Массажист, хаанньыт Мыраана

Ааптар: 
24.05.2022
Бөлөххө киир:

Сахабыт сиригэр эдэр массажист үгүс. Ол эрээри, бааҥка туруорар, эбиитин хаанньыт эдэр киһини көрсө да, истэ даҕаны иликпин. Бүгүн биһиги хаһыаппыт ыалдьыта – бу үс сатабылы баһылаабыт Мыраана.

edersaas.ru

 

Бэйэни булунуу

– Мыраана, бэйэҥ тускунан кэпсии түһэриҥ буоллар.

– Таатта улууһуттан төрүттээхпин. Мыраана – иккис аатым. Бу ааты ылыныым бэйэтэ дириҥ, туспа устуоруйалаах. Массажист идэлээхпин, кэлин үөрэммитим. Оскуола кэнниттэн ХИФУ юридическай факультетыгар үөрэнэ киирбитим. Сыалым-соругум букатын атын этэ, судьуйа буолар баҕалааҕым. Икки сыл үөрэнэн баран, бэһис кылаастан юридическайга киирэбин диэбит баҕа санаам, көрүүм букатын уларыйан, арыый сымнаҕас, дьону кытта үлэҕэ чугас диэн психолог идэтигэр көһөн хаалбытым. Үс сыл үөрэнэн баран талан ылбыт хайысхабар бэйэбин уйулҕаһыт быһыытынан көрбөппүн диэн, дьоммор эппэккэ эрэ үөрэхпин хаалларан, быстах үлэҕэ киирбитим. Ити 2018 сыллаахха этэ. Бэйэбин көрдөнүүм итинтэн саҕаламмыта. Араас астрологтарга, көрбүөччүлэргэ элбэхтик сылдьыбытым. Бары кэриэтэ: “Тоҕо дьону кытта үлэлээбэккин?” – диэн ыйыталлара.

Биир үтүө күн эдэр ойуун уолга бара сылдьыбытым (тута этэбин, социальнай ситимнэргэ суох), дьон бэйэ-бэйэлэриттэн истэн тиийэллэр. Аанын атыллаан киирээппин кытта: «Тоҕо дьону эмтээбэккин?» – диэн ыйыта тоһуйбута, – дьону эмтиэхтээххин, тоҕо муна сылдьаҕын», – диэтэ. “Оччоҕо мэдиссиинэ институтугар киирэбин дуо?” – диэт алта сыл үөрэнэрбин, онтон ординатураны ааһарбын, олоҕум уонча сыла үөрэххэ барыаҕын толкуйдуу оҕустум. “Мин эйигин мэдиссиинэ институтугар киир диэтим дуо?” – диэн сөбүлээбэтэҕин биллэрбитэ. Салгыы олус элбэҕи кэпсээбитэ, сүбэлээбитэ.

Массажка, бааҥкаҕа, хааннааһыҥҥа сыстыы

– Массажист идэтин тоҕо, хайдах талбыккыный?

– Маҥнай Дьокуускайга массаж кууруһун ааспытым. Тута ол үөрэммит тэрилтэбэр үлэҕэ киирбитим. Ону кытта тэҥҥэ бааҥканы туруорарга үөрэммитим. Бастаан эдэр уолу көрөн ити тугу гынарый диэн муодаргыы саныырым. Онтон дьон нөҥүө саастаах киһи хаанныырга үөрэтэрин истэн, бассаабыгар: “Мин үөрэниэхпин баҕарабын, үөрэтэҕин дуу?” – диэн быһаччы ыйыппытым. Аахпыта эрээри, хоруйдаабатаҕа. Үөрэппэт эбит диэн санаам түһэн хаалбыта. Сарсыныгар: “Кэлиэхтээх киһи кэлээри гынар эбиккин”, – диэн баран аадырыһын суруйбута. Киниттэн үгүскэ үөрэммитим эрээри, докумуон биэрбэт этэ. Ол иһин Уфа куоракка баар норуот традиционнай килииникэтигэр үөрэнэн докумуон ылан эрэ баран хааннааһыҥҥа үлэбин саҕалаабытым.

Сорохтор манан дьарыктанар дьон хайаан даҕаны миэдик үөрэхтээх буолуохтаах дии саныыллар. Дьон ирдиирин иһин алын миэдик үөрэҕэр үөрэммитим. Ол гынан баран, маннык үлэҕэ кумааҕы – аатыгар эрэ, сүрүн оруолу уопут быһаарар эбит. Хааннааһынынан ылбычча киһи дьарыктаммат, ону уопутурдаҕым ахсын бигэтик өйдүүбүн.

Кэлин кийииттии тиийэн баран, наһаа үчүгэй күтүөттэммитим (кэргэним күтүөтэ), миэхэ элбэх билиини кини биэрэр. Бэйэтэ убаастанар, үрдүк үөрэхтээх быраас. «Учууталыҥ кимий?» диэтэхтэринэ харахпар маҥнай кини көстөр арай. Элбэх киһиэхэ харчыга үөрэммитим үрдүнэн, миэхэ кини иҥэрэр билиитэ быдан сыаналаах эбит, кини үллэстибит билиитин биир да үөрэххэ ылбатаҕым.

Киһи Орто дойдуга кэлэригэр син биир туох эрэ аналлаах, ханнык эрэ идэҕэ ананан кэлэр эбит. Мин билигин судьуйа буолуохпун, дьон дьылҕатын быһаарыахпын баҕарбаппын, олус ыарахан үлэ. Дьон этин-сиинин кытта үлэлиир миэхэ быдан чугас, бэйэм эйгэм дии санаатым. Сынньана бардахпына үлэбин олус ахтабын.

Ыарыыны эмтиирдээҕэр сэрэтэр ордук

– Ханнык ыарыыларга көмөлөһөрүй?

– Холобур, хааннааһыны ылан көрүөххэ. Мин маны “генеральная уборка организма” диэн ааттыыбын. Бу киһиэхэ ыарыыны эрдэттэн сэрэтии өттүгэр олус туһалаах. Хайаан даҕаны улахан ыарыылаах киһи хааннатыахтаах диэн толкуй сыыһа. Дьон ыалдьыан иннинэ кэлэн хааннатара ордук көдьүүстээх. Тоҕо диэтэххэ, туран хаалбыт хааны ыраастаан таһаарар. Ол тахсыбыт хаан оннугар эт-хаан саҥа, доруобай хааны оҥорор.

Оттон ыарыы туһунан эттэххэ, мин үксүн хондуруостаах, ньиэрбэлэрэ кыбыллыбыт, систэрэ быстыбыт, тымныыйыылаах, межребернэй невралгиялаах, хаан баттааһыннаах, төбөлөрө ыалдьар, о.д.а. ыарыылаах дьону кытта үлэлэһэбин.

– Төһө элбэх куурус ирдэнэрий?

– Дьоҥҥо сыҥаланарбын букатын сөбүлээбэппин. Хаттаан хааннааһыны балтараа-икки ыйынан оҥоруохха сөп. Иккис куурус ирдэнэр эбит дии санаатаххытына кэлээриҥ диибин. Хас биирдии киһи бэйэтин этин-сиинин истэ үөрэнэрэ наада. Дьон иккистээн-үһүстээн кэлиилэрэ үгүс. Бу киһиэхэ хайаан даҕаны салгыы куурус ирдэнэр диэн көрдөхпүнэ, икки-үс ыйынан кэлээр диэн этэбин. Сүүс киһиттэн икки-үс эрэ киһиэхэ инньэ диэн сүбэлиэхпин сөп.

Туһаммыттар элбэхтэр

– Эн өҥөҕүн туһанан баран чахчы чэпчээтим, үтүөрдүм диэн кэлээччи төһө элбэҕий?

– Элбэхтэр эрээри, сыанабыл (отзыв) суруйан хаалларар дьон аҕыйах. Тоҕо, туох төрүөтүнэн суруйбаккыт диэн ыйытан көрдөхпүнэ: “Элбэх дьоҥҥо аһаҕастык эттэхпитинэ, ыарыыбыт хаттаан көбөн кэлиэ диэн харыстанабыт”, – дииллэр.

Былырыын бүөрүгэр таастаах эдэрчи киһи кэлэн ыарыыны сэрэтэр инниттэн диэн хааннатан барбыта. Быйыл кулун тутарга кэлэн: “Бүөрбэр таастаах этим. Икки-үс сыл эмтэммитим да, тахсыбатаҕа”, – диир. Былырыын хааннатан баран икки нэдиэлэ курдугунан снимоктоппыта тааһа суох үһү. Бэйэтэ түспүт дуу, хааннааһын көмөлөспүт дуу – билбэппин, ол гынан баран хааннааһын кэннэ тааһым сүттэ диир.

Биэс уончалаах эр киһи маҥнай миэхэ икки сыллааҕыта кэлбитэ. Төбөтүн аҥаар өттүн эпэрээссийэлэппит этэ, утуйан хаалар диирэ, кэмиттэн-кэмигэр кэлэн хааннатара. Уонча сыл балыс кэргэннээх, оҕолоро суох эбит. Былырыын кэргэнин аҕалбыта. Атырдьах ыйыгар ол киһи кэлиэхтээх этэ да, кэлбэтэ. Өрүү кэлэн бөҕөргөтүнэн барар дьоммун билэбин. Балаҕан ыйыгар олус үөрбүт эниэргийэлээх кэллэ, тугу эрэ этиэн баҕарар да, эппэт курдук: “Тугу эрэ этиэххин баҕараҕын дуо, кэпсээ”, – диэтим. Онтум кэргэнэ миэхэ сылдьан баран ыйдааҕыта кэлбэтэх, бу кыыска хааннатан баран климакстаатым быһыылаах, хааннатар куһаҕан эбит, олох барыма диэбит. Дьээбэлэнэн тестэнэн көрбүтэ, хат эбит, онтон быһаартарбыта номнуо икки ыйдаах үһү. Уопсайынан, миэхэ хааннаппыт хас даҕаны кыыс хат буолла.

20-60 саастаах дьон

– Хас саастарыттан көҥүллэнэрий?

– Миэхэ сүрүннээн 20-60 саастаах дьон кэлэр. Төрөппүттэрэ эрдэҕэс оҕолору эмиэ аҕалааччылар. Аныгы кэм оҕолоро билиҥҥиттэн хондуруостаахтар, хаан баттааһыннаахтар… Биирдэ дьиэҕэ олоруу кэмигэр ыйааһынын 15 киилэ эппит, 180 дабылыанньалаах оҕону аҕалбыттара. Бааҥканы туруоруу 3 саастарыттан үөһэ оҕолорго көҥүллэнэр диэн эрээри, билиҥҥитэ кыра оҕону кытта үлэлииргэ бэлэмим суох. 13 саастаах оҕону хааннаан көрбүтүм.

“Күрэстэһээччи курдук көрбөппүн”

– Аны дьону үөрэтэн эрэҕин. Кэлин илин былдьаһыахтара дии санаабаккын дуо?

– Дьон бааҥкалааһын уонна хааннааһын диэни бутуйаллар, мин хааннааһыҥҥа буолбакка, бааҥканы сөпкө туруорарга, күннээҕи олоххо ханнык ыарыыларга туһаныахха сөбүгэр үөрэтэбин… Тус бэйэм бааҥканы күннээҕи олохпор үгүстүк туттабын. Кэргэним массажтаа диэтэҕинэ, иллэҥ кэмэ суох буоллахпына имэрийэн-имэрийэн баран бааҥка туруорабын. Оччоҕо массажтаммыт тэҥэ сананар. Бааҥка эти оборор, үллэн тахсар, 10-15 мүн. ыллахха эт тэнийэн, быччыҥ босхо барар. Онон үчүгэй уонна ыарыыны сэрэтиигэ, доруобуйаны бөҕөргөтөргө туһалаах.

Саха сирин олохтооҕо элбэх, онон үөрэтэр дьоммун илин былдьаһааччы курдук ылыммаппын, кэллиэгэлэрим диибин. Хас биирдии доруобуйатын бөҕөргөтүнүөн баҕарар киһи бэйэтэ сөбүлээн сылдьар массажистаах, эмчиттээх буолуохтаах. Бэйэбин хаанныыр киһиэхэ эмиэ наадыйабын. Миэхэ үөрэммит дьонтон (үксэ кыргыттар, дьахталлар) син биир биир эмэ толору баһылыыр, биир өйдөөх-санаалаах киһи көстүө дии саныыбын. Кинини хаба тутан салгыы үөрэтиэхпин баҕарабын.

Элбэх улууска сылдьыбытым. Тыа сиригэр үксүн саастаах дьон кэлэллэр. “Урут хас биэлсэр, быраас бааҥканы туруорар кыахтааҕа, оннооҕор дьиэҕэ бэйэ-бэйэбитигэр уоттаах бааҥканы туруорсарбыт, билигин ол умнууга хаалла», – дииллэр. Онон хас биирдии дьиэҕэ былыргылыы бааҥканы туруорары сатыыр киһи баар буолуон баҕарабын. Киһи барыта толору кууруһу ылара уустуктардаах. Ким эрэ иллэҥ бириэмэтэ, ким эрэ сыллааҕы толору икки-үс кууруһу ааһарыгар үбэ-харчыта кырыымчык. Ол иһин билиибин үллэстэбин. Күрэстэһии биисинэскэ хаһан баҕарар баар эрээри, дьоҥҥо көмө өттүгэр ити суох дии саныыбын.

Көҥүллэммэт түгэннэрдээх

— Туох ыарыылаахтары ылар көҥүллэммэтий?

— Оннук баар. Бастакы үс ыйдарыгар хат сылдьар дьахталларга көҥүллэммэт. Онтон салгыы этэҥҥэ буоллахтарына систэрин өттүн тыыппакка, сүнньүлэрин өттүгэр үлэлэһиэххэ сөп. Аны ВИЧтаах, сэлликтээх дьоҥҥо барсыбат. Ол инфекция сыстыытыттан куттаныы диэн буолбатах, төттөрүтүн доруобуйаларын мөлтөтүөн, сэлликтээхтэргэ тыҥаларыгар хааннара барбытын билбэккэ сылдьар буолуохтарын сөп. Ханнык баҕарар эппэрээссийэ кэнниттэн сыл аҥаара буолан баран биирдэ ылыахха сөп, дьахталлар ыйдааҕыларын кэмигэр, ханнык баҕарар искэннээх (рак) дьоҥҥо оҥоһуллубат.

 

Үлэ хаһан баҕарар баар

– Сорох эдэр дьон үлэ суох диэн олороллор. Эн юрист, психолог курдук икки үрдүк үөрэҕи быраҕан туран олоххо бэйэҥ миэстэҕин, дьарыккын булуммуккун.

– Ити икки өрүттээх буолуон сөп. Бастакытынан, баҕа санаалара, сыаллара суох буолуон сөп. Иккиһинэн, баҕар, ким эрэ сөбүлүө суоҕа гынан баран, бэлэмҥэ үөрэнэн хаалбыт киһи үлэ суох диир. Үксэ инник дьоҥҥо ким эрэ көмөлөһөр, кыһалҕатын быһаарар. Үлэ хаһан баҕарар баар, киһи бэйэтэ көрдүөн, үлэлииргэ баҕалаах буолуон эрэ наада. Сир-халлаан икки ардыгар хаалбыт, көмөлөһөр киһитэ суох дьон кыһалҕаттан даҕаны үлэ булан үлэлиир. Оннук сылдьан олоххо бэйэтин миэстэтин булар. Уонна киһи кыбыстар үлэтэ диэн суох, ини өйдүүр наадалаах. Илиитэ-атаҕа баар, төбөтө үлэлиир буолан баран үлэлээбэтиттэн кыбыстыахтаах. Оннооҕор устудьуоннуу сылдьан биир кэмҥэ массыына сууйан турардаахпын, саамай кирдээх үлэм этэ, дьон кэлэ-кэлэ кыыс тахсан кэллэҕинэ соһуйаллара. Ону саныы-саныы үөрэбин эрэ, бу эдэр сааспыттан төбөм олоруута арыый атын буолан кыбыстыбакка аҥаар кырыытыттан ылсан истэҕим дии. Ол иһин ыччакка этиэм этэ – кыбыстыбакка үлэлээҥ, боруобаланан иһиҥ. Итинник аҥаар кырыытыттан үлэҕэ холоммут буолан, бу 24 сааспар элбэҕи билэбин, сыаналыыбын. Ити түһүмэхтэри ааһыахтаахпын диэн чопчу билэрим, ол иһин ытаммаппын, бэйэбин көрдөнө сылдьан олох охсууларын чэпчэкитик көрсөргө үөрэммиппиттэн үөрэбин эрэ.

Киһи кыһалҕаны үөрэ көрсүөхтээх. Кыһалҕа киһиэхэ күүс эбэр уонна күүстээх эрэ дьоҥҥо кэлэр. Салгыы киһи бэйэтэ быһаарар, күүһүрэрин эбэтэр суолун аҥарыгар тосторун, мөлтүүрүн. “Все, что нас не убивает, делает нас сильнее” диэн этии баар. Төһөнөн улахан кыһалҕа да, соччонон улахан үөрүү тосхойор, ити олохпут биир быраабылата эбит, ону дьон өйдүөн наада.

Былааннар

— Инникитин туох былааннааххын?

— Нороднай традиционнай киин тэриниэхпин баҕарабын эрээри, билиҥҥитэ чопчу маннык буолуо диэн былаанныы иликпин. Уфа, Казань эҥэр ити курдук кииннэр элбэхтэр. Саха сиригэр эмиэ тэнийэрэ ордук этэ. Ол гынан баран, аатыгар эрэ буолбакка, таһыччы билиилээх, чахчы баҕаран туран үлэлиир дьону кытта үлэлэһиэхпин баҕарабын.

Сэҥээрбит дьон  7-924-898-78-62 нүөмэринэн билсиэххитин сөп.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0