Массыынаҕа оҕоҕор ханнык кириэһилэни туруордуҥ?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Оҕону анал олбоххо олордууга туспа ирдэбиллэр баалларын массыыналаах эрэ барыта билэр. УГИБДД пропагандаҕа салаата бүгүн ону өссө төгүл санатар. 

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/ 

Ол курдук, кыһыл оҕону уонна олоро илик оҕону сытыаран эрэ анал биһиккэ айаннатыахтаахтар. Ол биһик улахан киһи курунан күүскэ туттарыллан, хамсаабат буолуохтаах.

Оттон бэйэтэ олорор буолбут 1,5 эҥин саастаах оҕо анал кириэһилэҕэ суолга кэннинэн буолан айанныыр гына олордуллара ордук.  Тоҕо диэтэр, оҕо уҥуохтара үчүгэйдик кытаата илик буолан, кур ыбылы тардыытыгар эчэйиэн сөп.

Оттон 1,5 — 4 саастаах оҕону кириэһилэҕэ иннинэн олордор буоллахха, элбэх сиринэн туттарардааҕа, төбөтө өйөнөрдөөҕө ордук.

Оттон 5-тэн үөһэ саастаах оҕолорго эмиэ элбэх сиринэн туттарардаах, көхсүн, төбөтүн уурар өттө  хамсыыр, уларыйар буолара ордук.

Билигин элбэх киһи туттар үс муннук курга иилиллэр адаптердар бааллар. Бу тэриллэри  билигин үгүс дьон кыра саастаах оҕолорго (4-8 саастаах)  кириэһилэтэ суох, суолтатыгар эрэ кэтэрдэллэр. Маны эрэ кэтэн олорор оҕо охсуллуу түмүгэр ньылбырыйан тахсан, бу адаптерга муомахтаныан, эбэтэр ойоҕостон харсыһыыга төбөтүнэн охсуллуон сөп.

Маннык адаптердар улааппыт, уҥуоҕа арыый кытааппыт, төбөтүн тутар, уҥуохтара үчүгэйдик сайдыбыт эрэ оҕолорго туһалыахтарын сөп.

Суолга хайдах баҕарар, хайа баҕарар өттүттэн охсуллуу буолуон сөбүн бары өйдүөхтээхпит. Маннык түгэҥҥэ, бастатан туран, оҕо төбөтө көмүскэллээх, икки өттүттэн өйүүр хаххалаах буолуохтаах.

Суол быраабылата хаанынан суруллубут сокуон буоларын хайа да түгэҥҥэ умнуо суохтаахпыт. Бу оҕону көмүскүүр кириэһилэни сайдыылаах судаарыстыбалартан көрөн, онно сөп түбэһиннэрэн сокуоҥҥа киллэрбиттэрэ. Ол иһин, кыра саастаах оҕолорго чэпчэки сыаналаах адаптеры атыылаһыах кэриэтэ, үчүгэй, бигэ оҥоһуулаах, бары өттүттэн харыстыыр, элбэх сиринэн тутуллар курдаах кириэһилэни ылан олордо сылдьар ордук эрэллээх буолуоҕа.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат,https://edersaas.ru/

Хаартыска: интернеттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0