Андрей Мартынов, СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын Каадыр бэлиитикэтигэр, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспаҕа департаменын салайааччыта, “Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтигэр ыалдьыттаата.
35 бырыһыан
— Андрей Андреевич, соторутааҕыта СӨ госсулууспалаах эдэр исписэлиистэр Сүбэлэрин тэрийдиҥ. Туох сыаллааҕый?
— Саха Өрөспүүбүлүкэтин ситэриилээх былааһын уорганнарыгар 35-гэр диэри саастаах билигин 788 киһи үлэлии сылдьар. Бу госсулууспалаахтар уопсай ахсааннарыттан 35%-ын ылар (2259 госсулууспалаах киһи өрөспүүбүлүкэҕэ баар, федеральнай структуралары, муниципальнай үлэһиттэри аахпаппыт. – аапт.). Дьиҥэр, Сүбэни эрдэ тэрийиэхтээх этибит. Үс-түөрт сыллааҕыта өрөспүүбүлүкэ каадырын резервэтин сааһылыы сылдьар буоламмыт илиибит тиийбэтэҕэ.
Бүгүҥҥү эдэр исписэлиистэр уонча сылынан уопутуруохтара, эппиэттээх дуоһунастарга ананыахтара. Биһиги госсулууспаны уопсастыба институтун быһыытынан көрөбүт: эдэр, орто уонна саастаах көлүөнэлэрдээх. Уопсайынан, дьон-сэргэ да, үлэһит бэйэтэ да, “госсулууспа” диэн кумааҕыны эрэ бэрийии, паапка тута-тута сүүрүү эрэ буолбатаҕын өйдүөхтээх.
Хатылаһыы суох?
— Бу Сүбэ, билигин баар Ыччат бырабыыталыстыбатын уонна парламенын, хатылыа суоҕа дуо? Балар үлэлэрэ кэлин арыый сойо быһыытыйда диэн көрөбүн.
— Ыччат бырабыыталыстыбатыттан, парламеныттан олох ураты түмсүү. Сүбэ чилиэннэрэ — Ыччат бырабыыталыстыбатын инники солбуктара.
Сибээстэһии мөлтөҕүн билинэр
Бастакынан, мин көрүүбэр, эдэр госсулууспалаахтар билигин бэйэлэрэ-бэйэлэригэр “буһа” сылдьаллар. “Хонтуора үлэһитэ”, “паапкалаах чунуобунньук” дьаралыктары ыйаабакка, кинилэри таһаарыахха, туһаныахха, кыахта биэриэххэ.
Иккиһинэн, билигин министиэристибэлэрбит, биэдэмистибэлэрбит икки ардыгар сибээстэһии олус бытаан. Ону билинэбит. Биир докумуон сөбүлэһиннэриитэ ыйга тиийэ уһуур. Итиннэ министиэристибэлэр орто уонна маҥнайгы сүһүөх исписэлиистэрэ бэйэ-бэйэлэрин билсибэттэрэ эмиэ дьайар! Биһиги Сүбэбит ону туоратыаҕа.
“Билсибэттэр, бэрэбиэркэлээтим!”
— Холобур, Транспорт, Гражданскай уопсастыба министиэристибэлэрэ, Ойуур сыһыаннаһыытын департамена, Сакаас госкэмитиэтэ – төрдүөн биир дьиэҕэ (Ленин проспегын, 22 – аапт.) олороллор. Ол үрдүнэн, мин тиийэн бэрэбиэркэлээтим, төрүт билсибэттэр эбит! Кэпсэттибит, “маннык сэбиэт тэриллэрэ наада дуо?” диэн ыйыталастыбыт.
Кэпсэтиигэ олус наадыйаллара, этинэр баҕалаахтара тута көһүннэ: “Үлэҕэ киирэрбитигэр психологическай тест, “веревочнай куурус” оҥороллоро буоллар туһалыах этэ”, — диэтилэр. Сылга биирдэ, сайын аайы буолар госсулууспалаахтар Спартакиадаларыгар эрэ көрсөллөрө, биллэн турар, тутах.
Суорумньу да быһыытынан
Министиэристибэлэргэ ыал буола илик, аҥардас кыргыттар-уолаттар элбэхтэр. Оскуолаҕа, университекка туйгуннук үөрэммиттэр, билигин министиэристибэҕэ таһаарыылаахтык үлэлииллэр уонна… ыал буола иликтэр. Үлэлэригэр баттаппыт кыргыттар-уолаттар төбөлөрүн өндөтөн, эдэр исписэлиистэр Сүбэлэрин тэрээһиннэригэр сылдьан, билсиһиэ-кэргэнниһиэ да этилэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ ол улахан туһа.
Бырайыагынан үлэ
Сүбэ уопсай соруга диэн, ханнык биэдэмистибэҕэ хас киһи баарын, күүстээх өрүттэрин билиэ, сайдарыгар көмөлөһүө.
Бырайыагынан үлэҕэ ылсалларыгар эмиэ туһалыахтаах. Манна даҕатан эттэххэ, госсулууспалаах күннээҕи үлэтин, кырата, биэс гыммыт биирин (20 бырыһыаныгар) бырайыагынан дьарыктаныахтаах. Министиэристибэлэр, улуустар дьаһалталарын икки ардыларыгар исписэлиистэр стажировка барыахтара, быстах атастаһыкка үлэлиэхтэрэ.
Былаас имиджэ
Былаас имиджэ тупсарыгар кыһаллыахтаахтар. Былаас диэн — кинилэр бэйэлэрэ. Кинилэр үлэлэринэн, дьоҥҥо сыһыаннарынан былааһы бүтүннүү сыаналыыллар. Билэбин, кинилэр наһаа ноҕоруускалаахтар. Соруйуулары толорууну кэтиир компьютернай “АдмСЭД” программа строкалара кыһылынан тыган тураллар, сорук үрдүгэр сорук, дьаһал үрдүгэр дьаһал. Барытын толоруохтарын, дьон-сэргэ туруорсар боппуруостарын быһаарыахтарын наада.
Биһиги департамеммыт “Лига лидеров” диэн бырайыактаах, Сүбэ оҕолорун онно кытыннарыахпыт.
Кодекс – эдэрдэргэ
— Түмүккэ, Ил Дархан чунуобунньук улаатымсыйыытын бобор Ыйааҕын таарыйыахха. Госсулууспалаах онто да суох өрүү кэтэбилгэ-манабылга сылдьар дии санаабыккыт дуо? Холобур, сууккаҕа сүүсчэ суол быһылаана тахсар эбит буоллаҕына, онтон бииригэр дуоһунастаах киһи түбэстэҕинэ, киэҥ билиигэ тахсар, “гаайката эриллэр”…
— Оччотугар үлэтиттэн уурайдын ээ. Кини үлэтигэр уонна күннээҕи олоҕор бэйэ бодотун тардынан сылдьарын ирдиибит. Ким да манна кинини күүһүнэн туппат. Быраабыла оннук. Сирэр, ыарырҕатар буоллаҕына, бардын. Кодексаҕа киирбит уларыйыы, бастакы уочарат, саҥа көлүөнэ сулууспалаахтарга ордук наадалаах. Бастакынан, дьон-сэргэ “былааска бюрократия массыыналара буолбакка, киһилии майгылаах, сайаҕас дьон үлэлиир эбиттэр ээ” дииллэрин ситиһиэхпит. Уобарастаан эттэххэ, госулууспаны «киһититиэхтээхпит». Иккиһинэн, Кодекс саҥардыллар кэмэ кэллэ, 2009 сыллаахха ылыллыбыта дии. Уопсастыбаннай хонтуруол күүһүрдэ. Ону учуоттуохтаахпыт. Уопсастыба бу Кодекс тутуһуллуутун бэйэтэ кэтиэхтээх.
— Итинник уустугу көрөн туран, дьон тоҕо госсулууспаҕа кэлэр дии саныыгыный?
— Бэйэлэрин кыахтарын толору арыйа кэлэллэр. Уолаттар куораттааҕы сылаас офистан, нэһилиэккэ баһылыгынан талыллан бараллар дии. Нэһилиэк баһылыгын килиэбэ уустугун бары билэбит. Ол эрэн, онно үлэтэ интэриэһинэй. Бары даҕаны бу олоҕу интэриэһинэйдик, дойдуга туһалаахтык олоруохтаахпыт.
Прокопий Бубякин, https://edersaas.ru/.
ЫСПЫРААПКА
Өрөспүүбүлүкэҕэ саамай элбэх эдэр киһи үлэлиир министиэристибэлэрэ:
Үп (100 эдэр киһи),
Айылҕа харыстабылын (66),
Баай-дуол сыһыаннаһыыларын (43),
Экономика (37),
Социальнай харалта (31),
Инвестиция уонна урбаан (27),
Тыа хаһаайыстыбатын (24).