Мария Ларионова кыайыыга кынаттыыр хоһоонноро

Ааптар:  Мария Ларионова
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Мария Ларионова тус архыыбыттан.

СӨ култууратын туйгуна, үтүөлээх үлэһитэ, «Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, Өлүөхүмэ улууһун биллэр хоһоонньута, мелодиһа Мария Ларионова Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыы 79 сылын көрсө кыайыы тиэмэтигэр аналлаах хоһооннорун ааҕыҥ.

Кыайыы күнэ

Сырдык-сылаас ыам ыйа

Сыһыы, алаас ахсын тэнийдэ

Кыайыы ѳрѳгѳй былааҕын

Кыраайбытыгар тэниттэ!

Улуу Кыайыы дойду үрдүнэн

Киэҥник, чиҥник хардыылыыр,

Улуу Дойду үрдүк ситиһиитэ

Килбиэнник чаҕылыйа сырдыыр.

Бу дьоро күнү уһансыбыт

Хоһуун ытык дьоммутугар

Бука бары сүгүрүйэн махтанабыт,

Хорсуннарын сѳҕѳн махтайабыт.

Сырдык-сылаас ыам ыйа

Сыл ахсын эргиллэ туруоҕа,

Кыайыы күнэ үйэлэргэ

Кыраайбытыгар хардыылыаҕа!

Улуу Кыайыы 75 сылыгар

Уот будулҕан быдан ааспыта

Уонунан сыллар бардылар

Сэттэ уон биэс сыл тухары

Сэрии кэмнэрэ ѳйтѳн сүппэтилэр.

Харах уулаах ѳрѳгѳй күнэ

Хаһан даҕаны ѳлбѳѳдүйбэт,

Хаан тохтуулаах Кыайыы

Халбаҥнаабат санаабытыгар.

Сырдык ыам ыйын тохсуһа

Сындаалаах күүһүнэн кэлбитин

Дойду дьоно барыта билинэр

Долгуйа-аймана кѳрсѳр.

Үбүлүѳйдээх Кыайыы сылыгар

Үрдүк үѳрүү тосхойдун,

Үтүмэн дьылларга бу курдук

Үѳрүүнэн тарҕана турдун!

Умнуллуо суоҕа хаһан даҕаны

Уот сэрии ыар сүтүк кэмнэрэ,

Улуу Кыайыы хас сыл ахсын

Уостубакка ѳрѳгѳйдүү туруо!

Бэтэрээн ырыата

Сэрэнэн үктэнэн,

Тайах маска тайанан

Астыйбыт баттахтаах

Кырдьаҕас таҕыста.

Айан суолга тохтоон,

Оскуола диэкиттэн

Сиэн уола кэлэрин

Одуулуу кэтэһэр.

Бу одуулуур харахтар,

Тайах маска тайаммыт,

Кырдьаҕас илиилэр

Элбэҕи кэпсииллэр,

Элбэҕи билэллэр.

Кинилэр билэллэр

Ол ааспыт үйэбит

Аймалҕан аргыстаах

Ааҥнаабыт сылларын.

Уот сэрии ынырык

Ыар сүтүк кэмнэрин,

Ѳстѳѳҕү самнарар

Кыргыһыы толоонун.

Сиэн уола бу кѳҥүл

Олоххо олордун,

Уот сэрии диэн тугун

Хаһан да билбэтин.

Сиэнинээн сиэттиһэн,

Сэрэнэн хаамтылар,

Сарсыҥҥы кэскилгэ

Санааларын уураннар.

Умнуллуо суоҕа сырдык аата

Үһүйээн буолбут тыалардаах,

Үрүлүйэ сүүрэр үрэх уулардаах

Үтүѳ-мааны Тээнэ сиригэр

Үѳскээбитэ биһиги Уйбааммыт.

Кыра сааһыттан сааланан,

Кыахтаах булчут аатыран,

Кыыл бѳрѳлѳрү бултууругар,

Кыайан тэҥнээҕин булбатаҕа.

Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр,

Арҕаа сир кырыктааах кыргыһыытыгар

Аймах дьонун, ийэ дойдуну кѳмүскээбитэ,

Адьырҕа ѳстѳѳҕү сүүһүнэн кыдыйбыта.

Кыраҕы харҕынан кыҥаан,

Кытаанах тулуурунан манаан,

Кыайыыны кини уһансыбыта,

Кынаттаан ѳрѳгѳйүн туппута.

Номох буолбут снайпер,

Норуот дьиҥнээх Дьоруойа,

Улуу Уйбааммыт үйэлэргэ

Умнуллуо суоҕа сырдык аата.

***

Улуу Кыайыы күнүн

Улахан дойду бэлиэтиир!

Уорҕа фашист сидьиҥнэрин

Уолдьаста хам баттыыр түгэн!

Кыайыы туһугар санаабыт

Күннэтэ күүһүрэн уоҕурар,

Кылбайар ѳрѳгѳй түгэни

Күѳдьүтэр сомоҕо туругуран!

Кыайыыга кыайыы кыттыстын!

Сэриигэ дойдубут сүр күүһэ

Кытаанах ньыгылынан тумнаран,

Сэттээхтик ѳстѳѳҕү самнардын!

***

Улуу кыайыы 21 үйэтин күнүгэр

Дойдубут фашистыын охсуһар,

Уруйдаах дьоммут, буоларын курдук,

Дьоһуннук кыайыыга туруулаһар!

Кыайыы биһиэнэ! Кыайыы туругур!

Кылбайар былаахпыт тэлээрэн

Кытыаста Аан дойдуга өрөгөйдүүр!

Кыайыы биһиэнэ, онно сүдү эрэбил!

Кэлиэҕэ эмиэ биһиги дойдубутугар,

Кэскиллээх, нуһараҥ эйэ олоҕо,

Кэлиэҕэ дойду кыаҕын өрөгөйө,

Кэпсээн, үһүйээн, сөҕүмэр буолан!

Билиҥҥи ыччат кэрэһит буолан,

Аан дойду билиҥҥитин билэн,

Биһирии, киэн тутта кэнники,

Арбаан, кэпсээн оҥостуо турдаҕа!

Дойду күүстээх, өрөгөй кыаҕын,

Дуоһуйа салгыы кини илдьиэҕэ,

Дьоһун санаа, дьоһун өйдөбүл,

Дохсуннук ыччаппытыгар тиксиэҕэ!

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0