корнилованы ахтан-санаан аастахха…

24.03.2020
Бөлөххө киир:

Былырыын  олунньу 21 күнүгэр  Cаха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыската, Олоҥхо тыйаатырын режиссера Матрена Корнилова орто дойду олоҕуттан туораабыта. Бүгүн Матрена Корнилова баара буоллар, төрөөбүт күнүн бэлиэтиэхтээх этэ…

Саха норуотун тапталлаах артыыската Матрена Владимировна Саха тыйаатырын сценатыгар Илиир Хоруол кыыһа Гонерилья (“Илиир Хоруол”), Аркадина (“Чайка”), Калисфена Автономовна (“Кэт Марсден”) уо.д.а. курдук умнуллубат уобарастары арыйбыта.

edersaas.ru

Олоҥхо тыйаатырыгар П.Ядрихинскай-БэдьээлэДьырыбына Дьырылыатта” олоҥхотун туруорбута, бу олоҥхо 2018 сыллаахха “Кыһыл көмүс мааска” Национальнай бириэмийэҕэ түһэриллибитэ.
Матрена Корнилова 1962 сыллаахха кулун тутар 24 күнүгэр Дьокуускай куоракка артыыстар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтэ. 1985 сыллаахха М.С.Щепкин аатынан үрдүкү театральнай устуудьуйаҕа үөрэнэн, дыраама тыйаатырын уонна киинэ артыыһын идэтин ылбыта. 1985 сылтан Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар сүүрбэттэн тахса чаҕылхай оруоллары оонньообута. “Эйиэхэ мин ырыа бэлэхтиэм”, “Таптыырга буруй суох”, “Эргиллиэм хайаан да, ийээ” уо.д.а. испэктээк-кэнсиэртэри туруорбута. Режиссер быһыытынан Саха сирин норуодунай бэйиэтэ Иван Гоголев-Кындыл поэзиятынан поэтическай биэчэрдэри туруорбута.
2005 с. “СӨ үтүөлээх артыыската” үрдүк ааты ылбыта. 2010 сыллаахха СӨ Президенин Грамотатынан наҕараадаламмыта, 2004 с. Арассыыйа омуктар дьыалаларыгар министиэристибэтин, 2005 сыллаахха СӨ вице-президенин Махтал суруктарын ылбыта.

Бүгүн Матрена Корнилова дьиэ кэргэнин уонна тапталлаах үлэтин-хамнаһын туһунан 2017 с. атырдьах ыйын 16 күнүгэр бэчээттэммит ыстатыйабытын билиһиннэрэбит.

Артыыстар династиялара

— Ийэм Аксинья Кирилловна Адамова  77 сааһыгар күн сириттэн бараахтаабыта. Ыалдьа да сытан өссө сценаҕа тахсыбыт, биир испэктээккэ  оонньообут киһи диэн баҕа санаалааҕа да, кыаллыбатаҕа. Күндү киһибитин ахтыбатах, санаабатах күммүт диэн суох. Ыарахан кэмнэрбитигэр кинини санаатахпытына, туох барыта кыаллар, санаа хоту салаллар курдук. Уопсайынан, төрөппүтү сүтэрии хомолтото сааһырбытыҥ да иһин, ааһан-араҕан биэрбэт, өссө ыарахан буолар эбит. Билигин санаатахха, ийэм барахсан биир да киһи, артыыс туһунан куһаҕаны саҥарбата, наар үчүгэйи эрэ булан кэпсиирэ. Уһугулаан сыттаҕына да, уһуну-киэҥи кэпсэтэр этибит. Ийэм: «Мин үчүгэйбэр эрэ сценаҕа тахсар этим. Онон, дьон-сэргэ үчүгэйбинэн өйдөөн хааллыннар», – диэбитэ.
М.Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училищеҕа үөрэммит иккис көлүөнэ артыыстартан биир чаҕылхайдара, күндү ийэм оонньообут оруолларын мин «үтүктэн» оонньоон даҕаны кыайыам этэ дии санаабаппын. Кини хатыламмат куолаһын, күүстээх энергетикатын, монологтарын, дьиҥ сахалыы хомуһуннаах тылын-өһүн ама ким хатылыай? Дьолго кини оруоллара уһуллан хаалбыттарын кэлэр көлүөнэҕэ улахан дьолунан ааҕабыт. Кини олоҕо олус чэпчэкитэ суоҕа, оруоллары бүлүүдэҕэ ууран аҕалбатахтара… Ийэбин тиһэх суолугар атаарыы кэмигэр тыйаатырбыт режиссера, СӨ култууратын оччотооҕу миниистирэ Андрей Саввич Борисов: «Биһиги саха норуотун Сайсарытын уобараһын арыйбыт артыысканы кытары бырастыылаһабыт», – диэбитигэр олус долгуйбуппут, – диэн Матрена Корнилова күндү киһитэ тыйаатыр фойетыгар кичэллээхтик ыйанан турар мэтириэтин имэрийэ-имэрийэ истиҥник сэһэргиир.

Кэргэнниилэр – биир испэктээккэ

Ырытан көрдөххө, атын да кэргэннии артыыстар биир испэктээккэ түбэсиһэн оонньууллара аһара элбэҕэ суох эбит. Эмиэ да сөп ээ, ыал ыалынан күнүн-дьылын күн аайы репетицияҕа анаатаҕына, уһун кэмнээх гастролларга баран хааллаҕына, дьиэ-уот, оҕо-уруу умнуллар буоллаҕа.
Ол да буоллар, Матреналаах Петр Баснаев  испэктээккэ бииргэ оонньообут кэрдиис кэмнээхтэр.
Андрей Борисов Чехов «Хопто» испэктээгинэн 1985 с. бүтэрбит ыччаттары артыыс быһыытынан суолбутун-ииспитин сүрүннээбит, хайысхабытын торумнаабыт эбит. Репетициялар сарсыардаттан саҕаланан баран, киэһэ 8 ч. биирдэ бүтэллэрэ. Кыыспытын оҕо саадыттан ыларбытын умнуохпутугар диэри үлэлиирбит, – диэн билигин РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыстарын аатын сүгэ сылдьар тапталлаах артыыстарбыт тыйаатырга аан бастаан кэлбит кэмнэрин санаан ылаллар.
Эдэркээн Матрена А.Чехов «Хоптотугар» — Аркадина, онтон Петр Треплев уобараһын арыйбыттара. Өссө оччотооҕуга тыйаатыр худуоһунньуга Геннадий Сотников: «Матрена, эн биир бастыҥ оруолгун номнуо оонньообуккун өссө да өйдүү иликкин быһыылаах» –– диэн үрдүк сыанабылы биэрбитэ.
Кэргэнниилэр кэлин да тыйаатыр сценатыгар биир испэктээккэ (сүрүн да, маассабай да көстүүлэргэ) оруоллары толорбуттара, режиссер быһыытынан саҥа испэктээккэ үлэлээбиттэрэ тыйаатыр историятын сэгэттэххэ, биир-биир тахсан кэлэр. Аҥардас Матрена Корнилова «Дорогуунап Ньукулайга» Үчүгэй Өрүүнэ, «Илиир Хоруолга» Ханарыйа курдук күүстээх, бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат оруоллары арыйбыта артыыска ис кыахтааҕын, ханнык баҕарар уустук уобараһы көрөөччүгэ итэҕэтиилээхтик тириэрдэрин көрдөрөр.
Өссө режиссер Владимир Тумаев «Белый ягель» киинэтигэр оонньообуттара кэлиҥҥи кириитиктэр харахтарын далыгар киириэҕэр эрэнэ саныыгын. Бу киинэ Арассыыйа уонна аан дойду араас наҕараадатын ылбыта.

– Ханнык баҕарар артыыс бэйэтин үлэтинэн хаһан да тук буолбат. Син биир туох эрэ итэҕэһи-быһаҕаһы булар, өссө тугу эрэ оонньообут киһи диэн санаалаах сылдьар, – диэн Петр Баснаев  Баһылай Харысхал сценарийынан, Руслан Тараховскай режиссуратынан туруоруллубут «Учуутал» испэктээккэ Михаил Алексеев уобараһын биэрбиттэригэр аан бастаан соһуйбутун, онтон сценаҕа оонньоон истэҕин аайы уустук уобараска улам-улам ылларан испитин туһунан сэһэргиир.

Петр Баснаев «Учуутал» испэктээккэ оонньуохтааҕа эрдэттэн «ыйыллыбыт» курдуга. Ол курдук, Петя Тааттаҕа үөрэнэ сылдьан, Михаил Алексеев туһунан араас сураҕы истэн, кинини уруккуттан билэр курдуга. Онтон Мотя Үөһээ Бүлүүгэ улааппыта, Михаил Алексеевтыын дьиэлэрэ чугас-чугас турбуттар. Соторутааҕыта олорон ааспыт, үгүс дьон билэр киһитин уобараһын арыйыы артыыска икки бүк эппиэтинэстээҕэ. «Кыһыл көмүс мааска» Арассыыйа национальнай бириэмийэтигэр Макбет оруолунан «Эр киһи бастыҥ оруолун» номинана Петр Баснаев саха киһитин чулуу уобараһын арыйан, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылыан ылла. Манна даҕатан эттэххэ, учууталга анаммыт маннык улахан испэктээги ханнык да тыйаатыр туруора илик курдук.

Быйыл иккиэннэрин улахан үлэтинэн Прокопий Ядрихинскай «Дьырыбына Дьырылыатта» олоҥхотун туруорбуттарын ааттыыллар. Матрена Корнилова режиссердаабыт олоҥхото Татарстаҥҥа «Науруз» аан дойдутааҕы түүр омуктар тыйаатырдарын ХIII бэстибээлигэр көрдөрүллүбүтэ элбэҕи этэр.
Кэргэнниилэр тыйаатырга үлэлэрин туһунан дьиэлэригэр эмиэ кэпсэтэн, илдьиритэн, мөккүһэн да ылаллара кэмэ суох. «Өһүргэнсэн күн аҥаара кэпсэппэккэ да сылдьыахпытын сөп. Ол эрэн хайыахпытый, талан ылбыт идэбит уратытын билэр, өйдүүр буолан, баччааҥҥа диэри эйэ-дэмнээхтик олорон кэллэхпит», – дэһэллэр.
Петр: «Тыйаатыр эйгэтэ оннук буоллаҕа. Чуолаан биһиэхэ, ыал дьоҥҥо, ыарахан соҕус. Ол эрэн, бииргэ үлэлиирбит үчүгэйдээх быһыылаах. Үлэбитинэн мөккүспүппүт да иһин, ханна барыахпытый, дьиэлээх дьон дьиэбитигэр киирэр буоллахпыт».
Матрена: «Төттөрүтүн, тыйаатырга соҕотоҕун эрэ үлэлиир ыарахан дии саныыбын. Үлэбитин, режиссерскай толкуйбутун утуйаары сытан эмиэ кэпсэтэбит, санаабытын атастаһабыт. Кыыспыт ардыгар тулуйа сатаан баран: «Бу сырыыга туох туһунан мөккүһэҕит?» – диир. Петям киэҥ көҕүстээх, уһуну-киэҥи толкуйдуур. Бииргэ ыал буолан олорбуппут атырдьах ыйыгар 35 сылын туолар.

Олоҥхоҕо айан

Баар талааны хааһахха кыайан хаайбаккын дииллэринии уонна Матрена Владимировна ис эйгэтэ киэҥэ бэрт буолан, Саха тыйаатырыттан ураты араас кэнсиэртэри, мюзикллары туруоран, ыҥырыыттан ыҥырыыга сылдьыбыта.
Кэргэнниилэр Олоҥхо тыйаатырыгар үлэлиэхтээхтэрэ эмиэ эрдэттэн этиттэриилээх курдуга. Ийэлэрэ Аксинья Адамова – олоҥхо-операҕа аан маҥнайгынан ыллаабыт артыыстартан биирдэстэрэ. Аны туран, архыыбы хасыһан билбиттэрэ Петя хос эһэтэ уонна эһэтэ олоҥхоһут эбиттэр. Ийэтэ кэпсииринэн, Тааттаҕа Алампа, Ойуунускай кэллэхтэринэ, эһэлэрин ыҥыран олоҥхолотоллор эбит. Ону икки чулуу классикпыт сурунан ылаллар эбит. Петя ийэтэ Дьохсоҕоҥҥо кулууп үлэһитэ этэ. Онон ыраахтан кэлэр артыыстары эмиэ кыра эрдэҕиттэн көрөн улааппыта. Кыра сылдьан ойуун кыырбытын көрөн баран, кутталыттан ыалдьан турардааҕа.
Миигин РФ уонна СӨ норуодунай артыыската Степанида Борисова Олоҥхо тыйаатырыгар ыҥыран, билигин олоҕум өссө атын кэрдииһигэр киирдим. Степанида Ильинична «Олоҥхо долгуннара» диэн устудьуоннарга туруорбут испэктээкилигэр оонньоппутуттан ыла олоҥхоҕо үлэм саҕаламмыта. Үлэм олус интэриэһинэй, тугу эрэ сонуну айа-тута сатыыгын, үлэҕэр үөрэ-көтө кэлэҕин. Өйбүт-санаабыт, кыайыыбыт-хотторуубут барыта олоҥхону кытары сибээстээх курдук. Олоҥхо уонна Саха тыйаатырдарын икки аҥыы араарар кыахпыт суох.
Билиҥҥитэ Олоҥхо тыйаатыра, испэктээкиллэрэ хайдах буолуохтаахтара чопчулана илигин кэриэтэ. Тоҕо диэтэххэ, урут Олоҥхо тыйаатыра суоҕа. Онон билигин, чинчийии, боруобаланыы, сөптөөх суолу көрдөөһүн курдук бара турар. Урут тыйаатыр биһиэхэ билиини, дьоҕуру биэрбит, артыыс оҥорбут буоллаҕына, аны билигин биһиги тыйаатырбытыгар туох эрэ күттүөннээҕи утары уунуохтаах, үйэлээҕи оҥоруохтаах буоллахпыт. Онон, Олоҥхо тыйаатырыгар көмөлөһө сылдьарбыттан олус үөрэбин.
Биһиги Саха сирин үтүөлээх артыыһа, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Симон Федотовы кытары өр кэмнэргэ гастролларга бииргэ сылдьыбыппыт. Симон Петрович уонна кини көлүөнэ улуу артыыстар хайдах оонньуулларыттан үөрэммиппит. Константин Борисов, Александра Иванова, Татьяна Мыреева, Мария Канаева, Спиридон Игнатьев уо.д.а. уһулуччулаах артыыстар оскуолаларын ааспыт, бииргэ үлэлээбит дьоллоохпут. Кинилэри кытары 50-нуу хонукка гастроллуу барарбыт, күн аайы сценаҕа оонньуурбут. Уонна кинилэртэн хайдах үөрэммэт буолуохпут этэй? Аны кинилэртэн ылбыт духуобунай баайбытын, үөрүйэхпитин билиҥҥи ыччаттарбытыгар, эдэрдэрбитигэр биэрэ, үөрэтэ сатыыбыт, — диэн Матрена Корнилова истиҥник сэһэргээтэ.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0