Мас тардыһыытыгар аан дойду чемпионатыгар Наталья Черноградская бастаата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 24-25 күннэригэр, «Триумф» Спорт киинигэр түһүлгэлэнэн өбүгэ оонньуутугар аан дойду чемпионата үһүс төгүлүн ыытылла турар.

Манна бастакы күҥҥэ Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх, чемпионакка Арассыыйа чиэһин көмүскүүр Наталья Черноградская (55 кг. диэри) бастаата.  2 миэстэ — Шафаг Маммадова (Азербайджан), 3 миэстэни Иманкова Дилбара (Кыргызстан) уонна Регина Муляшева (Узбекистан) аҥаардастылар.

Ыспыраапка:

Мас тардыһыытыгар аан дойду бастакы чөмпүйэнээтэ ЮНЕСКО былааҕынан 2014 сыллаахха Дьокуускайга ыытыллыбыта. Онно 35 дойдуттан 145 мадьыны кэлэн күрэс былдьаспыта. Эр дьон сэттэ, дьахталлар биэс ыйааһыҥҥа ким күүстээҕин быһаарсыбыттара.

2016 сыллаахха Кыргызтаҥҥа Көс биистэр аан дойдутааҕы оонньууларын чэрчитинэн ыытыллыбыт иккис чөмпүйэнээккэ 32 дойдуттан 191 спортсмен — 142 эр киһи, 49 дьахтар — күөн көрсүбүтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0