Марисса Кононова-Сырдык Күүс кэлэр сылы билгэлээтэ

25.12.2021
Бөлөххө киир:

Үүнэр 2022 сыл олохпутугар-дьаһахпытыгар туох уларыйыылары аҕалыай? Коронавирус дьаҥа ааһыа дуо? Оттон ойуур баһаардара, сайыҥҥы кураан хатыланыахтара дуо? Бу ыйытыылар үгүс дьону долгуталлар. Онон ааҕааччыларбыт көрдөһүүлэринэн, айылҕаттан айдарыылаах Марисса Дмитриевна Кононова-Сырдык Күүһү кытта кэпсэттибит.

Марисса Кононова хас даҕаны сыллааҕыта Саха сиригэр буолбут “Экстрасенстар киирсиилэрэ” куонкурус кыайыылааҕынан тахсыбыта. Итиэннэ үгүспүт кинини 2013 сыллаахха тахсыбыт “Сырдык күүс” киинэҕэ сүрүн оруолу оонньообутунан билэбит. Марисса оччолорго Мария Иванова диэн этэ, билигин кини аатын толору уларыппыт эбит. Ол туһунан сиһилии кэпсэтиигэ ааҕыҥ:

— Хаһыакка, саайтка даҕаны, социальнай ситимнэргэ күннээҕи, нэдиэлэтээҕи гороскобу таһаардахха, дьон олус биһириир, интэриэһиргиир. Саха дьоно Кытай гороскобар, зодиагар итэҕэйэрбит сөп дуо?

— Кытайдар хас эмит тыһыынчанан сылы быһа сулуһу, ыйы-күнү кэтээбит мындыр омук буолаллар. Кинилэр кыылларынан, айылҕа сүүрээнинэн итинник быраабылалары оҥордохторо. Онон итиннэ мин туох даҕаны куһаҕаны көрбөппүн. Айылҕа хаамыытын бэлиэтии көрөн, ону кумааҕыга түһэрэн, сокуон курдук оҥорбуттара үчүгэй буоллаҕа. Саха, нуучча диэн, уопсайынан, киһи аймахха омугунан арахсыы диэн суох буолуохтаах. Киһи диэн киһи. Атын-атын өй-санаа баар бөҕө буоллаҕа, үгэстэрбит, тылбыт, толкуйбут эрэ атын буоллаҕа. Ол эрээри, киһи ис туруга, баҕата, кыһалҕата омугуттан арахсыбат.

— Көннөрү, туох даҕаны айдарыыта суох киһи туохха итэҕэйиэн, хайдах бэйэтин билгэлэниэн сөбүй?

— Хас биирдии киһиэхэ, айылҕатын быһыытынан, сэрэйэн көрүү диэн баар. Көрбүөччү, эмчит да буолбатаҕын иһин, бүтэй эттээх киһи даҕаны сэрэйэн көрөр айдарыылаах. Сорох дьон ону улахаҥҥа уурбакка, кэтээн көрбөккө онно-манна түбэһиэн сөп. Ол иһин хаһан баҕар киһи тугу толкуйдуурун, хайдах турукка сылдьарын кэтээн көрүөхтээх. “Ол иһин даҕаны, сэрэйбитим ээ” диэни элбэхтэ туттар даҕаны, истэр даҕаны буолуохтааххыт.

Мин сэрэйэн көрүүм уонна көрүүлэниим тус-туспа. Көрүүлэниим атын эйгэттэн тардылыктаах. Биир үксүн бэйэлэригэр эрэммэт, туохха даҕаны итэҕэйбэт дьон сэрэйэн көрүүлэрин кэтээн көрбөттөр. Оннук киһи бүтэйдэнэн хаалан, олоҕор араас моһуогу көрсүөн сөп дии саныыбын.

— Оттон хаартынан сэрэбиэйдэниини туох дии саныыгын?

— Бу эмиэ уруккуттан кэлбит ньыма буоллаҕа. Мин эбэм былыргы хаартылаах этэ. Онон киэһэ олорон эрэ сэрэбиэйдэнэрэ. Бу эмиэ даҕаны оонньуу курдук, ол эрээри сорох өттүгэр суолталаах да буолуон сөп. Киһи туох буоларын билиэн баҕарара ханна барыай. Омук аайы баар көстүү. Сорохтор тааһы, уҥуоҕу, ракушканы быраҕан инникилэрин тымтыктаналлар. Ньыма араас. Онон хаартыны туох да диэбэппин. Мин урут хаартынан көмөлөһүннэрэр этим, сирдьит курдук оҥосторум.

— Дьылҕа ыытар бэлиэлэрэ, көстүбэт, чараас эйгэ диэн бааллар дуо? Бэйэҥ олоххуттан холобурдуоххун сөп дуо?

— Дьылҕа ыытар бэлиэлэрэ диэн буолбакка, уопсайынан бэлиэ диэн баар. Сэрэтии курдук. Туох эмит буолаары гыннаҕына, сэрэтэр түгэн көстүөн сөп. Холобура, туох эмит сууллуон, алдьаныан, тохтуон сөп. Ону киһи толкуйдуохтаах, тугу эрэ сэрэтэллэр быһыылаах диэн анааран көрө үөрэниэхтээх, кэтээн көрүөхтээх. Миэхэ оннук элбэх. Бу кэлин биирдэ ону өйдүүр буоллум. Урут эдэр эрдэхпинэ наадыйбат этим, “туох ааттаах барытыгар итэҕэйэн хааллыгыт” диэн, улахаҥҥа уурааччым суох. Кэлин толкуйдаан көрбүтүм, ол бэлиэ кэнниттэн туох эрэ буолар эбит. Хас биирдии киһи бэйэтин этинэн-хаанынан ону аһарда илигинэ өйдөөбөт, ону ааһыахха наада. Дьылҕа ол иһин дьону уҥуор-тараа ыыталыыр.

Көстүбэт, чараас эйгэ баар. Уонча саастаахпар онтон сылтаан эһэбин кытта мөккүспүппүт. Кини: “Абааһы, таҥара диэн суох. Киһи өллөҕүнэ суох буолан хаалар, онон бүтэр”, — диир этэ. Мин онуоха: “Киһи хайдах сүтэн хаалыай, оннук буолбатах, эһээ!” — диэбитим. Мин айылҕалаах киһи буоларым быһыытынан, миэхэ бу боппуруос турбат даҕаны. Мин атын эйгэни күн аайы көрөбүн, алтыһабын, онон дьоҥҥо көмө буолабын.

— Кэлэр сыл — Баабыр сыла. Саха сирин бу сылга туох күүтүөй? Олох-дьаһах, дьаҥ, бэлиитикэ, экэниэмикэ өттүн туох диэххин сөбүй?

— Саха сирин, Арассыыйа, аан дойду олоҕун анаарар, билгэлиир буолбутум үс сыл буолла. Ону үгэс быһыытынан бүгүн, ахсынньы 25 күнүгэр, “Инстаграммар” таһаарыаҕым. Мин билгэлэрим төһө туолбуттарын туһунан эмиэ социальнай ситиммэр кэпсиибин. Кылгастык эттэххэ, маннык. Дьаҥ туһунан. Бу саҥа тахсыбыт штамм – омикрон ковиды көннөрү тумууга кубулутуохтаах. Ковид “сүнньэ” номнуо тостубут. Бэриниэх курдук, кута-сүрэ мөлтөөбүт. Киһи-аймах маны кыайар кыахтаах. Бу ыарыы 2022-2023 сылларга арыый намтаан, сыыйа-баайа бэйэбит олохпутугар төннүөхпүт. Биллэн турар, атыннык дьаһанар буолуохпут: барыта дезинфекция, сууйуу-сотуу… Штамм бүтүө суоҕа дии саныыбын, атынтан атын штамм тахса туруоҕа. Кириип эмиэ араастардаах дии, ол оннук курдук. Өлүү аччыаҕа. Сотору кэминэн ыарыы улахан куттала суох буолуоҕа.

Саха сирин бэлиитикэтигэр уларыйыылар тахсыахтарын сөп, улахан да, кыра да диэбэппин.

Бу 2021 сылы билгэлиирбэр кыһыл халлааны көрбүтүм, ол баһаары көрбүт эбиппин. Кэлэр сылга даҕаны ойуур баһаардара буолуохтара. Ирбэт тоҥ кыралаан ууллан иһэр, ону баһаар эбии түргэтэтэн биэрэр. Эһиилгиттэн бу дьалхаана биллэн барара буолуо. Мин аан дойду, айылҕа ытыырын барытын билэ-көрө олоробун. Аны элбэх уу көстөр. Айылҕабытыгар ураты кыыллар көстүөхтэрин сөп.

— Саха сирин дьонун долгутар Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста олоххо хаһан киириэ дии саныыгын?

— Бу туһунан 11 сыллааҕыта Арчы дьиэтигэр кэмпириэнсийэҕэ билгэлээбитим. Тутуллуоҕа. Мин тимири көрөбүн.

— Саха сиригэр ай-ти эйгэ күннэтэ сайдар. Эн эмиэ стартапер эбиккин. Бу туһунан сиһилии кэпсиэҥ дуо?

— Оҕо эрдэхпиттэн көмпүүтэргэ сыстаҕаспын. Бэйэм илиибинэн көмпүүтэри таҥан оҥоруохпун сөп. Эбээм тимиргэ сыһыарбыта, барытын сатыахтааххын диирэ. Чахчы даҕаны, мин куруук билбэппин даҕаны билэ сатыыбын. Ай-ти өттүгэр менеджер быһыытынан үлэлиибин. Мобильнай сыһыарыы оҥорбутум, дизайн толкуйдаабытым. Онтубун арыйаары бириэмэтин күүтэбин, бэйэтин кэмигэр тахсыаҕа.

— Билигин дьон сахалыы ааттанар, уопсайынан ааттарын уларытар буоллулар. Оччоҕуна дьылҕабыт уларыйар диэн саныыр. Бу төһө сөп өйдөбүлүй?

— Ааккын уларыттахына дьылҕаҥ барыта уларыйан хаалар диэн буолбатах. Ааккын уларыттаххына, эн бэйэҕин хайдах сананарын, ылынарын уларыйар. Онтон элбэх тутулуктаах. Ол гынан баран, сахалар төрүттэрин аатын сүтэрбэт буола сатаан сороҕор олуона баҕайы ааттары ылыммыттара баар. Ыыс, харысхал, таптал ааттар бааллар. Ол иһин тыл, аат суолтатын өйдүөххэ, билиэххэ наада. Холобура, Улдьаа Сиэнэбин диэн ааттаммыт киһи баар. Улдьаа диэн бэйдиэ, хаамаайы, халлаан киһитэ диэн өйдөбүллээх. Онон эбэлэргит-эһэлэргит ааттарын сөргүтэргэ, сахалыы ааты ылынарга сананнаххытына, сүүстэ толкуйдааҥ диэн сүбэлиибин.

Мин эрдэ Мария Исидоровна Иванова диэн этим. Иванова диэн бастакы кэргэним араспаанньата буолар. Кинилиин арахсан баран уларыппакка сылдьыбытым. Онтон кэлин араспаанньабын, ааппын, аҕам аатын барытын толору уларыппытым. Мин төрөппүт аҕабын кытта ситиммин холбоору, кини көҥүлүнэн, араспаанньабын, аҕам аатын ылбытым. Бу барыта инники кэскилбин санааммын маннык дьаһанным. «Төрөппүт аҕам миигин ииппэтэҕэ-аһаппатаҕа” диэн акаары толкуйбунан сылдьыбытым буоллар, оҕолорум олоххо тирэҕэ суох буолан хаалыахтарын сөп. Хас биирдии киһи төрдүн-түгэҕин билиэхтээх. Оччотугар эрэ кини күүстээх санаалаах, дьулуурдаах буолар.

Сырдык Күүс диэн бэйэм толкуйдаабыт аатым буолбатах. Бу ааты дьон толкуйдаабыта. Эрдэ “Светлая Мария” эҥин дииллэр этэ. 2013 сыллаахха “Сырдык күүс” киинэ тахсыбытын кэнниттэн бу ааты ылыммытым. Эрдэ Аламай диэн аат толкуйдаммытым, онтум иҥмэтэҕэ. Оттон бу Сырдык Күүс диэн дьон ааттаабыт аата, ол аата үөһээттэн миэхэ ананан кэллэҕэ диэн саныыбын.

Айтана Аммосова, edersaas.ru

Хаартыска — Марисса Кононова архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0