Мария Турантаева: «Экэниэмикэ уонна култуура тэҥҥэ сайдыахтаахтар!»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, 18 чаастан дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 17-с төгүлүн буолар пресс-кэмпириэнсийэтэ саҕаланар. Бу тула Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Мария Васильевна Турантаева санаатын үллэстэр: 

— Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Год народного искусства и нематериального культурного наследия народов» диэн сылы биллэриэх буолбутун туһунан истэн аһарбытым. Мин култуура үлэһитэ буолан туран итини олус сэҥээрэ истибитим, кырдьык, бу курдук дьаһаныы саха норуотугар даҕаны, Арассыыйа атын даҕаны норуоттарыгар култуураларын сайыннаралларыгар улахан көдьүүстээх буолуо этэ дии саныыбын.

Бу эйгэҕэ балай даҕаны элбэх халбархай статустаах түгэннэр бааллар, олору түмэн туспа сокуон тахсара буоллар туһалаах буолуо этэ. Тус бэйэм үлэлиир сирбэр, Олоҥхо тыйаатырыгар сигэнэн эттэххэ, “олоҥхоһут” диэн туспа идэ баар диэн Единай квалификационнай справочникка киллэрэр баҕалаахпыт.

Дойдубутугар экэниэмикэ уонна култуура тэҥҥэ сайдыахтаах, оччоҕо эрэ норуот ситиһиилээх уонна дьоллоох уопсастыбаҕа холбоһор.

«Саха Сирэ», edersas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0