Мария Поскачина Олоҥхо ыһыаҕын көрсө суруйбут хоһоонноро

Ааптар: 
25.06.2021
Бөлөххө киир:

Айар куттаах Мария Еремеевна Поскачина Өлүөхүмэ улууһун ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Кыыллаах Арыытыттан төрүттээх. Дойдутугар Олоохуна сирин Аанньаах Хочотугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын көрсө суруйбут хоһооннорун бэчээттиибит. 

edersaas.ru

 Олоҥхо ыһыаҕын ис кута

Өлүөхүмэбит тубуста

Ыалдьыттары көрсөөрү,

Олоҥхобут ыһыаҕын

Түһүлгэтэ буолаары.

Араас улуус бэлиэтэ

Хочобутун киэргэттэ,

Дойдубутунан киэн тутта

Сүрэхпит күүскэ тэптэ.

Саха сиэрин өрө тутар,

Сэргиир дьон тоҕуоруйда,

Олоҥхобут тоҕойугар

Ил, эйэ туругурда.

Кэлбит дьоммут санаатын

Кэскиллээхтик этээри,

Саха төрүт үгэстэрин

Эдэр дьоҥҥо тиэрдээри,

Аанньаах үрдүк хочото

Сырдыгынан сыдьаайда,

Саха омук оҕотун

Сайдар суолга угуйда.

Ол да иһин Олоҥхобут

Былыргыттан кэллэҕэ,

Үйэлэри ситимниир

Сүппэт күүһү сүктэҕэ.

Дойду үүнэр кэскиллэрэ,

Инникигэ эрэллэрэ —

Хорсун хоодуот уолаттара

Кылбаа кыталык кыргыттара!

Чэйиҥ эрэ кытаатыҥ,

Олоҥхоттон үөрэниҥ,

Саха сайдар кэскилин

Салайсарга кыттыһыҥ!

Олоҥхобут — төрүт тылбыт

Умуллубат суһумун

Өссө күүскэ күөдьүтүҥ

Үйэлэргэ тэнитиҥ!

     Өлүөхүмэҕэ — Олоҥхо ыһыаҕа

Дойдубар Олоҥхо ыалдьыттыыр сайына,

Бэс ыйын түптэлэс куйааһын үгэнэ,

Үрүҥ түүн муҥутаан үҥкүүлүүр күннэрэ

Ыһыахха киирээри оҥостуу түгэнэ…

Күөх тыаҕа кэҕэ кыыл бэрт чуордук чоргуйар

Халлааҥҥа күөрэгэй күөрэйэн дьурулуур,

Кии түптэ буруота салгыҥҥа тарҕанар,

Айылҕам тыллыбыт сытыгар кыттыһар.

Муҥутаан тыллыбыт айылҕам кэрэтиэн!

Сүрэҕи долгутар көрүҥүҥ маанытыан,

Оол көстөр, Өлүөнэм ыраахха диэритин

Киэҥ дуола көҕөрөн устара улуутуон…

Аанньааҕым хочото чэчирээн тупсубут

Олоҥхо дойдута кэрэтиэн, дэтээри,

Дьон-сэргэ тулалыыр түөлбэтин тупсарбыт

Маанылаах  ыалдьыты дьоһуннук көрсөөрү.

Аал Дууб Хатыҥ мас халлааҥҥа харбаспыт

Маҥан туос субата кынтайа кылбайбыт,

Ыһыахха киэргэммит  хотуну санаппыт

Ытарҕа киэргэлэ суугунуу хамсаабыт.

Үс Дойдуну ситимниир ытык маспыт —

Тойон сэргэбит алгыһынан туруоруллубут,

Модьу бэйэтинэн, кэрэ көстүүтүнэн,

Аанньаах хочотун  көрүҥүн тупсарбыт.

Дойдум, бу улуу көстүүгүн мин бүгүн

Хайаан санаабат, ахтыбат буолуомуй,

Үөрүүлээх түгэҥҥэр кыттыһар баҕабын

Хайдах мин хаарчахтаан хаайа сатыамый…

Мин тиийиэм эйиэхэ, тапталлаах дойдубар,

Үрүҥ тунах Ыһыах  ытык  күнүгэр.

Өбүгэм таҥаһын маанытык  таҥнаммын

Сахалыы  сиэринэн сэмэйдик туттаммын.

Мин тиийиэм дойдубар бу дьоллоох күнүгэр

Күөх дуолга киирэммин иһийэн туруоҕум.

Айыыһыт алгыһын тоһуйан ыламмын

Мустубут бар дьоммор утары уунуоҕум.

Билэбин, эн миигин эрэнэ күүтэргин

Сахалыы самныбат санаабын истээри,

Ол иһин дойдум, бу кэлэн турабын

Эн сайдар кэскилгэр алгыспын этээри.

Үөрүүгэр кыттыһан дьоллонон ааһаары,

Алгыстаах сэргэҕэ салама баайаары.

Кырылыы кыынньыбыт биэ үүтэ кымыһы

Сахалыы чороонтон омурдан ылаары.

Маҥан сиэл  дэйбиирбин илиибэр тутаммын

Аргыыйдык долгуйа күөх окко хаамаары,

Ахтыбыт, суохтаабыт дьоннорбун көрсөммүн

Алгыстаах аанынан хочоҕо  киирээри.

Ыһыаҕым дьонунуун алтыһан, кэпсэтэн,

Дууһалыын чэпчээммин эгдэйэн ылаары,

Аанньааҕым  матыыбын эйээрдэн, дьиэрэтэн,

Эһиэкэй-оһуохай  тойугун туойаары.

Бар дьоммун ахтыбыт, суохтаабыт санаабын

Сааһылаан сайаҕас тылынан  этээри,

Саха төрүт оонньууларын астына

Кинилэрдиин бииргэ көрөн сэргээри.

Ыһыаҕы киэргэтэр олоҥхо тойугун

Батыһа сылдьан көхтөөхтүк көрөөрү,

Олоҥхо омуннаах олоҕор олорсон

Сырдык күүс хайаан да кыайарын истээри.

Сахаҕа күүтүүлээх, сырдыкка эрэллээх

Алгыстаах күнүгэр астына кыттаары,

Сардаҥа ойуулаах салама баайыылаах

Олоҥхо ыһыаҕар уруйу туойаары.

                                               Мария ПОСКАЧИНА, Дьокуускай к., 2021 сыл.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0