Бүгүҥҥүттэн ыла православнай христианнарга «Масленица нэдиэлэтэ» саҕаланна. Бу Улуу пост иннинээҕи «Сырная седмица» диэн ааттаах нэдиэлэ.
edersaas.ru
Былыр Палестина манаахтара Пасха иннинэ кумах куйаарга 40 күн устата баран үҥэллэрэ. Барыахтарын иннинэ бары мустан, аһаан баран, бэйэ-бэйэлэриттэн бырастыы гыналларыгар көрдөһөллөрө. Кумах куйаартан сорохтор эргиллибэттэрэ, онон баҕар, көрсүөхпүт суоҕа диэн. Ити үгэс православнай христианнарга хаалбыт.
Ол эрээри Масленица нууччаларга түҥ былыргыттан баар языческай бырааһынньык. Сааскы күн тэҥнэһиитин кэмигэр — кулун тутар 22 күнүгэр бырааһынньыктыыллара. Ол дьыл сырдык кэмин көрсүү үөрүүтэ этэ. Ол да иһин күн курдук төгүрүк, араҕас билиинчиктэри буһаралларf. Быйылгы үүнүү үчүгэй буоллун диэн араас элбэх сиэри-туому толороллоро, алгыыллара. Кыһын чуучалатын оҥорон, сиэртибэ биэрэллэрэ. Эдэрдэр бу кэмҥэ ыал буолаллара. Христианствоны ылыммыт кэннэ, бу бырааһынньык айылҕа күүстэригэр сүгүрүйэр сакральнай суолтата сүтэн, көннөрү көр-нар курдук буолан хаалбыта.
Масленица нэдиэлэтин күннэрэ туспа ааттаахтар, үгэстэрдээхтэр.
Бэнидиэнньик — «Встреча». Кутаа оттон, Кыһын чуучалатын оҥорон, ырыа-тойук, оонньуу, көр-нар саҕаланара.
Оптуорунньук — «Заигрыши». Хаҥкылааһын, хачыаллааһын, сыарҕалаах акка хатааһылааһын, сыыртан сырылааһын, хаар кириэппэстэрин оҥоруу, хаарынан бырахсыы тэриллэрэ.
Сэрэдэ — «Лакомка». Билиинчик бөҕөтүн буһаран, аймахтарын ыҥыртыыллара.
Чэппиэр — «Широкий четверг». Сарсыардааҥҥа диэри күүлэйдииллэрэ.
Бээтинсэ — «Тещины вечерки». Күтүөттэр ийэ кынныларын күндүлүүллэр.
Субуота — «Золовкины посиделки». Кийииттэр дьүөгэлэрин, аймах кыргыттарын ыҥыртаан, маанылаһаллара.
Баскыһыанньа — «Прощеное воскресенье».
Дьэ, ити курдук аһаан, күүлэйдээн баран, бу күн бэйэ-бэйэлэригэр бэлэх бэрсэллэрэ, бырастыы гынарга көрдөһөллөрө. Кыһын чуучулатын уматаллара.
Оттон сахалар төһө да барытын ылымматаллар, минньигэс өттүн — билиинчиги буһарыы, бырастыы гынсыы үгэскэ кубулуйан эрэр. Сап-саһархай, сып-сылаас билиинчиги ууллубут арыылаан, барыанньалаан, сүөгэйдээн, мүөттээн, эбэтэр иһигэр эт, кыһыл балык, искэх уган, минньигэстик мотуйартан, ама, ким аккаастаныай?!.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru