Сыстыганнаах дьаҥ кэмигэр дьон сууна-тараана, бэйэлэрин харыстана сылдьар буоллулар.
edersaas.ru
Кэрэхсэбиллээҕэ баар, бэйэ-бэйэҕэ убаастабыллаах, харыстабыллаах сыһыан өссө күүскэ билиннэ. Дьон маннык уустук кэмҥэ өйдүүн-санаалыын сомоҕолоһор, өйөһөр дииллэрэ кырдьыга көстөн эрэр. Оччоҕо эрэ ыарахан кэми этэҥҥэ туоруур буоллахпыт.
Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалаc улууһун уопсастыбанньыктарын сүрүннээччи Зиновий Игнатьев суоппардарга көмө буолаарай диэн, батсаапка маннык сүбэни суруйан ыытта.
— Билигин коронавирус пандемиятын кэмигэр айаннаан кэлэн баран, 5 лиитэрэ ууга 2 таблетка «Хлормисет», «3%-аах перекись водорода» эбэтэр «Жавельон» таблеткатын чаас аҥаара ууга туруораҕын.
Эмп суураллыбытын кэннэ бэрчээккэлээх массыына сотор тирээпкэҕин илитэн баран массыына уруулун, ааннарын тутааҕын сотон ылаҕын.
Ол аата сырыы-айан кэнниттэн массыынабытын эрэллээхтик дезинфекциялаатыбыт.
Бу сүбэ массыыналаах дьонҥо туһалыаҕа, волонтер суоппардар да туһаныа этилэр диэн сүбэлээтим.
Игнатьевтар дьиэ кэргэҥҥэ санитарнай ирдэбили кытаанахтык тутуһар буолан, ыал аҕа баһылыга бу маннык сүбэни ыытта. Хаартыскаҕа кинини табаарыһа Николай Жирков түһэрдэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Cаха сирэ» хаһыат, edersaas.ru