Мария Габышева: «Хомсомуол — иитии оскуолата»

17.10.2018
Бөлөххө киир:

“Үлэһит буолан үүнэн тахсыбыт тэрилтэм — хомсомуол”, — диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр 12 сыл Намҥа хомсомуол пропагандиһынан, нэһилиэк, улуус сэбиэттэрин сэкирэтээрдэринэн, дьахталларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн 16 сыл, улуустааҕы билитиэкэ, култуура отделын сэбиэдиссэйдэринэн, 25 сыл устата “Тыгын Дархан” ресторан дириэктэринэн үлэлээбит Мария Габышева.

Бастакы хардыы

— Мария Николаевна, хомсомуол үлэһит буолан үүнэн тахсарбар улахан оруоллаах диэтиҥ. Хомсомуолга киирии оҕо сааһыҥ, эдэр сааһыҥ биир умнуллубат чаҕылхай түгэнэ буоллаҕа.

— Оччотооҕу оҕолорго, эдэр дьоҥҥо барыбытыгар да хомсомуолга киирии олохпут биир бэлиэ түгэнэ этэ. Хомсомуолга 14 саастарын туолбут оҕолору ылаллара. Бастаан үөрэхтэригэр үчүгэй, уопсастыбаннай үлэҕэ актыыбынайдык кыттар, бэрээ­дэктээх, көрсүө оҕолору талаллара. Мин бэһис кылаастан саҕалаан хомсомуолга киирэргэ бэлэмнэммиппин өйдүүбүн. Оччолорго Нам улууһун Партизан сэттэ кылаастаах ос­­куолатыгар үөрэнэрим. Хайаатар да актыыбынай, үөрэхпэр үчүгэй буо­луохтаахпын диэн сыал-сорук туруорунарым. Хомсомуолга 1954 с. киирбитим.  Учууталым Иннокентий Михайлович Игнатьев “үөрэҕэр үчүгэй, уопсастыбаннай үлэҕэ актыыбынайдык кыттар” диэн хомсомуолга киирэрбэр суруйбут характеристикатын өйдөбүнньүк гынан илдьэ сылдьабын.

Үөрэхпин 1959 с. бүтэрэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Балыктаах нэһилиэгин билитиэкэтигэр ананан, үлэбин саҕалаабытым.

Үлэһит буолуу

— Оччотугар хомсомуол байыаһын быһыытынан, Балыктаахха уһаарылыннаҕыҥ дии. Балыктаахтар эдэр үлэһити хайдах көрүстүлэр?

— Оччолорго партийнай тэрилтэ сэкирэтээринэн Сергей Михайлович Артемьев үлэлии олороро. “Эдэрдэр үлэҕэ-хамнаска барытыгар инники күөҥҥэ сылдьыахтааххыт, холобур буолуохтааххыт”, — диирэ. Холкуос туох баар үлэтигэр барытыгар сыһыаран илдьэ сылдьара. Ол курдук, сайын от үлэтигэр, кыһынын ыанньыксыттары солбуйа фермаҕа үлэлии тахсарбыт. Үөрэхпитин саҥа бүтэрбит уонна кинигэни эрэ кытары өрө тустуохпут диэбит дьон, бастаан утаа хара үлэҕэ миккиллэрбититтэн саллыбыппыт. Өссө биһиги, тыа сиригэр улааппыт оҕолор, бу үлэлэргэ үөрүйэх буоллахпыт. Куораттан, соҕурууттан кэлбит кыргыттарбыт улаханнык ыарырҕаппыттара.

Ити үлэлиир сылларбытыгар Валентина Гаганова бүтүн Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн хаалыылаах биригээдэни өрө таһаарар туһунан бачыым та­­һаарбыта. Сергей Михайлович биир күн ыҥыран ылан, култуура, эмп үлэһит­тэрэ кыһыҥҥы каникулга ыанньыксыттары сынньатан, фермаҕа тахсан үлэлээҥ диэбитэ. Салайааччыбыт тылын толорон, уонтан тахса кыыс биир ферманы ылан ыанньыксыттаабыппыт. Уонна оччолорго хомсомуол диэн баартыйа байыаһа буоллаҕа. Баартыйа тугу этэр да, толорон иһэҕин.

Пропагандист идэтэ

— Хомсомуол пропагандиһын быһыытынан хаһан үлэҕин саҕалаабыккыный? Пропагандист үлэтэ диэн туох суолталааҕый?

— Хомсомуол ситиһиитэ – ыччат күүһүгэр сытар. Идеологическай ба­­йыастарынан аатырар лектордар, пропагандистар, агитатордар халыҥ аармыйалара ыччаты коммунисти­ческай тыыҥҥа иитиигэ, дойдуга тапталы иҥэриигэ, үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэргэ үлэлиирбит.

Балыктаахтан 1965 с. мин дойдубар, Намҥа, көһөн кэлбиппит. Онно хомсомуол пропагандиһынан талыллыбытым. Сүрүн үлэбит – баартыйа биэрбит сорудахтарын ыччат кэлэктииптэригэр тириэрдии. Хас биирдии пропагандиска тэрилтэлэри сыһыараллара. Мин сибээс эйгэтин, бытовой кэмбинээт, райсовет исполкомун аппаратыгар пропагандист быһыытынан сылдьыбытым. Баартыйаттан сылын аайы саҥа сорудахтар кэлэллэрэ. Ыччат кэлэктиибин үлэтин-хамнаһын онно туһаайарбыт, итини ситиһэллэригэр төһүү күүс буоларбыт. Ону сэргэ хас биирдии үлэһит бэрээдэги кэспэтин, оройуоҥҥа ыытыллар маассабай тэрээһиннэргэ актыыбынайдык кытталларын туһугар үлэлэһэрбит. Кэлэктиип туох былааннааҕын, ону төһө толорон иһэрин барытын кэтээн көрөрбүт, үөрэтэрбит. Комсомольскай звенолар үлэни төһө толорон иһэллэрин барытын ааҕа билиэхтээх этибит. Бэйэбит да онтон хаалсыбакка үлэбитигэр кыһалларбыт, бэйэ бодобутун куруутун тардына сылдьарбыт, билиибитин-көрүүбүтүн өрүү хаҥатарбыт. Быһатын эттэххэ, холобурга сылдьар ыччат буола сатыырбыт. Пропагандист оннук да буолуохтааҕа. Ирдэбил оннук этэ.

Хомсомуол бэрээдэги тутара

— Мин санаабар, ыччаты үлэҕэ, олоххо иитиигэ хомсомуол үчүгэй оскуола. Ыччат маннык тэрилтэлээҕэ, хамсааһыннааҕа кини киһи быһыытынан сайдарыгар, майгытыгар-сигилитигэр, сөптөөх хайысханан барарыгар улахан оруолу оонньуур. Туох эмэ буруйу оҥоруу таҕыстаҕына тута хомсомуоллар мунньахтарыгар дьүүллэһэрбит, ырытыһарбыт. Буруйу оҥорбут киһи сыыһатын-халтытын көннөрүнэригэр ити үчүгэй уопут этэ. Ол иһин бэрээдэги кэһии сэдэх этэ.

Түмүк

— Уонна бүтэһиккэ биир ыйытыылаахпын, хомсомуол тус бэйэҕэр туох суолталааҕый?

— Хомсомуол – миигин киһи гыммыт, актыыбынай позициялаах үлэһит оҥорбут тэрилтэм буолар. Хомсомуол – иитии оскуолата. Кырдьаҕас комсомолец буолан туран, билиҥҥи ыччакка, эдэр оҕолорго хомсомуол курдук туспа тэрилтэ баар буолуон баҕарабын. Ыччакка холобур буолар лидердэр салайыахтарын, көлүөнэлэрин сырдыкка, кэрэҕэ уһуйуохтарын, инники күөҥҥэ таһаарыахтарын наада. Түгэнинэн туһанан, бары хомсомуоллары Хомсомуол тэриллибитэ 100 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин.

Габышева Мария Николаевна

1938 с. Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгэр төрөөбүтэ;

1957-59 сс. Дьокуускайдааҕы култуурунай-сырдатар оскуоланы үөрэнэн бүтэрбитэ;

1959 с. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Балыктаах нэһилиэгин библиотекарынан үлэтин саҕалаабыта;

1968-1974 сс. Иркутскайдааҕы Жданов аатынан судаарыстыбаннай университекка юрист идэтигэр уһуйуллубута;

1974-1980 сс. Нам култууратын отделын сэбиэдиссэйэ;

1986-1993 сс. Намнааҕы кииннэммит библиотека систиэмэтин дириэктэрэ;

1993-2018 сс. “Тыгын Дархан” уопсастыбаннай ас-үөл сулууспатын дириэктэрэ.

Икки  оҕолоох, биэс сиэннээх.

Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0