Массыынаҕа оҕо кириэһилэтин аны ирдээмиэхтэрин сөп

Бөлөххө киир:

 

   Россия бырабыыталыстыбатыгар төрөппүттэр 7-11 саастаах оҕолорун тимир көлөҕө олордоллоругар хайаан да анал кириэһилэни туһаналларын ирдиири тохтотор туһунан кэпсэтии барар.

Саҥа быраабыла киирэр түгэнигэр 7-11 саастаах оҕолор массыына кэннинээҕи олбоҕор улахан киһиэхэ аналлаах куру туһаныахтара. Тоҕо анал кириэһилэни туһанарбыт булгуччулаах буолбатый? РФ Тимир көлөҕө научнай-чинчийэр институтун исписэлиистэрэ анал бэрэбиэркэ оҥорон, массыына олбоҕор олордулла сылдьар кур быдан ордук эбит. Эбии атын анал тэриллэрдээҕэр (кириэһилэ, адаптер).

Сүрүн кистэлэҥэ оҕо төһө уһун уҥуохтааҕыттан тутулуктаах эбит. Холобур, 10 саастаах оҕо уҥуоҕун үрдүгэ 12 саастаах оҕо саҕа буоллаҕына, массыына олбоҕор баар куру туһанар ордук. Исписэлиистэр этэллэринэн, быдан харыстыыр эбит. Сааһыгар эппиэттээбэт үрдүк уҥуохтаах оҕону анал кириэһилэҕэ олордор төттөрүтүн кутталлааҕын быһаарбыттар. Онон суол быраабылатыгар уларыйыы киирдэҕинэ, төрөппүттэр оҕолорун уҥуохтарын үрдүгүттэн көрөн, анал кириэһилэни эбэтэр тимир көлө олбоҕор баар куру (стандарт) туһанар буолуохтара.

Бу уларытыыны киллэрэри бүтэһиктээхтик быһаара иликтэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0