Массачусетс учуонайа: “Тымныыны тулуйар матырыйаал оҥороллорун сэргээтим”
Дьокуускайга климат уларыйыытын уонна Арктика сайдыытын туһунан научнай конференция түмүктэннэ. Манна Массачусетстааҕы технологическай институт бэрэпиэссэрэ Скотт Стерн ыалдьыттаата.
Бырайыактар аан дойдуга тахсар кыахтаахтар
— Саха сирин хампаанньалара оонньуулары олус үчүгэйдик оҥороллор. Холобур, MyTona уонна Fntastic. Атын хайысханы ыллахха, InDriver бырайыак интэриэһинэй, аан дойду таһымыгар таҕыста. Арктикатааҕы инновация киинин иһинэн үлэлиир хампаанньалар тыйыс тымныыны тулуйар матырыйааллары оҥороллорун көрөн сөхтүм. «Криопротект» диэн ааттаах эһиги тымныыгытыгар саамай туһалаах үлүйүүттэн харыстыыр ньыманы толкуйдаабыттар. Маннык бырайыактар аан дойдуга тарҕанар кыахтаахтар.
— Саҥаны саҕалыырга оҥорон таһаарар бородууксуйаҕыт кимиэхэ ананарын, туох сыаллааҕын, төһө туһалааҕын учуоттуохтааххыт. Онуоха хас биирдии инновационнай бырайыагы олоххо киллэрэргэ үп-харчы наада. Сороҕор, олус элбэх харчы ирдэнэр – чинчийии оҥорорго, бородууксуйаны тургутан көрөргө, тустаах докумуоннары ситиһэргэ, ырыынакка таһаарарга. Дьокуускайга кэлэ сылдьан научнай-чинчийэр кииннэр эдэр инноватордары, урбаанньыттары кытта бииргэ үлэлэһэллэрин үөрэ көрдүм.
Инновацияҕа болҕомто ууруллар эбит
Бырайыак ситиһиилээх буоларын туһугар сахалар атын дойду учуонайдарын, биир хабааннаах эйгэҕэ үлэлиир дьону кытта билсиэхтэрин, ситим олохтуохтарын наада. Уопут атастаһыыта ханнык баҕарар бырайыакка туһалаах. Саха сиригэр инновация эйгэтигэр улахан болҕомто уурулларын бэлиэтии көрдүм, сайыннарарга чопчу хайысхалар бааллара үчүгэй.
Надежда Самсонова, edersaas.ru