Мас тутуу эгэлгэтэ

Ааптар: 
06.08.2018
Бөлөххө киир:

Тутуу матырыйаала тааска уонна маска арахсар. Дьиҥэр, биһиги буруустан уратыны улаханнык туттубаппыт. Онон бу сырыыга дьиэ туттуон баҕалаахтарга анаан мас тутуу саамай тарҕаммыт көрүҥнэрин билиһиннэрэбит.


1. Буруус – 100 мм уонна онтон обургу халыҥнаах, кэтиттээх эрбэммит тутуу матырыйаала. Маннык буруус бэрэбинэни эбэ­тэр силимнэммит хаптаһыннары эрбээн оҥоһуллар. Буруус хайдах быһыылаахтык эрбэммититтэн көрөн, икки кырыылаах (лафет), үс кырыылаах уонна түөрт кырыы­лаах көрүҥнэргэ арахсар. Ыйыллыбыт кээ­мэйинэн оҥоһуллубут уонна куурдуллубут буруус “калиброваннай” дэнэр. Саха дьоно, үгэс курдук, түөрт кырыылаах бурууһу дьиэ, баанньык тутуутугар киэҥник туһаналлар. Саамай тарҕаммыт “классическай” матырыйаал.

2.Профи­лированнай буруус – үрдүк технологияны туһанан оҥоһуллар матырыйаал. Сүрүннээн, мутукчалаах мастан (бэс, тиит, харыйа, сыа мас) оҥоһуллар. Маннык бурууска силим уонна атын химическэй вещество туттуллубат буолан, тыынар. Профилированнай бурууһу туохха ананарыттан көрөн, араас быһыылыыллар: а) финскэй усталыы икки кытыытыгар тиистээх буолар, ол ортотугар ханаппаакы матырыйаалын уураллар, бу көрүҥ кураанах уонна силимнэммит матырыйаалга ордук барсар; б) тараахтыҥы быһыылаах 3 уонна онтон элбэх тиис­тээх буолан, тыалы, тымныыны аһарбат, тараахтыы быһыыны, сүнньүнэн, силимнэммит бурууһу оҥорорго тутталлар, сылааһы тутар хаттыгаһы (утеплители) туһанымыахха да син; в) Скандинавиялыы быһыыны тараах биир көрүҥэ дииллэр, үөһэ ааттаммыт икки көрүҥ үчүгэй өрүттэрин ылан уонна итэҕэстэрин аахсан оҥоһуллубут буолан, саамай ордуктара.

3. Силимнэммит буруус – анаан куурдуллубут хаптаһыннары бэйэ-бэйэлэригэр хам силимнээн оҥоһуллубут матырыйаал. Сүрүннээн, харыйаттан таһаараллар. Арассыыйаҕа бэһинэн, сэдэхтик тиитинэн эмиэ оҥороллор. Эрбэммит хаптаһын быстаҕастарын талан, наардаан оҥоһуллар буолан, тас көрүҥэ тупсаҕай уонна бөҕө буолар. Хоту сир маһыттан ылыллыбыт матырыйаал ордук бөҕөтүнэн биллэр. Силимнэммит буруус туттуллар эйгэтэ киэҥ: олорор дьиэлэри, баанньыктары, таҥара дьиэлэрин сэргэ уустук быһыылаах кырыыһалар тутулуктарын, эргиэн кииннэрин, авкапааркалары, вокзаллары, бэл диэ­тэр, муосталары туталлар. Маннык буруус хайыта барбат. Ханнык баҕарбыт кээмэйгин таһаарыаххын сөп. Холобур, Дьокуускайга “Кружало” өһүөлэрин силимнэммит бурууһунан туппуттара.

4. “Икки хос буруус” (“двойной брус”) эбэтэр “икки хос шпунт” — аҕыйах этээстээх дьиэни тутарга аналлаах технология. Арассыыйаҕа аҕыйах сыллааҕыта кэлбитэ. Австрияттан төрүттээх. Германияҕа тургутууну ааһан баран, Финляндияҕа киэҥник тарҕаммыта. “Икки хос буруус” 44 х 135(125), 70 х 140(130), 70 х 190 (180) мм быһыллан куурдуллубут профилированнай буруустартан турар. Олор дьиэ ис уонна тас эркиннэрэ буолаллар. Икки ардыгар үөскээбит аһаҕаһы эковатаны хаалаан толороллор. Атын матырыйааллартан экологическай өттүнэн ырааһынан, сылааһы тутарынан (энергияны кэмчилииринэн), дьиэ эркинин үрдүгүттэн 2-3% бырыһыан түһэринэн уонна түргэнник тутулларынан ордук. Ол гынан баран, маннык технология биир итэҕэстээх: “классическай муннуктаан” тутарга таһырдьа быган турар буруус 14-18% сиигирэр, оттон иһинээҕи 6-8% куурар. Ол түмүгэр дьиэ эркинэ хамсаан, атан тахсыахтарын сөп. Этээстээх уонна 9 х 9 миэтэрэттэн киэҥ иэннээх дьиэни тутарга муннугар “хараҥаччы кутуруга” ньыманы туһаннахха, кыһалҕаны быһаарыахха сөп.

5. Бөкүнүк (цилиндрдии быһыылаах) бэрэбинэни анал станокка фрезеринэн устатын тухары биир кээмэйинэн таһаараллар. Онон тэбис-тэҥ бөкүнүк быһыылаах уонна үрүт үрдүгэр сытыарарга анаан олуктаах (паастаах) буолар. Онуоха олук бэрэбинэҕэ ыга сыстарыныы уонна ханаппаакыны хам ыларыныы суоттаан оҥоһуллуохтаах. Бэрэбинэлэр тэҥ кээмэйдээх буоланнар, тутарга чэпчэки. Арай, дьиэни куурдарга элбэх бириэмэ барар: 4 ыйтан 6 ыйга диэри, дьыл кэмиттэн тутулуктаахтар.

6. MHM (Massiv-Holz-Mauer) – ньиэ­мэс омук айбыт технологията. Европаҕа киэҥник тарҕаммыт. Биһиги дойдубутугар саҥардыы киирбитэ. Кураанах профилированнай хаптаһыннары алюминий тоһоҕолорунан хардары-таары хас да хос гына хам саайаллар. Маннык панель ыараханы уйарынан кирпииччэ эркинтэн итэҕэһэ суох уонна 2-лии см халыҥнаах хаптаһыны сакаасчыт баҕатынан төһө баҕарар халыҥнаах гыныахха сөп. Хаптаһын устатынан анал кэрдиистэрдээх буолан, салгын хамныыр. Онон тастан тымныыны киллэрбэт, истэн сылааһы таһаарбат. Биир обургу дьиэ көҥдөйө 3-5 күнүнэн таҥыллан-хомуйуллан турар. Ханнык да силим, химия туттуллубат буолан, киһи этигэр-хааныгар куттала суох. Эркин хайдах да хамнаабат, түспэт. Ол иһин дьиэҥ иһин-таһын тута баҕарбыт матырыйаалгынан эпсиэйдиэххин эбэтэр сыбыаххын сөп.

7. Былыргылыы охсуу дьиэ. Тутууга сыһыаннаах исписэлиистэр бигэргэтэллэринэн, ойуурга үүнэн турар маһы бүтүннүү кэриэтэ, мутугун-силиһин сорҕотун хаалларан, тиэйэн киллэрэн тутар муода буолла. Сайдыылаах дойдуларга маннык тутуу киэҥник тарҕаммыт буоллаҕына, биһиэхэ саҥардыы биирдиилээн тутууга идэтийбит дьон туттар буолан эрэллэр. (Улахан хаартыскаҕа көр).

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0