Мария Турантаева: «Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат»

Бөлөххө киир:

Арассыыйа уонна Украина сыһыаннаһыыларыгар биир дойдулаахтарбыт,  биллэр-көстөр уопсастыбанньыктар, салайааччылар санааларын үллэстэллэр, бары бииргэ түмсүөҕүҥ диэн  ыҥыраллар.

Мария Турантаева, Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ:

— «Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат» диэн өс хоһооно баар. Билигин буола турар балаһыанньаҕа бу өс хоһооно уот харахха этиллэр.  Биһиги дойдубут Аҕа баһылыга Владимир Путин олоҥхоҕо этиллэр Айыы бухатыырын курдук дьонун-сэргэтин, сирин-дойдутун көмүскүүр аналлаах айыллан, арҕааттан аргыар аргыйбытыгар модун санаатын түмэн, боотурдарын хомуйа тардан, кырдьык иһин киирсэн сыратын-сылбатын уура сылдьар.
115 сыл анараа өттүгэр мин хос эһэм төрөөбүт түөлбэтэ, Сахатын сирэ, бүтүн Арассыыйа сайдарыгар сыратын уурбута. 78 сыл анараа өттүгэр эһэм Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр кыттыбыта. Бүгүн  биһиги дойдубутун неонацизмтан көмүскүүргэ  сырабытын ууруохтаахпыт, таптыыр кэрэ дойдубут сайдарыгар үлэлиэхтээхпит, Ил  Дархаммытыгар өйөбүл буолуохтаахпыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0