Массыынаҕа “Инбэлиит” диэн биллэрэр бэлиэни хайдах ылыахха?
“Биирдиилээн туһаныыга “Инбэлиит” диэн биллэрэр бэлиэни биэрии бэрээдэгин бигэргэтии туһунан” 04.07.2018 N443н нүөмэрдээх Арассыыйа улэ5э министиэристибэтин саҥа бирикээс 2018 сыл балаҕан ыйын 4 күнүттэн олоххо киирбитэ.
Биирдиилээн туһаныыга “Инбэлиит” диэн биллэрэр бэлиэ I, II группалаах инбэлииттэр туһанар тырааныспардара, ону сэргэ РФ бырабыыталыстыбатынан олохтоммут III группалаах инбэлииттэр уонна итинник инбэлииттэри эбэтэр инбэлиит оҕолору таһар тырааныспардар босхо парковкаланар бырааптарын бигэргэтэр.
Бу инбэлииттэри уонна инбэлиит оҕолору таһар тырааныспар сириэстибэлэригэр эмиэ сыһыаннаах.
“Инбэлиит” диэн биллэрэр бэлиэни медицинскэй-социальнай экспертиза федеральнай судаарыстыбаннай тэрилтэлэрэ оҥороллор. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр “Инбэлиит” биллэрэр бэлиэни РФ Үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ министиэристибэтин “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр медицинскэй-социальнай экспертиза кылаабынай бюрота” федеральнай судаарыстыбаннай тэрилтэ биэрэр.
Биирдиилээн туһаныыга “Инбэлиит” биллэрэр бэлиэҕэ ыйыллар:
-бэлиэ идентификационнай реквизитэ (бэрээдэгинэн нүөмэрэ, бэлиэ биэрбит федерация субъегын кода, оҥоһуллубут сыла, бэлиэни биэрбит медицинскэй-социальнай экспертиза бюротун нүөмэрэ киллэриллэллэр);
— бэлиэ туһаныллар болдьоҕо бүппүт күнэ (инбэлиитинэн сылдьыбыт болдьоҕо бүппүт күнэ ыйыллар; инбэлиит буоларын хос туоһулуур болдьох ыйыллыбакка эрэ инбэлиитинэн билинии түгэнигэр “болдьоҕо суох дьайар” диэн суруйуллар);
— инбэлиит (инбэлиит оҕо) араспаанньата, аата, аҕатын аата;
— төрөөбүт күнэ-дьыла;
— инбэлиит буоларын бигэргэтэр ыспыраапка серията уонна нүөмэрэ;
— инбэлиит группата эбэтэр “инбэлиит-оҕо” категориялаах” диэн суруллар;
— инбэлиитинэн билиниллэр болдьоҕо;
— бэлиэни биэрии күнэ-дьыла.
Анаан бэриллибит миэстэлэргэ парковкаланар быраабы биэрэр “Инбэлиит” биллэрэр бэлиэни чопчу инбэлиит эбэтэр инбэлиит оҕо эрэ бас билэр уонна сүүрдэр массыыналарыгар эрэ туһаналлар.
“Инбэлиит” бэлиэни ыларга маннык докумуоннары ирдэниллэр:
1. Сайабылыанньа;
2. Инбэлиити, инбэлиит оҕону бигэргэтэр докумуон уонна сокуонунан көрүллэр эбэтэр боломуочуйалаах бэрэстэбиитэл буоларын бигэргэтэр докумуон;
3. Инбэлиит буоларын туһунан ыспыраапка.
Наадалаах докумуоннардаах сайабылыанньаны Арассыыйа Үлэҕэ министиэристибэтин “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр медицинскэй -социальнай экспертиза кылаабынай бюротун” аадырыhыгар: Дьокуускай куорат, Чернышевскай уулуссатын 8/2 дьиэҕэ аҕалыахха сөп. Регистратура төлөпүөнэ +7 (4112) 45-05-08, үлэлиир кэмэ бэнидиэнньиктэн-бээтинсэҕэ 8.30 ч.-18.00 ч диэри.
“Инбэлиит” биллэрэр бэлиэни биэрии бэрээдэгин туһунан иһитиннэриини Арассыыйа Үлэҕэ министиэристибэтин “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр медицинскэй — социальнай экспертиза кылаабынай бюрота ” — 8(4112)45-05-08 “суһал линиятыгар” эрийэн чопчулуохха сөп.