Киһи олоҕун устата хайдах олорбутун, кырдьар сааһа быһаарар дииллэр. Кэрэмэс киһи кэрэмэстик кырдьар. Хайдах санаалааххын даҕаны, онтуҥ сирэйгэр суруллар. Онон хайдах да сордон, ону кистээбэккин.
Марыына оннук элбэх сааһырбыт дьону билэр. Муннуларын анныгар сытыган баарыгар дылы мырдыччы туттубуттары, эбэтэр сылтан сыл аайы хара санааларыттан харааран иһэр дьону. Ону тэҥэ бааллар, эдэр сылдьан кыраһыабай аатырбатах буолан баран сааһыран баран тупсубуттар, ис киирбэх эмээхситтэр, оҕонньоттор. Төһө даҕаны ол үгүс дьон, ону кытта Марыына тус бэйэтин кэтээн көрүүтэ эрэ буоллар, баар суол. Киһи олоҕор тус ситиһиилээх буоллаҕына, дьоллоох буолар. Олоҕо толору киһи кимиэхэ да ымсыырбат, ордук санаабат. Марыына биир оннук. Олоҕун толору астынар. Астымына даҕаны. Кини таптатар кэргэннээх, үс оҕолоох, улахан дьиэлээх-уоттаах. Уонна туох наада?
Марыына, урут этэллэринэн, “кбк” буола сыһан баран кэргэн тахсыбыта. Үөрэҕин кэнниттэн атын туохха да наадыйбакка, үлэтинэн үлүһүйэн олорбута. Үлэтэ төһө даҕаны киһи киэн тутта кэпсиир идэтэ буолбатаҕын иһин, бэйэтигэр сөбө. Кини – архыып үлэһитэ. Оҕо эрдэҕиттэн араас кинигэни ааҕарын сөбүлүүр, историяны сэҥээрэр кыыс оскуола кэнниттэн тута үрдүк үөрэххэ история салаатыгар киирбитэ. Биллэн турар, үөрэххэ киирэрин саҕана быыллаах архыып үлэһитэ буолуом диэбэтэ. Ол гынан баран, айдааннаах оскуолаҕа учууталлыыр санаата эмиэ суоҕа. Кини үрдүкү кууруска тахсан баран, практикатын куорат архыыбыгар барбыта, маҥнайгы үлэлээбит күнүттэн кини бэйэтигэр сөптөөх хайысханы булбут курдук санаммыта. Архыып ураты эйгэтэ киниэхэ олус чугас. Манна баар — олохпут чахчыта, хас да үйэни уҥуордаан харалла сытар докумуоннар храмнара, история саҥата суох чахчылара. Ол храм хаһаайката – кини. Өр сыл уурулла сытар элбэх докумуон ураты эйгэни үөскэтэр. Марыынаҕа бу эйгэ олус күндү. Бэл диэтэр, кини ол ураты салгыны алдьатымаары, хаһан даҕаны духууну туттубат. Кини уу-чуумпуга олорон докумуоннары үөрэтэрин, былыргы хаһыаттары арыйталыырын сөбүлүүр. Өссө саамай сөбүлүүр дьарыга — былыргы кинигэлэри көрүү-харайыы. Ол эрээри, кыыс үлэтигэр биир соччо астыммата баар. Ол – архыыпка дьон сылдьыыта. Төһө даҕаны, сүрүннээн, учуонайдар, устудьуоннар сырытталлар, атын дьону кытта алтыһарын, кинилэр көрдөһүүлэрин толорорун ыарырҕатар. Ордук соччо оттомо суох, алҕас кэлбит устудьуоннар ньиэрбэтин сииллэр. Бэриллибит сорудахтаах эрэ буолан кэлэн баран, испииһэктэрин куду анньаллар. Маннык дьоҥҥо киһи сэдэх докумуоннары биэриэн кэрэйэр.
Биирдэ кини көрдөҕүнэ, эмиэ соччо оттомо суох эдэр киһи кэлбитэ. Сахалар репрессияларын туһунан курсовой суруйабын диэн, онуоха сыһыаннаах докумуоннары көрдөөбүтэ. Марыына киэҥ хара харахтарынан ачыкытын үрдүнэн кытаанах учуутал курдук көрөн баран, ыараханнык өрө тыынан ылан баран, соччо суолтата суох аҕыйах докумуоннаах паапканы куду аста.
— Эс, бу хайдах эрэ дии. Темалара атын курдуктар ээ. Атын докуомуон суох дуо? Мин курсовой суруйуохтаахпын ээ! – киһитэ бэрт ньоҕой буолан биэрбитэ.
— Суох диэни өйдөөбөккүн дуо? Суох!
— Чэ, оччоҕо, эн санааҕар, мин бу курсовойбун хайдах суруйабыный? Билэҕин да, хайдах курдук кытаанах препод тутарын? Ол аайы бэлэм курсовойу киниэхэ туттарбаккын! Кини миигин тута үөрэхпиттэн уһултарар! Оҕо бөҕө киниттэн сылтаан уһуллубута! Оттон эн манна халба курдук суох да суох диигин!
— Ол эн дьыалаҥ! Курсовой сыыһын суруйарга бу да докумуон сөп буолуо. Эбэтэр библиотекаттан бэлэм үлэлэри көрдөө. Баҕар, олорго баара буолуо!
— Кыысчаан, чэ, абыраа эрэ. Хайдах буолабыный? Үөрэхпиттэн үүрүлүннэхпинэ, ийэм эрэйдээх олох буорайар. Бэйэтэ да нэһиилэ сылдьар.
— … – Марыына ачыкытын өрө эрэ анньынан кэбистэ. Хас киһи барыта итинник көрдөстөҕүн аайы иннин биэрэн бэрт.
Бу курдук кинилэр билсибиттэрэ. Дьиҥэр, кинилэр олох барсыбат курдуктар. Кыыс оттомноох, бытаан туттунуулаах, уол киирбит-тахсыбыт, биир кэм өрө халаарбыт киһи. Ол да буоллар, кимнээҕэр эрэ тапсан ыал буолан олороллор. Глеб тоҕо Марыынаны талбыта эбитэ буолла. Кини курдук сытыы-хотуу уол хайа баҕарар кыыһы эрийэн ылыахтааҕа. “Марыына кытаанах майгытын сөбүлээбитим. Хайа, миигин тутар киһи наада ээ!” – диир. Эттэҕинэ эмиэ да сөп курдук. Дьиэлэрин иһигэр Марыына муҥур хотун. Глеб наар кини тугу этэринэн сылдьар. Ол гынан баран, дьахтар бэйэтэ да өйдөөмүнэ, кинилэр олохторун таһыма кини архыыпка бииргэ үлэлиир дьахталларыттан таһынан буолан хаалбыта. Кини кэргэнэ дьиикэй ырыынак кэмигэр атыыһыт буолбута, дьон хамнас диэни көрбөт буолбут кэмигэр кыбартыыра сыаната олох түспүтүгэр, уолуҥ маҥнай биир хостооҕу, онтон аҕыйах ыйынан үс хостоох дьиэни атыыласпыта. Миэбэлин бүтүннүү Кытайтан аҕалбыта. Буолаары буолан, үчүгэй мастан оҥоһуллубут миэбэли аҕалтаран туруорбута. Утуу-субуу уоллаах кыыс оҕону төрөтөн, эдэр дьахтар сыыйа үлэтиттэн тохтоон, оҕолорун көрөн олорбута. Дьиэҕэ олорон дьэ науканан дьарыктаныам диэбитэ, ол былаан туолар кэскилэ суох курдук. Дьиҥэр, кини эһээтин, абаҕаларын суорума суоллаабыт репрессияҕа анаммыт теманы хаһан үөрэтэр бүччүм санаалааҕа. Оҕолоро оскуолаҕа барар саастарыгар өссө бытарыйбыта. Онон олох даҕаны дьиэ хаһаайката буолбута. Кини кэлин дьиэтин таһыгар баар олоҕу да билбэт буолла. Дьиктитэ баар, билиэн да баҕарбат.
Глеба эргитиилээх уол буолан биэрбитэ. Сотору бэйэтэ тэрилтэ тэриммитэ, оччолорго компьютерынан эргинии аҕыйаҕа, онон тэрилтэтэ сотору кэминэн биир бөдөҥнөр ахсааннарыгар киирбитэ. Суотабай сибээс киирбитигэр, аны онон эргиммитэ. Глеб үлэтин кыһалҕата дьиэ таһыгар хаалара. Оттон дьиэ иһинээҕи эйгэни Марыына тутан олорор.
Эдэр дьахтар туохха барытыгар оттомноохтук сыһыаннаһар киһи дьиэтин-уотун, оҕолорун кытаанах бэрээдэккэ тутан олорор. Урут наар кинигэ ааҕар бэйэтэ билигин ас астыырга үөрэтэр сурунааллары сурутар буолбута. Онон күн аайы саҥаттан саҥа рецебынан араас аһы астаан, оҕолорун да, кэргэнин да үөрдэр.
Күн-дьыл ааһар. Оҕолор улааталлар. Хайы-сах устудьуоннар. Марыыналаах билигин куорат таһыгар улахан дьиэҕэ олороллор. Глеб бэйэтэ бырайыактаан туттарбыт дьиэтэ киһи эрэ астынар мааны дыбарыаһа. Биирдэ дьахтар санаан көрбүтэ, саастара ырааппыт. Кини олоҕо биир кэм үүт-тураан. Ол эрээри, сиэркилэҕэ сааһыран кэтирээбит сирэйигэр мыччыстыы бэлиэтэ баар буолбут. Ордук дириҥ сурааһын хааһын икки ардыгар олорбут уонна уоһун аллараатынан санаарҕаабыт киһи киэнин курдук дириҥ бэлиэлэр бэчээттэммиттэр. Тоҕо? Марыына курдук бэлэмҥэ олорор, олох охсуутун билбэтэх дьахтарга хантан ити бэлиэ таҕыста? Дьахтар аны ити мыччыстыбытын абааһы көрөн, ону утары охсуста. Косметологка баран укуол туруортаран, начаас көннөттөрдө. Ол эрээри, дууһатыгар ол мыччыстыбыт суол хаалла. Ааспата.
Арай биирдэ Марыына утуйа сытан түүн үөһэ уунан саба ыстарбыт курдук соһуйан уһугунна. Кини туох эрэ олус суолталааҕы умнубут. Ону чуолкайдык өйдөөтө. Кимиэхэ даҕаны ымсыырбакка, олус сиэрдээхтик уонна сөптөөхтүк олоробун дии саныыра. Бу олоххо – мин кэргэним уонна оҕолорум эрэ бааллар, ол – тутаах. Уоннааҕыта соччо суолтата суох диирэ. Эмискэ бу туох эрэ тэһитэ кэйдэ. Сааһыран баран билбитэ, кини олоҕун суолтата дьиэ эрэ иһинээҕи түбүк буолбатах эбит. Оччоҕо тугуй? Тугуй? Кини тугу оҥоруохтааҕа хаалла?!
Сарсыарданан, халлаан суһуктуйуута, түүн утуппакка уолуктаабыт ыйытыылара хаптайдылар. Эмиэ саҥа күн, саҥа олох. Дьахтар, наар буоларын курдук, бүгүн тугу астыыбын дии санаата…
Айталина НИКИФОРОВА, Дьокуускай.