Быйыл тохсунньу тымныы күннэрин ордук айаҥҥа сылдьар дьон биллилэр, тоҥнулар-хаттылар. «Аара көлөбүт алдьанан, тоҥмотох эрэ киһи…» диэн санааҕа ылларбыт киһи үгүс буолуохтаах.
edersaas.ru
Соторутааҕыта «Саха сирэ» хаһыакка бу тиэмэҕэ сыһыаннаах атын-атын ис хоһоонноох икки сурук кэлбитэ. Ол суруктары билиһиннэрдэххэ маннык.
«Мин Дьааҥы Верхоянскай куоратыгар Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүллэргэ дойдубар сынньана тиийбитим. Сынньалаҥмыт бүтэн, куораттаары Баатаҕайга туруммуппут. Массыынабытыгар кыра оҕолордоох дьону кытта аргыстаһар буолбуппут. Арай «Шамаҥҥа» тиийээппитин кытта, массыынабыт умуллан, алдьанан хаалла. Суоппарбыт син өр бодьуустаста да, массыынабыт үлэлээбэтэ. Биһиги тоҥон бардыбыт. Саатар Баатаҕайдыыр массыыналар иннибитинэ барбыттар быһыылаах, кэннибититтэн биир да массыына ситэн кэлбэтэ. Дьокуускайдыыр үс киһи сөмөлүөппүтүн куоттарар туһунан санаабакка, манна тоҥмотох эрэ киһи диэн толкуйга ыллардыбыт. Бүлүү суолугар суоппардар үгүсүк көмөлөспөккө ааһа туралларын истэр буолан, аны ааһан иһэр киһи тохтообокко, көтүтэн ааһыа диэн олус куттана турбуппут. Биһиги дьолбутугар, Баатаҕай туһаайыытыттан биир массыына иһэрэ көһүннэ. Хата, тохтоото. Массыыната иномарка буолан, биһиги массыынабытыгар сөп түбэһэр саппаас чааһа суох буолан биэрдэ. Кэпсэтэн билсибиппит, Верхоянскай куорат олохтооҕо Семен Чириков диэн эбит. Семен Васильевич Баатаҕайга төттөрү төннөн, куораттыыр уонна оҕолоох дьону илдьэр буолла. Портка тиийбиппит, тымныыттан сөмөлүөт көппөккө, тардыллан турар (задержка) эбит. Биһиги хайдахтаах курдук алдьархайга түбэһэ сыыспыппытын кэлин өйдөөтүбүт. Уустук балаһыанньаҕа түбэспит биир дойдулаахтарын кыһалҕаларын өйдөөн, куораттыыр сөмөлүөппүтүгэр тиийэ тиэрдибитигэр, оҕолоох дьону алдьархайтан быыһабытыгар биир дойдулаахпытыгар Семен Чириковка барҕа махталбытын тиэрдиэхпитин баҕарабыт. Эн дьоҥҥо ыраас истиҥ санааҥ куруутун бэйэҕэр туһалыы сырыттын. Дьон махтала эйиэхэ уон оччонон үтүөнэн төнүннүн, Семен Васильевич! Биһиги эн курдук биир дойдулаахпытынан киэн туттабыт«, — диэн суруйар «Дьааҥыттан төрүттээх Дьокуускай куорат олохтооҕо Любовь Никитина« диэн илии баттаабыт ааҕааччыбыт.
Иккис сурук маннык ис хоһоонноох:
«Соторутааҕыта улуустан кэлэн, аймахтарбытыгар сакаастарын илдьээри киэһэ 20 чаас саҕана Маҥаннаан иһэн, Марха аттыгар массыынабыт умуллан хаалла. Суоппарбыт оҥосто сатаата да, кыайбата. Ыксаан ааһан иһэр массыыналары тохтото сатаатыбыт, ким да тохтообот, ааһа тураллар. Биир аргыспыт:»Аара суолга алдьаннаххытына манна эрийиҥ», — диэн суруйбут төлөпүөннэригэр эрийдэ. Биһиги: «Төлөпүөн нүөмэрин суруммуккар махтал!» — диэн үөрдүбүт. Ол эрээри төлөпүөнү ыллылар да: «Үлэ чааһа бүттэ, кыайан тиийэр кыахпыт суох», — диэтилэр. Биһиги, массыынаҕа олорор дьон, тоҥон бардыбыт. Суоппарбыт суорҕаннаах эбит, онтун биэрдэ. Мин: «Аата сүрүн, айан-сырыы ааһар хабыллар ортотугар тоҥон эрдэхпит абатыан», — дии санаан ытамньыйан ыллым. Суоппарбыт ыксаан Геологтар бөһүөлэктэригэр олорор аймах уолун көмөҕө ыҥырда. Хата, убайын көрдөһүүтүн быһа гыммакка, уолбут сотору кэминэн массыынабытын өрөмүөннэһэн, Маҥаҥҥа диэри арыаллаан илдьэн биэрдэ. Бу түбэлтэ кэнниттэн араас санаа үөскүүр: «Ама да, куорат буолтун иһин, алдьанан турар массыынаҕа чугаһаан көмөлөһөр, саатар билсэн ааһар кыах суох дуо? Хабараан тымныыга туман быыһыгар ыксаабыт дьон куоластыыллара биллэр буоллаҕа дии. Биһиэхэ кыһаммакка ааспыт дьон эмиэ ыал аҕалара, ийэлэрэ — саха дьоно буолуохтара. Дьонноох-сэргэлээх сиргэ тохтообот дьон, эгэ, ким да суох сиригэр, трассаҕа тохтоон көмөлөһүөхтэрэ дуо? Онон бу суругу аахпыт дьон, кытаатан, массыыналара тоҥон куоластыы турар дьону быһа ааспакка, ким хайдах сатыырынан көмөлөһөр буолуҥ дуу диэн көрдөһөбүн. Уопсайынан, кыһыҥҥы тымныы кэмҥэ алдьаммыт массыыналар ыҥырдахтарына, көмөҕө кэлэр суһал сулууспалар наһаа наада эбиттэр. Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ маннык сулууспалары тэрийэн, олоххо киллэрэрэ буоллар диэн көрдөһүүлээхпин», — диэн суруйар Дьокуускай куораттан Анна Васильева.
Ааҕааччыбыт суругун кытта төлөпүөн нүөмэрдэрин ыыппыт, туох үлэлээх дьонун билсин диэн көрдөспүт. Анна суруйбут сорох нүөмэрдэригэр эрийэн билистим. Кэпсэтии ис хоһооно маннык буолла. Бастакы нүөмэргэ биир тэрилтэ диспетчерэ Александр Мордовской эппиэттээтэ:
— Биһиги аара суолга алдьанан турар массыыналар эрийдэхтэринэ, хайаан да тиийэн көмөлөһөбүт. Билиҥҥитэ биир да массыынаны аһаҕас халлаан анныгар хааллара иликпит. Өскө сакаас элбэх киирдэҕинэ, атын сулууспаларга тиэрдэбит. Онон биһиэхэ бу дьон эрийбэтэхтэр.
Онтон сыыйа атын түбэһиэх төлөпүөн нүөмэрдэригэр эрийтэлээтим. Ким эрэ чааһынай төлөпүөнэ буолан биэрдэ, мин киниттэн тугу ыйыталаһарбын олох өйдөөбөтө. Ким эрэ: «Мин чааһынай тэрилтэбин. Эрийээт, сыанабын билэн баран:»Ыарахана бэрт эбит», — диэн тута аккастаанааччылар», — диэн быһаарда. Биир ыксаабыт киһини уоскутар бэртээхэй ааттаах тэрилтэ баар эбит, төлөпүөнү үлэһит ылла. Хата, бэйэбэр сүбэ бөҕөтүн биэрдэ. Ким эрэ: «Аата итиччэ чугас Мархаҕа алдьаммыт буоллахтарына, тоҕо тоҥо олордулар? Массыыналарын хаалларан баран, такси ыҥыран, дьиэлээн хаалыа эбиттэр», — диэтэ. «Улуустан киирбит дьон хайдах таһаҕастарын суолга мээнэ хаалларыахтарай?» — диэн ыйыппыппар: «Чэ, ону мин билбэппин. Хаһан да итинниккэ түбэспэтэх дьыалам», — диэтэ. Бу кэпсэтиилэртэн мин бииртэн уоскуйдум: «Тоҥмут, алдьаммыт массыыналарга көмө буолар сулууспалар син бааллар эбит ээ!» — диэн. Оттон кинилэр хайдах үлэлииллэрэ — ол туспа ыстатыйа тиэмэтэ.
Онон ыраах айанныаххыт иннинэ бу төлөпүөнэргэ сэрэххэ эрийэн, ким кимэ буоларын «сиидэлээн», билсиэххитин сөп эбит. Ол эрээри аара суолга тохтоон, алдьанан турар массыыналары быһа ааспаккытыгар көрдөһөбүт. Хоту сиргэ олорор дьон кыһыннары-сайыннары бары да биир баҕалаах буоллахпыт — массыынабыт аара алдьамматар диэн.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru