Өскөтүн солкуобай куурса чөлүгэр түспэтэҕинэ, саҥа массыына сыаната 15% үрдүөн сөп диэн эспиэртэр этэллэр. Кулун тутар 9 күнүгэр ньиэп сыаната уонна солкуобай куурса сурулаан түһэн, дойдуга массыынаны оҥорон таһаарааччылар долгуйан эрэллэр.
Омук сириттэн саппаас чаас атыылаһан ылан, массыынаны таҥааччылар сыаналарын үрдэппэтэхтэринэ, ночоокко барар кутталлаахтар. Автоконцерн үлэһиттэрэ: «Массыына сыаната үрдүө, эрдэ былааннаммыт саҥа таһаарыылары биллибэт болдьоххо диэри тохтотуохтара, тимир көлө атыылаһыан баҕалаах дьон ыксыахтарын наада, кэлин сыана хас да түһүмэҕинэн ыараан иһиэ», — дииллэр.
Билигин хампаанньалар салгыы хайдах үлэлиир стратегияларын толкуйдууллар. Сыананы эмискэ үрдэтэн кэбистэхтэринэ, атыылаһааччыларын сүтэриэхтэрин, ол аата киллэрэр үптэрин өлүүтэ кыччыан сөп.
Үтүөҕэ-сырдыкка итэҕэйээччилэр, дуолларга туһаайан, солкуобай куурса чөлүгэр түһэрин кэтэһэллэр эрээри, сарсын туох күүтэрин тымтыктанан көрбүт суох.
Арассыыйатааҕы автомобильнай дилердэр түмсүүлэрин салайааччыта Олег Мосеев: “Солкуобай куурса уларыйбатаҕына, массыынаны оҥорооччулар сыаналарын уларытарга күһэллиэхтэрэ”, — диэн этэр. Ол туһунан РБК суруйар https://www.autonews.ru/news/5e66658d9a79470582d8251b
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: m.autostat.ru ылылынна