Массыынаҕытын түбэһиэх сиргэ туруорумаҥ!

31.07.2017
Бөлөххө киир:

Куоракка массыына элбэҕиттэн, тэрилтэлэр тэлгэһэлэригэр (парковка) миэстэ адьас тиийбэт. Итинтэн сылтаан, үгүс киһи тимир көлөтүн түбэһиэх туруорар.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ», https://edersaas.ru

Холобур, Киров уулуссатыгар «Бизнес-киин» уонна Аммосов уулуссатын 18 №-дээх дьиэтин (Орджиникидзе уонна Ленин уул. учаастага) аттыларыгар тимир көлөлөрү туруоруу көҥүллэммэтин үрдүнэн, хаалларан барыы тахса турар.
Былырыын Киров уулуссатыгар («Бизнес-киин» аттыгар) ГАИ үлэһиттэрэ дьон массыыналарын туруоралларын хонтуруоллаабыттара. Ол курдук, анаан-минээн манаан туран, кэлбит массыыналаахтары «үүртэлииллэрэ». Ыйтан ордук кэриҥэ маннык хонтуруолга ылбыттарын кэнниттэн, дьон ити миэстэҕэ массыынатын туруорбат буолбута.
Аммосов уулуссатын учаастагар эмиэ итинник манаабыттарын кэнниттэн, тимир көлөнү туруоруу лаппа аҕыйаабыта.
Билигин бобуулаах сиргэ тимир көлөнү хаалларан барыы лаппа аҕыйаабыт эрээри, чаас эрэ анараа өттүгэр Аммосов уулуссатыгар көҥүллэммэт сиргэ турар омук массыынатын ГАИ үлэһиттэрэ эвакуатор-массыынаҕа тиэйэн, анал сиргэ (штрафстоянкаҕа) илтилэр.
«Массыынаны көҥүллэммэт сиргэ туруорбуттарын иһин анал сиргэ илдьэн эрэбит. Хаһаайыҥҥа тоҕо илдьэн эрэрбитин быһаардыбыт. Кини ыстараап быһыытынан 1500 солк. төлөөн баран, массыынатын докумуоннарын көрдөрдөҕүнэ, тимир көлөтүн бүгүн да ылыан сөп», – диэн ГАИ иниспиэктэрэ быһааран биэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0