Массыына ыытар дастабырыанньабын хайдах уларытабын?

Ааптар: 
24.04.2019
Бөлөххө киир:
Саас кэллэ, халлаан сылыйда, уһун кыһын устата тоҥон турбут массыыналары таһаарар кэм кэллэ. Ону кытта араас ыйытыылар күөрэйэллэр. Сүрүннээн дьон дастабырыанньабын ханна, хайдах уһаттарабын, хаттаан эксээмэн туттарабын дуо диэн ыйытар. Бүгүн тустаах ыйытыыга хоруйдуурга сорунуохпут.

Массыына ыытар дастабырыанньа болдьоҕо 10 сыл. Ол кэнниттэн хайаан даҕаны уларытар ирдэнэр.

Уларытыы көрүҥэ:

— Судаарыстыбаннай өҥө (Госуслуги) порталын нөҥүө сурутан, ыйыллыбыт бириэмэтигэр тиийэн бэлэм дастабырыанньаны ылар;

— Дьокуускай куорат олохтоохторо ГИБДД миэстэтигэр тиийэн (4-с, 5-с түннүктэргэ) уочараттаан.

Ирдэнэр докумуоннар:

— медицинскэй көрүү түмүгэ;

— сайабылыанньа;

— пааспар;

— массыынаны ыытар эргэ дастабырыанньа;

— төлөбүр (госпошлина).

Төлөбүрэ 2 000 солкуобай. Судаарыстыбаннай өҥө (Госуслуга) порталын нөҥүө сурутар түгэҥҥэ 30 %-наах чэпчэтии оҥоһуллар.

Дастабырыанньаны уларытар түгэҥҥэ эксээмэн туттарар ирдэммэт. СӨ ИДьМ ГИБДД управлениетын регистрациялыыр-эксээмэн тутар салаатын ураты сорудахтарга старшай иниспиэктэрэ Мичил Гоголев быһаарбытынан, эксээмэни дастабырыанньаларын былдьаппыт дьон туттараллар эбит. Холобур, арыгы иһэн баран массыына уруулугар олорбут дьон бырааптара быһыллар. Болдьохторо ааспытын кэннэ, хаттаан дастабырыанньа ылалларыгар суол быраабылатыгар теорияны туттараллар үһү. Онтон дастабырыанньатын былдьаппатах, көннөрү болдьоҕун уһаттарар дьон эксээмэни хаттаан туттарбаттар.

Сүбэ: дастабырыанньаны уларыттарыыга медицинскэй көрүү түмүгэр элбэх категориялаах (холобур, А, B, C, D, E) дьон сороҕор категорияларын барытын суруйтарбакка, биир эрэ категорияны ыйар түгэннэрэ баар. Маннык түгэҥҥэ ГАИ үлэһиттэрэ бу киһиэхэ биир категория эрэ көҥүллэнэр эбит диэн, дастабырыанньаны оннук суруйан биэрэллэр эбит. Онон категорияҕын барытын ыйаргын умнума.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0