Массажист Альберт Яковлев: «Айылҕаҕа турар уу сытыйар. Киһи этэ-сиинэ эмиэ оннук».
Кэлиҥҥи кэмҥэ Саха сиригэр массааһынан эмтээһин сайдан эрэр. Дьиҥэр, бу ураты көрүҥү, ньыманы Улуу Кытай норуота баһылаабыта ыраатта. Сахаларга даҕаны илбийэн эмтээһин уруккуттан баара биллэр. Бу, баҕар, массаас биир ураты көрүҥэ буолуон сөп. Айылҕаттан айдарыылаах эмчиттэрбит илбийиини мээнэ туһамматах буолуохтаахтар.
Бүгүҥҥү «Итии чэй» рубрика ыалдьытынан үрдүк категориялаах, массаастааһыҥҥа ураты көрүүлээх, толкуйдаах Альберт Яковлев буолар.
– Үтүө күнүнэн, Альберт Егорович! Дьоҥҥо-сэргэҕэ уопуттаах массажист быһыытынан балачча биллэҕин, саха массаас диэни төрүттээбит киһигин. Ити ньымаҥ сүрүн уратыта туохханый? Туохха олоҕуран итини айдыҥ?
— Массаас диэн хас биирдии омукка баар. Биһиэхэ сахаларга илбийии диэн эмиэ массаас биир көрүҥэ буолар. Ол гынан баран, бу илбийии уратылаах. Манна туһаныллыахтаах бары ньыма барыта баар. Холобур, уҥуоҕу, быччыҥы тутуу, киһи ис уорганнарын массаастааһын, киһи өйүн-санаатын көмөтүнэн эмтээһин. Киһи өйүн-санаатын туһаныы диэн ол аата киһи туохтан ыалдьыбытын өйдөтөн быһааран биэрии.
Саха массаас диэни бэйэм толкуйдаабытым. Аан дойду норуоттарын ньымаларын үөрэтэн, ону саҥардан биэрэн, биир кэлим систиэмэ оҥорору ситистим. Манна көннөрү массаастааһын эрэ буолбакка, туохтан ыарыы үөскээбитин быһааран биэрэн, ону киһи өйүнэн-санаатынан ылынан, ыарыыны суох гынарга бэйэтэ кыһалларын-мүһэллэрин ситиһии. Инники өттүгэр ыалдьыбат курдук сөптөөхтүк дьаһанан-дьапсынан олороругар көмөлөһүү. Киһи ыарыыны кыайарыгар, доруобай-сэнэх сылдьарыгар өйө-санаата, уйулҕата эмиэ уларыйыахтаах.
– Ол аата аан дойду омуктарын массаастыыр ньымаларын барытын үөрэттэҕиҥ?
— Үксүлэрин. Анал литературанан эрэ муҥурдаммакка, омук сирдэринэн элбэхтик сылдьан, массааһынан дьарыктанар дьону кытта билсэн, кинилэр хайдах туталларын-хабалларын көрөн, бэйэм эппинэн-хааммынан билэн элбэххэ үөрэммитим. Ол курдук, тайскай, илиҥҥи, былыргы нуучча, Кытай ньымаларын баһылаабытым. Саамай сүрүнэ, бу ньымаларга туох ситэтэ суоҕун билэн, ону өссө саҥардан биэрэри ситиһэн, саха массааһа диэн атын көрүҥү, ньыманы айары ситистим.
– Дьэ ол ханнык ураты ньыманы айдыҥ?
– Бастакытынан, массаастыы туран, киһи туга ыалдьарын уонна туохтан ыалдьыбытын барытын кэпсээн биэрэбин. Илии, сис, атах быччыҥнара тоҕо күүрбүттэрин быһаарабын. Көннөрү массааска киһи турар уонна сытар кэмнэригэр быччыҥнар араастык үлэлииллэрэ кыайан учуоттаныллыбат. Киһи турдаҕына уонна сыттаҕына, быччыҥнарын көрдөрүүтэ адьас атын буолар. Саха массааһын биир уратыта манна сытар. Быччыҥ ноҕуруускаланар кэмигэр араас ньымалары эбии туһанабын. Маннык ньымаҕа киһи этэ-сиинэ түргэнник чэбдигирэр, чөлүгэр түһэр.
– Хаһааҥҥыттан көрбөт буолбуккунуй?
– Кыра эрдэхпиттэн хоккейдыырбын олус сөбүлүүрүм. Саас таһырдьаттан киирбэккэ, ол айдаана буолааччы. Биирдэ хоккейдыы сырыттахпына, клюшканан хараҕым аттынан алҕас саайбыттара. Бу эчэйииттэн сылтаан көрбөт буолбутум. Билигин санаатахха, ыйааҕым оннук быһыылаах. Туох барыта мээнэҕэ буолбат дииллэр. Ити эчэйэр күммэр ийэм барахсан билбит курдук адьас оонньуу барыма диэн боппута. Ол үрдүнэн күүспүнэн оонньуу тахсыбытым. Интэриэһинэйэ диэн, ити күн миигин туох эрэ туораттан көрөр, батыһар баар курдук этэ.
– Хаһааҥҥыттан массаастыыр буоллуҥ. Арааһа, атын идэни талаары сылдьыбыт буолуохтааххын.
– Оҕо эрдэхпинэ быраас буолуохпун баҕарарым. Ону ааһан, байыаннай хирург. «Служу Советскому Союзу!» диэн телебиэриигэ байыаннай хирурдар бааһырбыт саллааттары хайдах быыһыылларын туһунан биэриини олус умсугуйан көрбүтүм.
Эчэйии кэнниттэн элбэх балыыһаны кэрийбитим. Өссө кыратык ыйдаҥардар эрдэхпинэ, быраастары, сиэстэрэлэри адьас маҥан халааттаах аанньаллар курдук көрөрүм. Кинилэргэ дьон махтанарын олус истиҥник истэрим, астынарым. Онно быраас буолар баҕам өссө күүһүрбүтэ эрээри, ол хайдах даҕаны кыаллыбата биллэрэ. Ол эрээри, ити баҕа санаам куруук үүйэ-хаайа тутара. Ойууннар тустарынан элбэх кинигэни аахтаран истэрим. Ол сылдьан аны ойуун буолуохпун баҕаран кэлбитим. Биллэн турар, ити эмиэ кыаллар кыаҕа суох этэ, туспа айдарыылаахтар буолан эрдэхтэрэ.
Ийэм бу уол хайдах үөрэммэккэ олоруой диэн Дьокуускайга көрбөттөр оскуолаларыгар бэһис кылааска киллэрбитэ. Онно массаас төрүтэ диэн предмети аан бастаан үөрэппиттэрэ. Дьэ мин бастакы уруокка үөрэнээт, уотунан оҕустарбыт курдук буолбутум, бу миэнэ эбит диэн тута өйдөөбүтүм уонна ис сүрэхпиттэн умсугуйбутум. Дьону маннык эмтиир эбиппин диэн күүстээх санааны ылынан, ис сүрэхпиттэн үөрэнэн барбытым. Салгыы Жатайдааҕы медицинскэй лиссиэйгэ үөрэнэ киирбитим.
– Үөрэххин бүтэрэн баран, Дьокуускайдааҕы I №-дээх поликлиникаҕа үлэлии киирбиккин.
– Оннук. Тута массажиһынан үлэлээн барбытым. Төһө даҕаны үчүгэйдик үөрэммитим иһин туох эрэ итэҕэс, тиийбэт курдуга. Онно оҥорор классическэй массааһым дьоҥҥо көдьүүһэ кыра этэ. Итинтэн сылтаан массааһы өссө дириҥэтэн үөрэппитим. Омук сирдэрин кэрийэн, биллэр-көстөр массажистар семинардарыгар сылдьыбытым. Холобур, биир ньыманы исписэлиистэр атын-атыннык оҥороллоругар тиийэ билбитим, ону чуо араарар буолбутум. Орто Азия массажистарын ньымаларын ордук дириҥэтэн үөрэппитим. Тоҕо диэтэххэ, илиҥҥи медицинэ олус сайдыылаах, дириҥ философиялаах. Бу үөрэтии биир эрэ сылынан муҥурдамматаҕа, 10-тан тахса сыл чинчийбитим. Хайаан даҕаны чахчы үрдүк таһымҥа тахсыахтаахпын диэн сыал-сорук туруорунан үлэлээбитим. Билигин ити үлэм, сырам халтай хаалбата диэн үөрэбин эрэ. Саха массааһын төрүттүүр туһунан идиэйэ, санаа өссө устудьуоннуур кэмнэрбэр киирбитэ. Тоҕо Кытай, Азия ньымалара эрэ баалларый? Тоҕо саха массааһа суоҕуй диэн ыйытыы үөскээбитэ. Сахаларга былыр илбийии диэн баар эбит. Ол аата баар буолуохтаах диэн бигэ санааны ылыммытым.
Саха киһитигэр аналлаах ураты манипуляциялары туһанабын. Тоҕо диэтэххэ, биһиги тыйыс айылҕалаах сиргэ олоробут. Тымныы сиргэ олорорбут быһыытынан элбэх эниэргийэни туһанабыт, барыыбыт. Маны хайдах гынан күүһүрдэбит диэҥҥэ олоҕуран, ити саха массааһын айдым.
– Эйигин төлөпүөнүнэн кэпсэтэ туран, киһи туга ыалдьарын билэр дииллэр. Кырдьык дуо?
– Билэбин. Манна туспа кистэлэҥ баар. Биоэнэргиэтикэнэн, парапсихологиянан уонна араас медитативнай быраактыкаларынан күүскэ дьарыктанабын. Хас биирдии киһи биоэнэргиэтикэлээх. Ити энэргиэтикэ көмөтүнэн төлөпүөнүнэн кэпсэтэ олорор киһигин кытта ситим үөскүүр уонна уобараһа көстөн кэлэр. Салгыы ханнык эрэ кылгас кэмҥэ кэпсэтэ олорооччум курдук буолан ылан, кини ис туругун билиэххэ сөп. Аны туран, куолас, тыыныы доруобуйа туруга хайдаҕын эмиэ кэпсиир.
Кырдьыгынан эттэххэ, өбүгэлэрбэр эмчит, илбииһит дьон бааллар. Эһэм ойуун эбит. Онтон кыраны бэриһиннэрдэҕим буолуо.
– Эйиэхэ элбэх киһи массааска сылдьар. Үксүлэрэ туохтара ыалдьыбыт дьон көрдөрөллөрүй?
– Үксүн сүһүөхтэрэ, уҥуохтара, быччыҥнара, тоноҕосторо, киин ньиэрбэлэрин систиэмэтэ, ис уорганнара ыалдьыбыттар, араас эчэйиини ылбыт дьон, церебральнай параличтаах оҕолор көрдөрөллөр уонна өй-санаа өттүнэн муунтуйбуттар, олохторугар сатамматахтар сүбэ-ама ыла эмиэ кэлэллэр. Улуустартан эрэ буолбакка, киэҥ Арассыыйа араас муннуктарыттан эмиэ кэлэн бараллар.
– Кэлиҥҥи кэмҥэ дьон инсуллуура элбээтэ. Оннооҕор букатын эдэр дьон «оҕустараллар». Ити сүрүн төрүөтэ туохханый?
— Тоҕо киһи инсуллууруй? Онкологиянан ыалдьарый? Манна сүрүн төрүөтүнэн олохпут сайдан аһара тэтимирбитэ уонна ас-үөл хаачыстыбата мөлтөҕө буолар. Үгүс учуонайдар экологияттан диэн быһаараллар. Итини утарбаппын. Ол эрээри, киһи бэйэтин доруобуйатын, ис туругун кэмигэр көрүммэтиттэн улахан тутулуктаах. Билиҥҥи тэтимнээх, сайдыылаах олоҕу кытта тэҥҥэ барса сатааһынтан киһи организма түргэнник сылайар, айгырыыр. Ону кэмигэр көрүммэтэххэ, киһи араас ыарыынан ыалдьар.
— Кэмигэр көрүнүөххэ диэн тугу этэҕин? Үгүс киһи көрүнэбин диэн быраастарга сылдьан, эмп-томп арааһын анатан эмтэнэр.
— Бэйэбитин көрүнэн укуол ылабыт, эмп иһэбит диэччилэр элбэхтэр. Дьиҥнээх көрүнүү диэн эти-хааны чэбдигирдии, ыраастаныы, сынньаныы. Чэбдигирдиигэ саамай көдьүүстээҕинэн массаас, ол эбэтэр илбийии буолар. Ону кытайдар былыр-былыргыттан үчүгэйдик үөрэтэн билбиттэрэ ыраатта. Илбийии, массаас киһи психологическай туругар, ис уорганнар, эт-сиин сөпкө үлэлииллэригэр уонна аһыгар-үөлүгэр (химическэй бырассыас) улахан оруоллаах. Бу үс өрүт бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтик үлэлиэхтээхтэр. Мантан хайалара эрэ мөлтөөтө даҕаны, киһи ыалдьыбытынан барар. Эминэн эмтэнии быстах кэмҥэ эрэ туһалыыр. Табылыакканы истибит даҕаны үтүөрдүбүт диэн үгүс киһи саныыр. Бу сыыһа. Дьиҥэр, эминэн ыарыы сибикитин (симптом) эрэ усталлар. Дьиҥнээх биричиинэтэ иһигэр хаалар.
– Ыарыы туохтан үөскүүрүй?
– Үөһэ этэн аһарбытым, олохпут аһара сайдан тэтимирэн, ону сырсыыттан дьон ыгылыйар, ньиэрбинэйдиир. Холобур, сутурукпутун тутабыт. Ол аата мэйиибит «сутуруккун тут!» диэн хамаандалыыр. Бу маннык күүрүү ис уорганнарбытыгар эмиэ буолар. Туохтан эрэ ньиэрбинэйдээтэхпитинэ, сылайдахпытына, итинник быччыҥ күүрүүтэ үөскүүр. Ол куртахпытыгар, сүрэхпитигэр, оһоҕоспутугар, быарбытыгар бэриллэр. Ол аата киэҥ көҕүстээх буоларга дьулуһуохтаахпыт. Ити иһинээҕи күүрүүттэн ханнык эрэ тымырдарга хаан сүүрүүтэ бытаарар, өссө туран да хаалар. Ону кытта тута иммунитет мөлтүүр, хаан тохтоон турар миэстэтигэр микробтар үөскээн, киһи ыалдьыбытынан барар. Быраастар анаабыт эмтэрин истэххэ, туһата кыра. Бүөлэнэн турар тымыр устун эмп ыалдьыбыт учаастакка ситэри тиийбэт. Киһи биир киилэ этигэр 10 км тымыр, капилляр баар. Тымырдарынан хаан этэҥҥэ сүүрэр буоллаҕына, ол аата доруобуйа этэҥҥэ диэн. Айылҕа сокуонунан, турар уу сытыйар. Киһиэхэ эмиэ хаан туруо, хаайтарыа суохтаах. Дьэ манна массаас, илбийии эрэ көмөлөһөр. Тымыр устун хаан үчүгэйдик сүүрэрин хааччыйар инниттэн күүрбүт быччыҥнары, лимфалары, ньиэрбэни чөлүгэр түһэрии барар. Биллэн турар, манна массажист таһыма, билиитэ-көрүүтэ үрдүк буолуохтаах. Саха массаас сүрүн эмтиир уратыта манна сытар.
Манна биири өйдүөххө наада. Киһи организма бэйэтин чөлүгэр түһэринэр ураты күүстээх. Көмөлөһөн эрэ биэриэх тустаахпыт. Ити көмө сөпкө оҥоһуллуохтаах.
– Сөптөөх хамсаныы доруобуйа төрдө дииллэр.
— Хамсаныы эмиэ араастаах. Хара үлэни үлэлиир дьон хамсанабыт дииллэр эрээри, ис иһигэр киирдэххэ, судургу буолбатах. Илии үлэтэ уонна спордунан дьарыктаныы ноҕуруускалара атын-атын буолар, ис уорганнар, быччыҥнар тус-туһунан үлэлииллэр.
— Инсуллаабыт киһиэхэ туох көмөнү оҥоруллуохтааҕый? Биллэн турар, тута «Суһал көмөнү» ыҥырыллар.
– Бастаан төбө көнөтүк сытарын ситиһиллиэхтээх. Төбө кыратык да туора буоллаҕына, тымыр бүөлэнэр. Хаан баттааһына бэрэбиэркэлэниэхтээх. Үрдүк буоллаҕына, тута хааны сүүрдүллүөхтээх. Иҥнэнэн эбэтэр уһуктааҕынан тарбахтар төбөлөрүн тэһитэ анньыллар. Тэһэ астахха, хаан миэтирэ ыраахха диэри ыһыллыан сөп. Тута хаан баттааһына түһэн, тымыр быстыыта тохтуур.
Эмтиир, массаастыыр дьоммун кэтээн көрөбүн. Инсуллаабыт дьонтон, ыалдьыаххыт иннинэ хайдах этигитий диэн ыйыттахха, бары биир симптому этэллэр. Эбиэттэн киэһэ адьас сылайан хаалаллар, төбөлөрө ыалдьан тахсар эбит. Киһи итинник турукка киирдэ даҕаны бэйэтин хайаан да көрүнүөхтээх.
– Сыыһа аһааһынтан киһи доруобуйата эмиэ айгырыыра биллэр.
– Ити баар. Саха дьоно адьас сыыһа аһыыбыт. Киэһэ, этэргэ дылы, төттөрү кэлиэр диэри симинэбит. Хас биирдии киһи куртаҕар аһы буһарарга аналлаах кислота баар. Ол кислота кээмэйдээх. Наһаа элбэҕи симиннэхпитинэ, аһы кыайан барытын буһарбат. Аны туран, хойуу, үүттээх чэйи иһэн суурайан кэбиһэбит. Аһыы олорон, ууну элбэҕи иһиллиэ суохтаах. Туох аһы сииргиттэн көрүллүөхтээх. Миин иһээри олорор буоллахха, мэйии бачча кислота барыахтаах диэн импульс ыытар. Ол аата эбии элбэх чэйи иһэр букатын сыыһа. Миин истэххэ, чэйи тохтуу түһэн баран иһэр ордук. Кислота куртахха киирэн, аһы буһарар кэмигэр, элбэх чэй иһэн биэрэн аһыыбытын (кислота) суурайарбыт түмүгэр, ситэ буһуу барбат. Ситэ буспатах ас оһоҕоско тиийэр, онно эмиэ сороҕо буспакка сытыйыы саҕаланар. Сытыйыы организмҥа охсуута олус улахан.
– Кэлиҥҥи кэмҥэ дьон эминэн үлүһүйүүтэ элбээтэ дииллэр. Аптека бизнеһэ үөскээтэ быһыылаах.
– Дьон эмп туһунан элбэҕи билбэт. Оттон үчүгэйдик билэр дьон бизнес оҥоһуннулар. Анал бизнеһи тэрийии Арассыыйа, аан дойду үрдүнэн күүскэ бара турар. Элбэх харчы эргийэр. Медиктэр сүрүн сыалларынан дьону хирургическэй остуолга тиэрдиэ суохтаахтар диэн буолар. Дьиҥэр, эмп атыытын оннугар, бастакы уочарат, профилактическай ол эбэтэр өйдөтүү, быһаарыы үлэтэ күүскэ барыахтаах этэ. Аҥаардас табылыакканан, укуолунан үлүһүйүү сыыһа. Дьиҥнээх профилактикаҕа туох киирэрий? Кэмигэр сынньаныы, сөпкө хамсаныы, массаас, сөпкө аһааһын, отунан эмтэнии. Миэхэ үйэлэрин тухары укуолунан, табылыакканан эмтэнэ сылдьыбыт дьон массаастанан баран, атахтарыгар туран сүүрэн хаалаллар. Баччаҕа диэри эминэн доруобуйалара көммүт дьону көрсө иликпин. Аҥаардас эминэн эрэ сылдьыы тутах, эмп биири эмтиэ, иккиһи – айгыратыа.
– Билиҥҥи медицина үлэлиир хайысхатын кытта сөпсөһөҕүн дуо?
– Малтаччы этэр идэлээхпин, сөпсөспөппүн. Билиҥҥи медицина сүрүн сыыһатынан киһини чаастарынан арааран көрүүтэ буолар. Киһи төбөтө, хараҕа, куртаҕа ыарыйда даҕаны, онно сөптөөх эмтэри аныыллар.
Биир хартыынаны хас даҕаны өлүүскэҕэ арааран көрөллөр. Тоҕо киһи төбөтө аһара ыалдьарый диэн сүрүн төрүөтү быһаарар инниттэн биир кэлим, бүтүннүү көрүү диэн суох. Холобур, харах бырааһа хараҕы эрэ көрөр. Мин маны сыыһанан ааҕабын. Киһини биир кэлим көрүөххэ наада.
– Кэпсээниҥ иһин, улахан махтал!
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru