“Марракеш” 3 сулустаах бутик-отель үлэһиттэрэ бары булгуччу сирэй хаххатын кэтэллэр. Отель үлэһиттэрин кэрэ аҥардара, кэрэлэрин кистиир үрүҥ хахха үрдүнэн илиҥҥи дойдулар дьахталларын сирэйдэрин сабар таҥастарын үтүгүннэрэн, кэрэ оҥоһуулаах сирэй сабыыларын тиктэрэн кэттилэр. Дьахтар аймах манна даҕаны кэрэни айар кыаҕа батарбата сүрдээх.
Харантыын биллэриллиэҕиттэн отельга олохсуйааччы ахсаана биллэ аҕыйаабыт, ол да буоллар, билигин манна дьаҥ туруон иннинэ тас дойдулартан кэлбит дьон олороллор. Ону таһынан отель илиҥҥи дойдулар моһуоннарынан таҥыллан оҥоһуллубут тупсаҕай нүөмэрдэригэр фотосессиялар тиһиктэрин быспакка бараллар. Оттон саҥа ыал буолбут эдэр дьон бастакы түүннэрин атаарар хосторо ханнык да кэмҥэ кураанахсыйан турбат.
Бу күннэргэ отель санитарнай ирдэбилин кытаатыннаран, күҥҥэ хаста да сууйаллар, ону таһынан ыалдьыттарга босхо мааска түҥэтэллэр.
— Отель бары хосторугар экологическай, ыраас, инфекцияны суох гынар убаҕаһынан сууйабыт, — диэн кэпсиир маркетолог кыыс Ольга. — Нэдиэлэҕэ иккитэ генеральнай сууйуу оҥоробут, нүөмэрдэри, ким да олорбот да буоллаҕына, син биир күн аайы хомуйабыт. Көрүдүөрдэри, элбэх киһи сылдьар сирдэрин үстүү чаас буола буола сууйабыт, быыллыыбыт.
Маны таһынан эбии харыстанар миэрэлэри ылынныбыт. Элбэх киһи сылдьар сирдэригэр, көрүдүөрдэргэ, куукунаҕа микробтары өлөрөр эфирнэй арыылаах салгыны тупсарар тэриллэри (ароматизатордары) туруортаатыбыт. Өссө эбии кварцынан эмиэ ыраастыыбыт.
— Ыалдьыт ахсаана төһө аҕыйаата?
— Карантин биллэриллиэҕиттэн Дьокуускайга үгүс тэрээһиннэр — кэнсиэрдэар, күрэхтэһиилэр тохтотулуннулар, онон нүөмэрдэри эрдэ үлэспит дьон үгүстэрэ аккаастаннылар. Бу барыта, биллэн турар, биһиги үлэбитигэр-хамнаспытыгар улахан охсуулаах буолла.
— Отель тупсаҕай, ураты оҥоһуулаах буолан, үгүс дьон манна фотосессияҕа хаартыскаҕа түһүөн баҕарар, олор эмиэ аҕыйаатылар дуо?
— Биллэн турар, дьон харантыыны тутуһаллар. Ол да буоллар, эрдэ былааннаммыт уонна болдьоҕо уһатыллыбат суһал наадалаахтар кэлэллэр. Фотосессияҕа аналлаах көстүүмнэрбит химчистканы ааһаллар, ону таһынан ыалдьыт баҕарар буоллаҕына, нүөмэри эбии кварцынан ыраастыахпытын сөп.
— Ыалдьыттаргыт сирэй хаххатын хайдах ылыннылар?
— Наһаа сэргииллэр, сорох кыргыттар ханна, хайдах тиктэрбиппитин сураһаллар. Харантыын аны сайыҥҥа диэри уһуур буоллаҕына, илиҥҥилии истииллээх сирэй хаххатын аан дойду кэрэ аҥаардара бүттүүн кэтэллэрэ буолуо.