Бүгүн, бэс ыйын 23 күнүгэр, Дьокуускайга Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар анаммыт мас тардыһыыга аан дойду чөмпүйэнээтэ саҕаланна.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев ыалдьытымсах саха норуотун аатыттан далааһыннаах күрэхтэһии түһүлгэтигэр түмсүбүт ыалдьыттары уонна спортсменнары эҕэрдэлээтэ.
«Биһиги бу күрэхтэһиигэ бэртээхэй киирсиилэри, илин-кэлин түсүһүүлэри уонна мас тардыһыыга саҥа чаҕылхай сулустар тахсалларын, саҥа ааттар дуорааннаахтык ааттаналларын көрүөхпүт, истиэхпит диэн эрэнэбин. Ким күүстээх ол кыайдын, доҕордоһуу кыайдын!» — диэн эҕэрдэ тылыгар эттэ.
Долгутуулаах тэрээһиҥҥэ генеральнай дириэктэри солбуйааччы — Арассыыйа Олимпийскай кэмитиэтин аппараатын салайар Родион Плитухин үөрүүтүн үллэһиннэ. Кини Арассыыйа Олимпийскай кэмитиэтин бэрэсидьиэнин, олимпийскай оонньуулар түөрт төгүллээх чөмпүйүөннэрэ Станислав Поздняков эҕэрдэ суругун аахта.
«Мас тардыһыы күрэхтэһиилэрэ улаханнык биллэр-көстөр бэлиэ тэрээһиннэринэн буолаллар. Дьокуускайга быйылгы чөмпүйэнээккэ түөрт уонтан тахса араас дойдуттан кытталлара бу күрэхтэһии хайдахтаах дуорааннаахтык ыытылларын, успуорду, күүһү-күдэҕи түмэрин, үүнэр көлүөнэни иитиигэ оруолун көрдөрөр. Маныаха СӨ салалтата бу боппуруоска улахан болҕомтотун уурарын билэбит. Бу далааһыннаах чөмпүйэнээт чаҕылхай түгэннэри бэлэхтиирин саарбахтаабаппын. РФ Олимпийскай кэмитиэтэ мас тардыһыыны, успуорт национальнай көрүҥнэрин сайыннарыыны салгыы өйүүргэ бэлэм, — диэн Станислав Алексеевич эҕэрдэтигэр этиллэр.
Далааһыннаах тэрээһин арыллыытыгар СӨ норуодунай суруйааччыта Наталья Михалева-Сайа уонна композитор Юрий Спиридонов суруйбут өрөгөй ырыалара — мас тардыһыыга норуоттар икки ардыларынааҕы федерация өрөгөй ырыата аан бастаан дуорайда.
Мас тардыһыыга аан дойду чөмпүйэнээтэ бэс ыйын 23-24 күннэригэр Дьокуускайга «Триумф» успуорт баараҕай уораҕайыгар ыытыллар. Бүгүн күрэхтэһиигэ 60 кг, 80 кг, 105 кг, 125 кг, 125 кг үөһээ ыйааһыҥҥа эр дьон уонна 75 кг, 85 кг, 85 кг үөһээ ыйааһыҥҥа дьахталлар күөн көрсөллөр. Иккис күн Саха сирин олохтоохторо уонна ыалдьыттар 65 кг, 70 кг, 75 кг, 90 кг эр дьон уонна 55 кг, 65 кг дьахталлар күрэхтэһиилэрин көрүөхтэрэ.
Бэс ыйын 25 күнүгэр, «Үс Хатыҥҥа» мас тардыһыыга ан дойду чөмпүйэнээтигэр бастыыр иһин дьахталларга уонна эр дьоҥҥо күрэхтэһии буолара күүтүллэр. Манна Саха сирин аатыттан үс мадьыны – Эрчим Баппаҕай, Евгений Попов уонна Татьяна Баишева кыттыахтара.
Дьокуускайга мас тардыһыы аан дойдутааҕы чөмпүйэнээтигэр 41 дойдуттан түмүстүлэр: Азербайджантан, Аргентинаттан, Белоруссияттан, Бразилияттан, Венгрияттан, Грецияттан, Индияттан, Кыргызстантан, Монголияттан, Пакистантан, Арассыыйаттан, Сербияттан, Словакияттан, Узбекистантан, Анголаттан, Афганистантан, Египеттэн, Йементэн, Индонезияттан, Иорданияттан, Ирактан, Ирантан, Казахстантан, Кенияттан, Колумбияттан, Конготтан, Мавританияттан, Мароккоттан, Сирияттан, Нигерияттан, Сомалиттан, Таджикистантан, Тунистан, Туркменистантан, уо.д.а. дойдулартан.
Хаартыскаларга Андрей Сорокин (СИА) түһэриилэрэ