Бу түүн Орто Халымаҕа ыарахан уйуктаах массыына муус анныгар түһэн, киһи өлүүлээх түбэлтэ тахсыбытын туһунан иһитиннэрии улуус олохтоохторуттан киирдэ. Ол курдук, быһылаан Налимскайтан 15 килэмиэтирдээх сиргэ тахсыбыт…
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, муус устар 13 күнүгэр Сайбалаах күөлүгэр таһаҕаһы тиэйэр «Komatsu ИН-400» тиэхиньикэ муус анныгар түспүт. Бу массыына Магадантан Чукоткаҕа тутуу матырыйаалын (тимир каркаһы) тиэйэн испит. Суолу оҥорооччулар кэпсииллэринэн, массыына таһаҕаһа аһары элбэх эбит. Дьиҥэр, бу хайысханан 30 тоннаҕа диэри хааччахтааһын олохтоммут. Быһылаан тахсыбытынан сибээстээн, билигин Налимскай – Андрюшкино хайысхатынан быстах кэмҥэ айан-сырыы тохтотуллубут.
«Массыына суоллара управление» ГКУ ыйааҕынан, муус устар 13 күнүттэн Үөһээ Халыма кыраныыссатыттан – Чукотка кыраныыссатыгар диэри 16 тоннаттан үөһээ ыйааһыннаах тиэхиньикэ сырыыта тохтотулунна.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru