Массыына ходобуойа сылаас сылдьарын хааччыйар ньыма

22.11.2016
Бөлөххө киир:

Кыһын кэлэн, гараһа суохтар массыыналарын тоҥордулар. Сүүрдүөн баҕалаахтар харчыга сылаас миэстэ арендалыыллар. Икки-үс сыллааҕыта «Якутскэнерго» тэрилтэтин кэтэҕэр эксперимент быһыытынан  уон массыынаны анал оборудование көмөтүнэн 220 вольталаах электролиния ситимигэр холбоон, 60 кыраадыстаах тымныыга тимир көлөлөр умуллан турар кэмнэригэр мотуордара, ходобуойдара сылаас буоларын толору хааччыйбыттарын туһунан суруйбутум. Бу билигин ханна тиийбитин суруйарга сананным.

Бу ураты технологияны олоххо киллэрбит киһинэн «Якутскэнерго» экономикаҕа департаменын нуормалааһыҥҥа секторын начаалынньыга Владимир Макаров буолар. «Якутскэнерго» дьиэтин аттыгар бастаан 10 массыына этэҥҥэ кыстаабыт буоллаҕына, билигин 30 тимир көлө турар. Сарсыарда дьиэлэриттэн кэлээт, тимир көлөлөрүн анал миэстэҕэ туруораллар, ититэр оборудованиеларын розеткаҕа холбууллар. Киэһэ, үлэ чааһа бүттэҕинэ, сылаас массыынаны эһэн, мотуору сылыпппака дьиэлэригэр бараллар.

Владимир Макаров: «Бу ньыманы «Сахатепломеханика» ХЭУо тэрилтэ иһинэн олоххо киллэрбиппит. Быйыл “Энергосбертех” тэрилтэни тэрийдибит. 220 вольталаах уот ситимигэр анал оборудование холбонор. Ититэр тэрил арахса-арахса үлэлиир, мотуор сылаас турарын хааччыйар (тосола 50-70 кыраадыс итийэр)», – диэн быһаарар.

Стойка сылаас сылдьарын хааччыйыы

Дьиҥэр, тимир көлө мотуорун анал оборудованиенан сылытыы уруккуттан баар. Онон бу Американы арыйыы буолбатах. Ол гынан баран, кинилэр саҥаны толкуйдааһыннара массыына ходобуойугар (амортизатор, стойка) анал ититэр лиэнтэни уонна пластинаны туһаныылара буолар. Холобур, 40, 50 кыраадыс тымныыга айаннаан иһэн, кыратык да оҕустардахха, тоҥон иһэр стойка алдьанар. Мотуортан анал ситимнэри  кузов анныгар тардан, анал ититэр лиэнтэни уонна пластинаны стойкаҕа итиэннэ амортизаторга эрийэллэр.  Уонна таһынан сылааһы тутар матырыйаалынан бүрүйэллэр. Тимир көлө үлэлээтэ даҕаны стойка уонна амортизатор сылыйбытынан барар.

Патент ылары ситистилэр

Анал бырайыагы «Технопарк Саха сирэ» болҕомтоҕо ылан, эксперимент быһыытынан көрөргө-истэргэ икки массыынаҕа миэстэ биэрбиттэрэ. Бэрэбиэркэни этэҥҥэ ааһан, бырайыагы Москваҕа бигэргэтиигэ ыыппыттара. Ону быйыл сайын РФ интеллектуальнай бас билиигэ сулууспата «Устройство подогрева автомобильных амортизаторов» диэн ходобуойу сылытар технологияҕа анал патены ыыппыт.

Бырабыыталыстыба 2-с №-дээх дьиэтин аттыгар

Бу технологиянан үлэлиир 12 массыына турар кыахтаах анал парковка бырабыыталыстыба 2-с №-дээх дьиэтин аттыгар аһыллан үлэлээбитэ хаһыс да сыла буолла эрээри, быйыл кыһын анал установкаҕа холбонон турар тимир көлөлөр тоҕо эрэ көстүбэттэр. Ол иһин ити парковканы оҥорбут «Сахатепломеханика» ХЭУо дириэктэрэ Артем Чемпосовтан ыйыппыппар:

«Билигин кылгас кэмҥэ тохтобул биллэрдибит. Барытын саҥардан, тупсаран оҥоруохпутун баҕарабыт да, соло булбакка сылдьабыт. Ол курдук, мотуордарын сылытар анал тэрилэ суохтарга аналлаах парковканы оҥоруохпутун баҕарабыт. Судургутук быһаарар буоллахха, сылааһынан үрэр анал пушкалары туруорар былааннаахпыт», – диэн быһааран биэрдэ.

Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas сайт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0