Мария Ефимова: «Саха сирин тымныыта, алмаастара киэргэллэрбэр көстөллөр»

Ааптар: 
12.11.2021
Бөлөххө киир:

«Антиглянец» Telegram-ханаал уонна АЛРОСА соторутааҕыта Diamonds.Daily күннээҕи киэргэллэр кэллиэксийэлэрин билиһиннэрдилэр. Киэргэллэри оҥорууга эдэр ювелирнай бреннэр, ол иһигэр Саха сириттэн төрүттээх Мария Ефимова тэрийбит EMAE JewelsbyMariaEfimova, кытыннылар. Киэргэллэри хайдах оҥорон саҕалаабытын билээри кэпсэттибит.

– Мин оҕолоноору уоппускабар барбыт кэммэр ювелир дьыалатын дириҥник билэргэ санаммытым: бэйэм ону-маны уруһуйдаан уонна толкуй­даан барбытым. Ол кэмҥэ геммологияны үөрэппитим. Эмиэ­рикэ Геммологическай инсти­­тутугар (GIA — GemologicalIns­tituteofAmerica) уонна Таилаҥҥа олоҕурбут Геммология наукатын Азиятааҕы институтугар (AIGS — AsianInstituteofGemologicalSciences) үөрэммитим. JEMAE аата хас да тыл холбоспутуттан: JEMAE диэн Англия тылыттан (күндү мал) уонна мин аатым, араспаанньам бастакы буукубаларыттан турар. Онон, JEMAE JewelsbyMariaEfimova диэн аббревиатура тахсан кэлэр.

Онон, бэйэм бреммин оруобуна пандемия иннинэ оҥостубутум. Куортамҥа дьиэ ылбытым, өрөмүөн ыыппытым. 2022 сыл олунньутугар тэриллибиппит икки сыла буолуоҕа.

«АНТИГЛЯНЕЦ» TELEGRAM-ХАНААЛЫ УОННА АЛРОСА ХАМПААННЬАНЫ КЫТАРЫ БИИРГЭ ҮЛЭЛЭЭҺИН

– 2021 сыл саас миэхэ «Антиглянец» төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ Юлия Пош эрийбитэ. Бу бырайыакка кыттарбар этии киллэрбитэ уонна, дьиктиргиэм иһин, кини саныы түспүт дьонуттан мин бастакылара буоларым туһунан билиммитэ. Онуоха икки төрүөт баара: бастакытынан, мин Саха сириттэн төрүттээхпин, иккиһинэн, Юлия – биһиги бреммит килийиэҥкэтэ. Биһиги былырыын билсибиппит, “Антиглянецка” JEMARE by JEMAE (дьүөгэм Марина Ушаровалыын бииргэ тэрийбиппит) фэшн-кэллиэксийэбит рекламатын таһаарбыппыт. Онно Юля тута биһиэхэ шоурумҥа кэлбитэ уонна хас да биһилэҕи атыыласпыта.

Кулун тутарга кинилиин көрсүбүппүт итиэннэ ымпыктары-чымпыктары сиһилии кэпсэппиппит. Ыам ыйын бүтүүтэ мин эскиистэри ыыппытым.

Эскиискэ бырааптар АЛРОСА хампаанньаҕа бэриллибиттэрэ. Киэргэллэри АЛРОСА ювелирдара оҥорбуттара. Дизайнердары кытары араас ураты түгэннэри сүбэлэспиппит, чуолаан, Смоленскайга собуокка барар, бриллианнары сыһыарар түһүмэҕи хонтуруоллуур кыах баар ­буолбута. Ол гынан баран, хомо­йуох иһин, бу күн бэйэм маста­рыскыайбар үлэлээх этим.

DIAMONDS.DAILY КЭЛЛИЭКСИЙЭҔЭ КИЭРГЭЛЛЭР ХАЙДАХ ОҤОҺУЛЛУБУТТАРЫН ТУҺУНАН

– АЛРОСА Саха сирин кытары быһаччы сибээстээх уонна Саха сирэ – мин төрөөбүт дойдум. Онон, бу тиэмэни кыратык сүүйүүлээхтик туһаныахха сөп эбит диэн толкуйдаабытым. Саха сирин киэҥник билиһиннэриини олоҕум биир соругунан ааҕабын. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит туһунан элбэх киһи билиэн баҕарабын.

Саха сирин кытары сибээс­тиир олус тарҕаммыт ассоциа­циялар – хабыр тымныыбыт, хаарбыт, алмаастарбыт. Ол иһин, мин бэйэм үлэбэр тымныы уонна алмаастар тиэмэлэрин арыйарга быһаарыммытым.

Хаар кыырпаҕа уонна алмаас – кристалл. Биир кристалл (ал­­маас) сүүһүнэн мөлүйүөн сыл сир анныгар оҥоһуллар, оттон атын кристалл (хаар кыырпаҕа) сөкүүндэ иһигэр салгыҥҥа үөскүүр. Онуоха хаар кыырпаҕа киһи ­илиитигэр ууллар уонна сүтэр, оттон алмаас ювелир илиитигэр киирэн дьикти бриллиант буолар. Ол эбэтэр, киһи элбэҕи оҥорор, айар эрэ буолбатах, чэпчэкитик алдьатыан эмиэ сөп. Ону сэргэ, элбэх сыллаах уопуттар уонна боруобалааһыннар мөлү­йүөн каракка икки тэҥ бриллианы булбаппытын, триллион хаар кыырпаҕын ортотугар икки тэҥ хаар кыырпаҕа суоҕун дакаастаатылар. Бу биһиги дэҥҥэ көстөр уратыбытын этэр тэҥнэбил.

Бастакы биһилэх чочуллубатах алмаас быһыытын курдук оҥоһуллубута. Иккис биһилэх хаар кыырпаҕа быһыылаах, 13 ювелирнай киллэһиктээх. Пусет-ытарҕалар саха хабараан тымныытын уонна чочуллубатах алмаас кэнсиэпсийэтин салҕыыллар.

Киэргэллэри оҥорорго: киэргэл муҥутуур ыйааһыныгар, таастар кээмэйдэригэр, сыана диапазонугар уо.д.а. чопчу тиэхиньиичэскэй сорук турбута.

КЭНСИЭПСИЙЭНИ УОННА КЭЛЛИЭКСИЙЭНИ СЭҤЭЭРИИ ТУҺУНАН

– Биһиги бииргэ үлэлээһиммит түмүгүттэн астынабын. Бу – аан дойду бөдөҥ хампаанньаларыттан биирдэстэрэ Telegram-ханаалы кытта холбоһук­таах бырайыагы оҥорууга бастакы түбэлтэ. Туораттан көрдөххө, биһиги билигин бары чугасаһан эрэбит: кыраныыссалар бары аһылыннылар уонна кыаллыбат диэн суох.

Биэс сыл анараа өттүгэр маннык бииргэ үлэлэһии туһунан толкуйдуур да кыахпыт суоҕа.

АЛРОСА — араас эспэримиэннэри ыытар кыахтаах аан дойду­тааҕы статустаах баараҕай хампаанньа. Кинилэр киһи кыа­йан санаммат корпорациятын курдук көстө сатаабатахтара, ол оннугар “Антиглянцы” кытары коллаборацияны тэрийдилэр. Бу ытыктабылы уонна сөҕүүнү-махтайыыны эрэйэр.

Мин кэллиэксийэлэр кэн­сиэпсийэлэрин олус сэҥээрэбин. Бу – бэйэтин уонна бриллианнары таптыыр аныгы кыыс кэллиэксийэтэ. Киэргэллэри бэйэтэ атыылыаһыан баҕарар, атыылаһар кыахтаах уонна атыылаһар, бриллианнары күн аайы кэтэр…

DIAMONDS.DAILY КЭЛЛИЭКСИЙЭНИ БИЛИҺИННЭРИИ

– «Антиглянец» ALROSA Diamonds кытары коллаборациянан төрдүс төрөөбүт күнүн бэ­­лиэтээтэ. Бэчэрииҥкэҕэ үлэ­лииргэ аһаҕас дьон уонна интэриэһинэй ыалдьыттар муһуннулар. Мин манна кэл­­лиэксийэни оҥорорго кыттыбыт атын ювелирдары кытары көрүстүм. Ону сэргэ, бэйэтин дьыалатын баһылаабыт, АЛРОСА ювелирнай бөлөҕүн генеральнай ди­­риэктэрэ Ирина Морозовскаяны кытары билистибит. Хампаанньа бииргэ үлэлииргэ аһаҕас уонна бэ­­йэтин атыылаһааччыларыгар бастыҥ буолар баҕалаах.

ИННИКИ БЫЛААННАР

– Инники былааннар тустарынан этэр буоллахха, өссө салгыы сайдыахпытын баҕарабыт. Биһиги бреммит туруктаах уонна олус уустук ырыынактаах, би­­риинчик атыылаһааччылардаах Москваҕа биллэр буолуон баҕарабын.

Биир санааны толкуйдаабытым сыл аҥаара буолла. Саҥалыы толкуйдаммыт сахалыы ис­­тииллээх кэллиэк­сийэни оҥорор былааннаахпын. Биһиги омукпут киэргэллэригэр бэйэм көрүүбүн киэҥ эйгэҕэ үл­­лэстиэхпин баҕарабын.

Саха сиригэр ювелирнай турдары тэрийиини салгыыр бы­­лааннаахпын. Бу олус интэриэһинэй уонна кэскиллээх бырайыак.

САХА СИРИГЭР ЮВЕЛИРНАЙ ТУРДАРЫ ТЭРИЙИИ

– Былырыын биһиги бреммит WinterBall Аһымал пуонда дьаһалыгар кыттыбыта. Манна Арассыыйа бастыҥ ювелирдара аһымал аукциоҥҥа киэргэллэрин туруораллар. Киирбит үбүнэн көмөҕө наадыйар оҕолорго эндопротезтары атыылаһаллар. Бу өйдөөх протезтар оҕону кытары тэҥҥэ улааталлар.

Ол курдук, мин Елена Веселаяны кытары билсибитим. Кини – биллэр суруналыыс, ювелир ускуустубатын устуоруга, аныгы кэм бастыҥ ювелирдарын тус билэр аан дойду таһымнаах экспиэр, сыл аайы бэчээттэнэр Jewellery каталогы таһаарааччы.

Елена пандемия буолуор диэри аан дойдуга барытыгар ювелирнай турдары тэрийбитэ. Быйыл кулун тутарга Москва ыалдьыттарыгар бииргэ тур тэрийбиппит. Биһиги Мииринэйгэ тиийэн, «Мир» кимберлит туруупка үрдүнэн бөртөлүөтүнэн көппүппүт, АЛРОСА олус интэриэһинэй мусуойугар, «Чочур Мыраан» комплекска, Ирбэт тоҥ саарыстыбатыгар сылдьыбыппыт, Валентина Романованы-

Чыскыырайы айар биэчэригэр көрсүбүппүт, “Аврора” эрэстэрээҥҥэ “Саха сирин виртуозтара” кыттыылаах бэртээхэй киэһэни атаарбыппыт уо.д.а.

Мин биһиги сахабыт аһа-үөлэ үөрүйэҕэ суох ыалдьыттарбытыгар ыарахан буолара буолуо диэн куттаммытым. Тоҕо диэтэххэ, биһиги аһылыкпыт уратылаах: элбэх эт, сыалаах ас. Ол да буоллар, кинилэр биһиги аспытын, чуолаан күөрчэҕи, кыһыллыбыт балыгы, убаһа этин олус сөбүлээбиттэрэ.

Биһиэхэ үрдүк кылаастаах гостиницалар суохтарыттан са­­наарҕаабытым. Ыалдьыттарбыт – элбэх дойдуга сылдьыбыт уонна нус-хас сынньанарга тустаах ирдэбиллээх даамалар. Кинилэр бары усулуобуйаны өйдөөн сыһыаннаспыттарын бэлиэ­тиэхпин баҕарабын, барыта этэҥҥэ ааспыта.

Быйыл сайын Саха сиригэр эмиэ кэлэргэ былааннаммыппыт. Былааннарбыт буруоттан уонна баһаартан сылтаан тохтотуллубуттара. Инникитин турдары куруук тэрийии кыаллыаҕар эрэнэбит. Бу – биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр туризмы сайыннарыан сөптөөх кэскиллээх хайысха.

МАРИЯ ЕФИМОВА — JEMAE JewelsbyMariaEfimova бренд төрүттээччитэ уонна дизайнера. Саха сириттэн төрүттээх. Үгүс сыл судаарыстыбаннай сулууспаҕа үлэлээбитэ. Оҕо көрөн олорор уоппускатын кэмигэр бэйэ ювелирнай брендин тэри­йэр туһунан толкуйдаабыта. Геммологияны уонна ювелир ускуустубатын үөрэппитэ. Мария бэйэтин үлэтигэр аан дойдуга барытыгар биллэр Саха сирин бриллианнарыттан ураты, төрөөбүт дойдутун атын таастарын: хромдиопсиды, чароиты туһанар.

Киэргэллэри ALROSA Diamond официальнай интэриниэт-маҕаһыыныгар уонна флагмантскай бутиктарыгар атыылаһыахха сөп.

Саайт: alrosadiamond.ru/diamonds-daily

АЛРОСА-пресс сулууспата.

АЛРОСА уонна Мария Eфимова

тус архыыбыттан хаартыскалар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0