Мария Аянитова: «Астрология — бириигэбэр буолбатах, барыта киһи бэйэтин илиитигэр»
Киһи төрөөбүт күнүттэн, чааһыттан инники дьылҕата тутулуктааҕа сүрдээх интэриэһинэй. Билбэт киһиҥ эн тускунан бэйэҥ да билбэккин этэрэ соһутара ханна барыай? Астролог көмөтүнэн олохторун суолун сөптөөхтүк салайыналлар, дьоҕурдарын көмөтүнэн табыллыыны таба тайанар суолга үктэнэллэр, киһи ис кыаҕын толору туһаналлар. Ол курдук Ба цзы картатын ааҕар астрологтартан биирдэстэринэн Мария Аянитова буолар.
Мария Аянитова – Фэн шуй уонна Ба цзы астрология исписэлииһэ. 2016 сылтан консультациялары ыытар. Фэн-шуйга гранд маастар Рэймонд Ло уонна эдэр доктор Джин Пэх уһуйуллааччылара. Мария Ба цзы картатын Джин Пэх үөрэҕэр олоҕуран аныгы ньыманан ааҕар, семинардары, онлайн курстары ыытар, Инстаграм ситимигэр http://@mariia_aianitova999 аатынан туһалаах сүбэлэри үллэстэр блогер. Бац зы киһиэхэ тоҕо туһалааҕын, тоҕо каартаны аахтарар наадатын туһунан сырдатарыгар көрдөстүм.
БА ЦЗЫ КАРТАТЫН ААХТАРАР НААДА ДУО?
— Ба цзы диэн тугуй? Киһи олоҕор туох суолталааҕый?
— Ба цзы — Илиҥҥи астрология биир көрүҥэ буолар. Хаһан үөскээбитин этэр кыаҕым суох, ол эрэн Кытайга императордар салайар кэмнэриттэн саҕалаан баара биллэр. Ол курдук императордар астрологтан сүбэлэтэн, аахтаран ханнык салҕааччыларыгар нэһилиэстибэлэрин аныылларын, ханнык күҥҥэ сэриигэ аттаналларын, хаһан дыбарыас, храм туталларын билэллэр эбит. Фэн-шуй диэн биллэрин курдук уйаара-кэйээрэ биллибэт улахан, дириҥ үөрэх, ол биир хайысхатынан Ба цзы буолар.
Астрология киһи төрөөбүт күнүнэн олоҕун, ис кыаҕын үөрэтии буолар. Фэн-шуй үөрэҕэ этэринэн киһи дьылҕатыгар сабыдыаллыыр табыллыы (удача) үс төрүөттээх — бастатан туран киһи төрөөбүт күнүттэн тутулуктаах — халлаантан табыллыы (Небесная удача). Бу төрөөбүт күнүнэн-дьылынан суоттаан таһаарыллар.
Иккиһэ — сирдээҕи табыллыы (Земная удача) — атыннык эттэххэ, тулалыыр эйгэ дьайыытынан кэлэр табыллыы. Киһи хайдах сиргэ олороро, тулалыыр айылҕата (хайалаах, өрүстээх сиргэ төрөөбүккүттэн) олорор дьиэ киирэр аана, түннүгэ ханнык хайысхаҕа тахсара — барыта киһи табыллыытыгар сабыдыаллыыр буолар. Холобур: сыыһа миэстэҕэ — суол муҥур уһугар, бүтэр сиригэр дьиэ тутуннахха табыллыы кэлиитин отучча бырыһыан намтатар.
Үһүс — киһиттэн тутулуктаах табыллыы. Туох хайа иннинэ киһи быһыыта -майгытыттан хайдах туттунарыттан, өйүттэн-санаатыттан быһаччы тутулуктаах. Ол да иһин Фэн шуй, астрологияны быһа гыммакка, киһи ситиһиилээх буоларын туһугар төрөөбүт күнүнэн-дьылынан, чааһынан көрөн Ба цзы картатын ааҕар.
— Мария, Ба цзы астрологиятын тоҕо талбыккыный?
— Мин оҕо эрдэхпиттэн астрологияны интэриэһиргиир, үлүһүйэр этим. Кылааһым оҕолорун зодиактарын бэлиэтин билигин даҕаны билэтэлиибин.
Хас биирдии зодиак бэлиэтэ хайдах майгылааҕын, туох хаачыстыбалааҕын өйдүүбүн. Онтон үлүһүйэн бэйэбин үөрэтэн, билэн барбытым. 6-7 сааспыттан ыла бэйэм быһыыбар-майгыбар үлэлиибин. Хайдах бэйэни үчүгэй өттүгэр сайыннарыахха сөбүн оҕо эрдэхпиттэн үөрэтэн барбыт эбиппин. Астрология — аптаах түгэн эбит диэн өйдөөбүтүм. Билигин санаатахха, астрологияны үлүһүйэн үөрэтэрбэр тирэх буолбут эбит.
Онтон 2015 сыллаахха фэн-шуй семинарыгар диэн тиийбитим, Ба цзы үөрэҕэ буолан биэрбитэ. Ол күнтэн ыла «барыта — бэйэҥ илиигэр» диэн этиигэ итэҕэйбитим. Сабаҕалааһын үчүгэйэ да суох буоллаҕына барытын хачайдаан үчүгэй өттүгэр уларытыахха, онтон тэбинэн бэйэни сайыннарыахха сөбүн билэр, ону үөрэтэр түгэн миэхэ тосхойбута мээнэҕэ буолбатах. Ол кэмҥэ тус олохпун кытары ситимнээх үп-харчы өттүгэр, инникигэ эрэлэ суох буолуу, саарбахтааһын, уо д. а. туох эрэ куттал баара. Ба цзыга үөрэнэн баран атаҕым анныгар тирэх баарын билбитим.
— Ба цзы аахтардахпына тугу билэбиний? Туохха туһалааҕый?
— Ба цзы бэйэтэ хас даҕаны хайысхалаах, картаны ааҕар, үөрэтэр ньымата эмиэ атын-атын. Ол эрээри бары ньыма, хайысха — киһи ис кыаҕын арыйар сыаллаах. Ону тэҥэ уруккутун арыйан, инникитин көрөн —ханнык туох түбэлтэлэр, моһоллор, үөрүүлээх түгэннэр буолбуттарын, буолуохтаахтарын ыйар. Ол эрээри биир күҥҥэ, биир сылга, биир чааска төрөөбүт дьон хайаан даҕаны биир дьылҕаланаллар диэн өйдүүр сыыһа. Тоҕо диэтэр астрология киһи дьылҕатыгар муҥутаан отут бырыһыан дьайар уонна сүрүннээн кини ис кыаҕын көрдөрөр. Онон биир күҥҥэ-дьылга төрөөбүт дьон биллэн турар, майгыннаһар өрүттэрдээхтэр. Киһи дьылҕата хайдах салаллара айылҕаттан бэриллибит ис кыаҕын төһө арыйарыттан, туһанарыттан; тулалыыр эйгэтиттэн, хайдах олоҕу таларыттан, үөһэ ахтыллыбыт сирдээҕи табыллыыттан, быһыытыттан—майгытыттан тутулуктаах буолар. Ба цзы киһи олоххо туох аналлаах кэлбитин ыйан-кэрдэн биэрэр.
Ким баҕарар мунар, мунчаарар буккуллар түгэннэрдээх. Оччоҕо киһи бастатан туран бэйэтин ис дьиҥин билиэхтээх. Ханнык баҕарар ситиһиилээх киһи олохтон тугу баҕарарын чопчу билэр, дьоҕурун, оҥоһуутун, ис кыаҕын толору туһанар — онон туруоруммут сыалын хайаан да ситиһэр. Ба цзы — киһи майгытын-сигилитин, атын дьон кинини хайдах ылыналларыгар тиийэ дьэҥкэтик көрдөрөр. Киһи уруккутун, инники олоҕун эмиэ арыйар. Ба цзы атын астрологиялартан атына диэн табыллыы кэмин эбэтэр соргута суох кэми чуолкайдык көрдөрөр. Табыллыы кэмигэр киһи элбэҕи ситиһэр хамсаныылары оҥорор. Оттон соргута суох кэмҥэ сэрэнэ сылдьар, ыараҥнатан толкуйдаан эрэ баран хардыылары оҥорор наада.
Биири тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын: астрология — бириигэбэр буолбатах. Мин клиеннэрбэр өрүү астрологияны сүрүн информация курдук буолбакка, көмө курдук ылынарга сүбэлиибин. Бэйэ сайдарыгар көмөлөһүү курдук ылыннахха олоҕу судургутутар. Өскөтүн киһи Ба цзы көмөтүнэн түһүү кэмигэр сылдьарын биллэҕинэ, онно бэлэмнээх буолара туох куһаҕаннаах буолуой? Сорох дьон туох эрэ куһаҕаны күүтэн, куттанан, кэтэнэн барар түгэнэ үгүс. Нуучча өһүн хоһооно этэринии «предупрежден — значит вооружен».
Информацияны барытын хайдах баарынан бэйэҕэ туһалаах гына эргитэ үөрэниэхтээхпит. Түһүү кэмин билбэккэ хаалар түгэҥҥэ киһи бэлэмэ суох буолара төттөрүтүн куһаҕан буолуон сөп, оттон эрдэттэн сэрэтиллибит киһи — барытыгар бэлэм. Ба цзы ханнык эмэ быһылааны көрдөрөр буоллаҕына, мин хайаан даҕаны этэбин. Сэрэтиллибит буоллаххына, ону тумнар кыахтааххын. Бөрүкүтэ суох түбэлтэ буолуохтааҕын билбэккэ хаалбыт киһи бүтэһик харчытын ханнык эрэ саарбах сиргэ уган уматыан, тыын суолталаах докумуоҥҥа илии баттаан албыннатыан, доруобуйаҕа куттал суоһуурун билбэккэ хаалыан сөп. Ол кэрчик кэмҥэ киһи сэрэхтээх буолара эрэйиллэр.
Ба цзы — киһи майгытын-сигилитин сөптөөхтүк салайынан, төрүөҕүттэн туохха дьоҕурдааҕын ыйан-кэрдэн киһиэхэ туһалыыр. Киһи бэйэтин булунарыгар, ис дьоҕурун билэригэр бэртээхэйдик көмөлөһөр. Сорох киһи дьиҥ бэйэтин сүтэрэн, уопсастыба, төрөппүттэрин, тулалыыр дьонун сабыдыалларынан олороро олоххо үгүстүк көстөр. Маннык киһи албын сыалларынан салайтарар. Сүрэҕэ баҕарбат эрээри үчүгэй хамнас иһин үлэлиир буолуон сөп. Бу түгэҥҥэ Ба цзы — киһи бэйэтин ис дьиҥин, ис кыаҕын, айылҕаттан туохха дьоҕурдаах орто дойдуга кэлбитин билэригэр көмөлөһөр.
Саҥа көрөр киһибин төрүөҕүттэн билэр киһим курдук олоҕун, дьоҕурун, ис дьиҥ кэпсээн киирэн бардахпына олус соһуйаллар. Киһи үксэ куттанан бэйэтин ис дьиҥин көрбөт, көрүөн баҕарбат буолуон сөп. Мин киһи картатын ааҕарбар — кинилэр майгыларыгар баар итэҕэс өрүттэрин хайаан даҕаны этэбин. Тоҕо диэтэр, киһи бэйэтин итэҕэстэрин билиэхтээх, ылыныахтаах уонна көннөрүнүөхтээх. Киһини кыбыһыннараары буолбакка, бэйэтин итэҕэстэрин билинэригэр кыах биэрдэххэ, хайдах баарынан ылынан, көннөрүннэҕинэ сайдар кыахтанар. Бэйэни буруйданыы, бэйэ итэҕэс, мөлтөх өрүттэрин билинэртэн куттаныы үчүгэйи аҕалбат. Онон астролог сүбэтигэр-аматыгар сылдьарга сүбэлиибин. Кини сүбэтин сөптөөхтүк ылынан бэйэҕэр үчүгэйинэн эргитиэххэ сөп. Олоххо туох соччото суох түгэннэр, быһылааннар да баар буоллахтарына толлубакка, куттаммака ону көннөрө тумна сатыыр наада.
БА ЦЗЫ КАРТАҔА ӨЛҮҮ БЭЛИЭТЭ
— Арай картаҕа өлүү, сүтүк курдук куһаҕан бэлиэ баар буоллун? Ону этэҕин дуу?
— Өлүү — картаҕа көстүбэт. Тоҕо диэтэргин бу инникини өтө көрөн таайыы дуу, билгэлэнии дуу буолбатах. Инникилэрин билэр сыаллаах кэлбит дьон карталарын ааҕарбын аккаастыыбын. Ханнык эрэ сылга киһи чопчу өлөр диэн хаһан даҕаны көстүбэт. Ба цзы картата муҥура суох бара турар, икки сүүс-тыһыынча да сылы аахтахха тохтообот. Ол тухары бу киһи маннык өлөр диэн көстүбэт. Арай олус куһаҕан ис туруктар (эмоциялар) сыллара баар буолаллар. Бу сыллар киһиэхэ ыарахан, охсуулаах, улахан уларыйыылардаах буолуохтарын сөп. Буолуохтаах уларыйыылар тус олоххо, карьераҕа, үлэҕэ-хамнаска сыһыаннаах буолаллара көстөр, оттон чопчу буолуохтаах көстүбэт.
Мин киһи олоҕо хаһан түһүү кэмигэр түбэһэрин этэбин. Ыарахан кэмтэн хайдах тахсары, хайдах туорууру сүбэлиибин. Кармическай түгэннэртэн сатаан куоппаккын, ол эрээри киэҥ өй-санаа көмөтүнэн аһарыныахха сөп. Оттон хайдах аһарынара киһи өйүттэн-санаатыттан тутулуктаах. Кини бэйэтинэн дьарыктанар, сайдыыга тардыһыылаах, өй-санаа өттүнэн сиппит буоллаҕына биллэн туран сүбэни ылынан чэпчэкитик аһарынар. Мин киһиэхэ бэйэтин буларыгар, идэтин сөпкө таларыгар көмөлөһөбүн. Хас биирдии киһи олоҕун уларытар кыахтаах.
ЭНЕРГИЯ ХАМСААҺЫНА
Фэн-шуй диэн — энергия бөлүөҕэ. Наука этэринэн предмет барыта молекулаттан, оттон молекула атомнартан турар. Молекула энергия көмөтүнэн тохтоло суох хамсыыр. Квантовай физикэ этэринэн, дириҥник хасыһыы түмүгэр, барыта энергияҕа тиийэр. Энергия тохтообокко хамсыыр айылгылаах, бэйэтэ туспа сокуоннаах. Ону тэҥэ энергиялар бэйэ-бэйэлэрин кытары алтыһар, дьайсар айылгылаахтар: ким эрэ кимиэхэ эрэ энергияны биэрэр, ким эрэ ылар. Хас биирдии киһи тус туһунан энергиялаах буолар. Ол энергия туспа састааптаах. Онтон сиэттэрэн киһини икки-үс сүрүн энергия тулалыахтаах. Холобур: балык —ууга, ынах — хонууга сылдьыахтаах. Ол курдук киһи эйгэтин сөптөөх энергиянан тулалаатаҕына эрэ, бэйэтин ууга уста сылдьар балык курдук сананыахтаах. Оннук сананар буоллахпытына, биһиги табыллыыбытын күүһүрдэбит.
— Ол энергияны хайдах бэйэбэр ыҥырабын?
— Киһи ол энергияны бэйэтигэр уһугуннарара дьиҥинэн олус судургу. Онуоха хас даҕаны ньыма баар. Киһи тус энергиятын уһугуннарар аналлаах дьүһүннэр, формалар, бэлиэлэр (символлар), бэл диэтэр аһылыктар бааллар. Ол чопчу дьүһүнү таҥаһыгар-сабыгар, аксессуарыгар дьүөрэлээн, тустаах аһылыгы аһаан энергияны уһугуннаран күүһүрдэн биэрэҕин.
КУМААҺЫННЬЫК ДЬҮҺҮНЭ
-Фэн-шуй үөрэхтээҕэ буоларыҥ быһыытынан биир бутуурдаах ыйытыыга хоруйдаа эрэ. Кумааһынньык дьүһүнэ кыһыл эбэтэр от күөх буолуохтаах диэн мөккүөр баар. Дьэ хайдах дьүһүннээх кумааһынньык харчыны тардарый?
— Элбэх киһи мунар ыйытыыта кумааһынньык дьүһүнэ буолар. Хас биирдии киһи баай-дуол аҕалар дьүһүнэ тус-туспа буолар. Ким эрэ кыһыл, ким эрэ күөх, оннооҕор хара буолуон сөп. Ол барыта киһи төрөөбүт күнүттэн-дьылыттан тутулуктаах. Киһи илдьэ сылдьан араҥаччы оҥостор араас кыыллар бэлиэлэрэ бааллар. Табыллыы чыыһылата, утуйар хайысха, хайа диэки төбөлөнөн утуйарыҥ, ханнык хайысханы көрөн олорон үлэлиириҥ барыта суолталаах. Хас биирдии киһи туһунан хайысхалаах буолар, ол хайысханы биллэҕинэ — ханна олорорун, ханнык дойдуга көһөрүн, ханнык оройуоҥҥа олоруон сөптөҕүн. Киһи быһаарыныы ыларыгар санаата хайдыһар буоллаҕына Ба цзы көмөлөһөр. Биир тылынан Ба цзы — киһи сөптөөх суолун таларыгар ориентир буолар.
ТӨРӨӨБҮТ ЧААСПЫН БИЛБЭТ БУОЛУУМ…
— Картабын аахтарарбар төрөөбүт чааспын мүнүүтэтигэр тиийэ билиэхтээхпин дуо? Арай билбэт буолуум?
— Төрөөбүт бириэмэни билэр наада. Мин консультациябар өссө дириҥник Ба цзыны үөрэтэбин. Дьылҕа Уон икки дыбарыаһа диэн ньыманан ааҕабын. Бу ньымаҕа олоҕуран ааҕарга төрөөбүт бириэмэни хайаан даҕаны билэр наада. Мүнүүтэтигэр тиийэ билэр наадата суох, тоҕо диэтэр Ба цзыга икки чаастаах интервалынан ааҕыллар, холобур: тоҕус чаастан уон бииргэ диэри биир кэрчик курдук көрөбүт, оттон аҕыс чааһы биэс уон биэс мүнүүтэ ааһыыта төрөөбүт киһи атын кэрчиккэ киирэр. Онон чааһы билэр наада эрээри, өскөтүн киһи бэйэтин төрөөбүт чааһын билбэт буоллаҕына, тустаах ыйытыылары биэрэн, олоҕор буолбут бэлиэ түгэннэринэн ханнык кэрчиккэ төрөөбүтүн бэйэм ааҕан таһаарабын.
— Хас сылы өтө көрөн ааҕаҕыный?
— Өтө көрөр диэн тылы ылыммаппын. Дьон миигин туох күүтэрий диэн ыйытарын сөбүлээбэппин. Тоҕо диэтэр бу инникини таайыы буолбатах. Инникилэрин эрэ билэр сыалтан суруйтарар дьону ылбаппын. Чугас сытар инникини көрөбүн эрээри, анаан дириҥник хасыһыынан үлүһүйбэппин. Мин сыалым диэн көрбүөччү курдук туох буоларын этии буолбакка, киһи ис дьиҥин, төрүт айылгытын, олоххо аналын буларыгар көмөлөһүү буолар.
ФЭН ШУЙ УОННА САХА ИТЭҔЭЛЭ
— Саха итэҕэлин кытары фэн-шуй маарыннаһар өрүттэрдээх дуо?
— Саха итэҕэлин кытары фэн-шуй майгыннаһар өрүттэрэ элбэх. Ол да иһин буолуо фэн-шуй Саха сиригэр олус киэҥник биллэр, сэҥээриллэр үөрэх. Чороон, оһуор философиятыгар маарынныыр өрүттэрдээх. Сахаларга тимир хобо чуораан тыаһа баар буоллаҕына — фэн-шуйга эмиэ онуоха маарынныыр тимиргэ охсуллар тыал муусуката (музыка ветра) баар. Саха балаҕанын туһунан Инстаграмынан кэпсээн турабын. Фэн-шуй сытыы муннуктары сөбүлээбэтин курдук саха балаҕанын тутуутугар, дьиэ иһинээҕи туттар малга-салга, өйдөөн көрдөххө, биир даҕаны муннук суох: төгүрүк остуол, көмүлүөк оһох, олоппос. Фэн-шуй этэринэн, уһуктаах муннук утуйар сири, орону ыйан туруо суохтаах, ону тэҥэ үлэлиир миэстэни көрөн туруо суохтаах. Өбүгэлэрбит балаҕаннарын киирэр аанын илин туруораллар. Дьиҥэ фэн-шуй уопсай үөрэҕэр оннук эмиэ баар эрээри, дириҥэтэн үөрэттэххэ хас биирдии киһи хайысхата туспа буолар. Барытын ааҕан, энергия ханнык аанынан киирэр даҕаны, дьиэ кэргэн үбэ-харчыта оннук салаллар. Дьиэ иһинээҕи энергиянан ыал хайдах олоруон сөбүн, ис кыаҕын ааҕан таһаарабын, картаҕа барыта көстөр. Барытын ахсаан ньыматынан суоттаан таһаарыы буолар.
ФЭН ШУЙ ХАРАҔЫНАН: БЫЙЫЛГЫ СЫЛ ХАЙДАХ БУОЛАР?
— Билигин дойдуга буола турар быһыы-майгы хайдах салаллыай?
— Былырыыҥҥы сыл ураты буолуохтааҕа эрдэ биллэр этэ. Хас сыл аайы инники кэлэр сылы сылыктыыбын, иллэрээ сыл сэтинньитигэр семинар оҥорбутум онно былырыын туох эрэ уларыйыы — өрөбөлүүссүйэ буоларын, дьон буолар быһыыга-майгыга утары турара, бырачыастыыра көстөрө. Өр саҥата суох олорбут дьон санаатын тахсарын этиэҕин билбитим. Хамсык (вирус) чопчу хаһан бүтэрэ биллибэт. Быйылгы сыл былырыыҥҥыттан арыый да чэпчэки буолуоҕа. Аан дойду таһымыгар былаас иһин охсуһуу, өйдөспөт буолуу, конфликт баар.
Былырыыҥҥы сыл күүстээх улахан уу сыла, уу — диэн турук быһыытынан — куттал суоһааһынын бэлиэтэ. Онуоха эбии тимир крыса сыла этэ. Тимир — астрология этэринэн тыынар уорганнары кытары ситимнээх. Тимир уонна уу энергияларын алтыһыыта буолбута. Тимир ууга дьэбинирэрин курдук, тыынар уорганнарга улахан охсуулаах, эчэйиилээх сыл. Ол иһин тыынарга алдьатыылаах хамсык (коронавирус) дьаҥа, баһаар буруота, аллергияттан бопторон сөтөллүү — былырыын хаһааҥҥытааҕар даҕаны күүскэ турбута. Быйыл оннук харсыһыы суох.
— Мария кэпсээниҥ иһин махтал! Ба цзы, фэн шуй көмөтүнэн дьон олоххо туох аналлаах кэлбитин ыйан-сирдээн биэрэр, ис кыахтарын толору арыйалларыгар көмөлөһөр, табыллыы ханнык хайысхаҕа баарын сүбэлиир, киһи бу олоххо бэйэтин буларыгар төһүү буолар ураты дьарыктааҕын кэрэхсэтэр. Төһөлөөх бэйэтин көрдөнөр киһиэхэ көмө буолан, сөптөөх хайысханан сайдалларыгар тустаах суолларын ыйан биэрбиккин Инстаграм старницаҕар суруллубут дьон махтала туоһулуур. Өссө даҕаны Саха сирин дьонугар-сэргэтигэр чаҕылыйа умайар сирдьит сулус буолан, саҕалаабытын сатанан, туппутуҥ туругуран иһиэхтин!
Надежда Ильина, edersaas.ru