“Уонунан сэлиэнньэҕэ, дэриэбинэҕэ сырыттыбыт. Гитлер ороспуонньуктара “хаһаайыннаабыттара” харахха тута быраҕыллар: урусхалламмыт дэриэбинэлэр эрэ хаалбыттар, тыыннаах орпут нэһилиэнньэ ньиэмэс фашистарыттан босхоломмут бадыбаалларга, хаһыллыбыт буор дьиэлэргэ олорор. Кинилэр барытын илэ харахтарынан көрбүттэр, этиллибэт үлүгэри эттэринэн-хааннарынан билбиттэр”, — диэн суруллар. Бу — Мария Нартахова 1942 сыл саас Арҕаа фроҥҥа сырыытыттан отчуотугар.
Кини кимий?
Биллэр-көстөр судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, 1954-1963 сылларга Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлэ Мария Дмитриевна Нартахова 1906 сыллаахха тохсунньу 25 күнүгэр Өлүөхүмэ улууһун Абаҕа нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1925 сыллаахха Нөөрүктээйи сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбит эдэркээн кыыс сыллата биирдии үктэли өрө тахсан, төрөөбүт, улааппыт Абаҕатыгар сэкирэтээртэн саҕалаан, Саха АССР социальнай хааччыйыыга миниистиригэр, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлигэр тиийэ үүммүтэ. Ол эрээри, бүгүн кинини ааҕааччыларга биллэр-көстөр уопсастыбаннай диэйэтэл быһыытынан буолбакка, олоҕор умнуллубаттык хатаммыт үс ыйдаах кылгас кэрчик – Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Арҕаа фроҥҥа үктэниитин сырдатарга холонуохпут.
Арҕаа фроҥҥа
ВКП(б) обкомун Саха сиринээҕи бюротун 1942 сыл кулун тутар 3 күнүнээҕи быһаарыытынан, ВКП(б) Дьокуускайдааҕы горкомун сэкирэтээрэ Имуллин В.Г., ВКП(б) Алданнааҕы райкомун сэкирэтээрэ Бережной З.Ф. уонна Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, 36 саастаах Мария Нартахова састааптаах дэлэгэссийэ кулун тутар 7 күнүгэр Иркутскайга турунар. Кинилэр сүрүн соруктара биир – уоттаах сэриигэ өстөөҕү утары туруммут сэбиэскэй саллааттарга өрөспүүбүлүкэ үлэһит дьонун аатыттан ас-таҥас илдьэн туттарыы.
Сэрии ыар сылларын кэмигэр төһө даҕаны сут дьыллар сатыылааталлар, от, бурдук үүммэтэр, Саха сирин олохтоохторо сэриигэ, фроҥҥа кыахтара төһө тиийэринэн көмөлөспүттэрэ. Аҕыйах күн иһигэр 2,5 мөлүйүөн солкуобай үбү хомуйбуттара. Ити харчынан 223 туонна табаары, бородууктаны: куруппа арааһын, мокоруону, саахары, кондитерскай оҥоһуктары, арыыны, мыыланы, уо.д.а. атыыласпыттара. Өстөөҕү утары сэриигэ уһулуччу ситиһиилээхтэргэ анаан, өрөспүүбүлүкэ үлэһит дьоно сыаналаах бэлэхтэри – кыһыл көмүс чаһылары бэлэмнээбитэ.
Үлэһит норуот аатыттан
“Кулун тутар 16 күнүгэр Саха сирин дэлэгээссийэтэ арыалдьыттаах эшелон Иркутскайтан арҕаа арахта. Айаммыт былаһын тухары сэбиэскэй норуот улуу сирдьитэ, муударай полководец, табаарыс Сталин, ССРС норуоттара бэйэлэрин харыстаммакка Кыһыл Аармыйаны, Кыһыл флоту өйүүр биир сомоҕо дьиэ кэргэн буоллулар диэн этиитин илэ көрөбүт. Дьону, тааҥкалары, массыыналары, сэрии сэбин-сэбиргэлин тиэммит пуойастар тохтобула суох биһигини ситэн арҕаа ааһаллар”, — диэн саҕаланар.
Эшелон Москваҕа муус устар 12 күнүгэр тиийэр. Кинилэри ыстаансыйаҕа Арҕааҥҥы фронт штабын бэрэстэбиитэллэрэ көрсөллөр. Икки күнүнэн Калугаҕа үктэнэллэр. Илдьибит бэлэхтэрин генерал-лейтенант Болдин чаастарын ыскылааттарыгар сүөкүүллэр.
Байыаннай Сэбиэккэ
Ити курдук хас да күн устата айаннаан, икки арыалдьыттаах муус устар 30 күнүгэр сарсыарда 6 чааска Красиково бөһүөлэккэ тиийэн, 8 чааска номнуо Байыаннай Сэбиэт чилиэннэригэр киирэллэр. Соруктарын ситээри, ый кэриҥэ айаннаан Саха сириттэн тиийбит дэлэгээссийэни кытта күнүс 12 чааска диэри кэпсэтэллэр. “Манна биһиги, кинилэр ордук сэҥээрбит буолан, саха норуотун олоҕун-дьаһаҕын уонна култууратын кэпсээтибит, оттон кинилэр фронт уопсай туругун, тустаах аармыйа устуоруйатын туһунан билиһиннэрдилэр”, — диэн суруйар.
Суруйдахха судургу курдук эрээри, бу сырыыларын тухары араас түгэннэргэ түбэһэллэр. Ол курдук, муус устар 24 күнүгэр Муратово уонна Бабынино ыстаансыйалар икки ардыларыгар кинилэр айаннаан иһэр пуойастарыгар ньиэмэс икки сөмөлүөтэ 25 буомбаны быраҕар эрээри, дьолго, таппат. “Бу биһиги бастакы бойобуой сүрэхтэниибит этэ”, — диэн ыйар.
Өстөөхтөн — 500-700 миэтэрэ
Ыам ыйыгар инники кирбиигэ чугаһыыллар. Ол туһунан Мария Нартахова бэйэтэ маннык ахтар: “Ыам ыйын 1-5 күннэригэр 116-с уонна 336-с стрелковай дивизияларга уонна туспа зенитнэй-артиллерийскай дивизиоҥҥа сырыттыбыт. 336-с стрелковай дивизия хамандыыра, генерал-майор Кузнецов, дивизия комиссара, полковой комиссар Выборных уонна 116-с стрелковай дивизия оһуобай отделын начаалынньыга уонна судаарыстыбаннай куттал суох буолуутун майора, Алдантан төрүттээх Трухачев арыаллааһыннарынан өстөөх уотуттан саһарга аналлаах сир аннынааҕы хаххаларынан (блиндаж), кэтээн көрөр, хамаандалыыр пууннарынан сырыттыбыт, байыастар уонна хамандыырдар фроннааҕы олохторун кытта билистибит”.
Ыам ыйын 2-с күнэ үүнэр түүнүгэр стрелковай полка
1130-с полковой артиллерия батарыайатыгар бэлэхтэрин – кыһыл көмүс чаһыны артиллерия начаалынньыга, младшай лейтенант табаарыс Сучков Александр Алексеевичка туттараллар. “Табаарыс Сучков артиллерияны 1941 сыл ахсынньытыттан салайар. Бу кэм устата кини артиллерията биирдэ даҕаны тохтоон көрбөт, бойобуой сорудаҕы барытын толорор, личнэй састааба бэрт кыра сүтүктээх, оборуонаҕа уонна биһиги чаастарбыт кимэн киириилэрин кэмигэр өстөөхтөргө чопчу, сатабыллаах уоту аһыы иһин чаастарын хамаандатыттан хас да төгүл махталы ылбыт”, — диэн бэлиэтиир.
“Биһиги инники кирбиигэ өстөөхтөртөн биэс, сэттэ сүүс миэтэрэ эрэ сылдьабыт. Кылгас миитиннэри ыытабыт, байыастары, хамандыырдары уонна политработниктары кытта кэпсэтэбит. Байыастары кытта “Оборона Царицына” киинэ хартыынаны көрдүбүт, кыһыл армеецтар ансаамбылларын иһиттибит”, — диэн ахтар.
Илэ хараҕынан, эт кулгааҕынан…
Москваҕа тиийдэххэ, киин куораты көмүскүүр тыҥааһыннаах байыаннай үлэ барара биллэр диэн кэпсиир. Хас киэһэ аайы 8 чаастан сүүһүнэн аэростаттар хаххаҕа тахсалларын, Москваттан 70-ча килэмиэтир тэйдиҥ да (Нарофоминскай) гитлеровскай баанда хара санаалааҕа харахха быраҕылларын бэлиэтиир. Нэһилиэнньэлээх пууннарга, куоракка олорор дьиэлэри, тэрилтэлэри, тимир суол ыстаансыйаларын урусхаллаабыттарын, умаппыттарын, аҥаардас турбалар, таас тутуулар кураанах эркиннэрэ эрэ туралларын ыйар. Нарофоминскай ыстаансыйатын ааһа түстэххэ, 75-с килэмиэтиргэ биһиги чаастарбыт (1941 сыл ахсынньы 4-6 күннэрэ) кырыктаах кыргыһыыга ньиэмэс оборуонатын үлтү көппүттэрин ойуулуур. Манна тимир суол икки өттүгэр биһиги дьоммут уонна өстөөхтөр өлүктэрэ өрөһөлөнөн сыталларын, өлүктэри хаар ууллубутун, миинэ көстөр буолбутун кэннэ биирдэ харайар кыахтаахтарын туһунан хайдах баарынан суруйар.
Бастыҥ бэлэх
Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн тиийбит бэлэҕи, Байыаннай Сэбиэт уопсай хааһынаҕа укпакка, нуорманы таһынан эбии хааччыйыы быһыытынан түҥэтэргэ быһаарар. Сэрии чаастарын уонна тэрилтэлэрин хааччыйар үлэһиттэр, аармыйа Байыаннай Сэбиэтин чилиэннэрэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр генерал Болдин чаастарыгар тиксэриллибит бэлэхтэртэн хаачыстыба уонна ахсаан өттүнэн саамай бастыҥ бэлэх буолла диэн сыаналыыллар.
Бүгүн ааҕааччыларга Кыайыы 75 сылынан итиэннэ Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэринэн сибээстээн, Мария Нартахова Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр фроҥҥа Саха сириттэн илдьиспит көмөтүн, онно илэ хараҕынан көрбүт сүрүн түгэннэрин 2006 сыллаахха “Бичик” кинигэ кыһатыгар тахсыбыт “Мария Нартахова” кинигэттэн быһа тардан сырдаттыбыт.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru