Марианна Скрыбыкина диэн ааты иһиттэхпинэ, тута «Айыы Уола» киинэ харахпар көстөн кэлэр. Марианна Скрыбыкина бу эрэ киинэни буолбакка, дьон сэҥээриитин ылбыт үгүс киинэҕэ продюсердаабыта. Продюсер үлэтэ киинэ идеятыттан саҕалаан хайдах оҥоһуллан, таҥыллан, артыыстары сүүмэрдээһинтэн кинотеатр экраныгар тахсыытыгар, билиэт атыыланарыгар тиийэ барар. Оннук элбэх үлэни оҥорор «АРТ Дойду» диэн киинэ оҥорор тэрилтэ сүрүн киһитинэн Марианна Скрыбыкина буолар. Мин Марианнаны уруккуттан көрөн билэбин. Кини аныгылыы көрүүлээх, этэргэ дылы, олоххо бигэ тирэхтээх, санаабытын ситиһэр, идеятын олоххо киллэрэргэ дьулуурдаах киһи быһыытынан ылынабын. Кини билигин «Сайсары күөлгэ» киинэтинэн («Мой убийҥа» диэн тылбаастаммытынан) Москваҕа сылдьар буолан, социальнай ситим нөҥүө кэпсэттибит.
-
Марианна дорообо, «Сайсары күөлгэ» киинэ тылбаастанан «Мой убийца» диэн ураты ааттанна. Бу киинэ Россия туох баар кинотеатрдарыгар көстөөрү турар, улахан ажиотаж да оҥордо диэххэ сөп. Сотору Лос-Анжелес куоракка көстүөхтээх. Маннык чыпчаалга хайдах тиийдигит?
- Дорообо, бар дьоҥҥо көстөр ситиһиибит чыпчаалын кэтэҕэр үлэбит 99 бырыһыана саһан сытар. Үлэлииргэ үчүгэй хамаанда уонна ис сүрэхтэн баҕа баар буоллаҕына, ханнык баҕарар чыпчаалга тиийиэххэ сөп дии саныыбын.
-
Дьон сэҥээриитин ылбыт киинэлэргинэн төһө барыһырдыҥ. Киинэ атыыга тахсыыта ороскуоту сабар дуо?
-
Киинэлэрбитин дьон сөбүлүүр, сэҥээрэр буоллаҕына, төһө да улахан экраҥҥа тахсар уустугун иһин биһигини өйүүр, көмөҕө кэлэр дьон баара үөрдэр. Киинэлэрбитин рекламалыырга, анаан тарҕатыыга үлэлэһиигэ үппүт суох, ол да буоллар, чахчы, ис сүрэхтэриттэн көмөлөһөр, өйүүр дьоҥҥо махталбыт муҥура суох. Оттон маннык өйүүр дьону кытта билсиһиигэ, биллэн турар, Сахабыт сиригэр норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестиваля ыытыллыбыта улахан оруоллаах. Өрөспүүбүлүкэбитигэр маннык үрдүк таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллаллара, сахабыт киинэтэ атын таһымҥа тахсарыгар сүҥкэн көмөлөөх эбит. Биһиги киинэни аҥардас үп-харчы эрэ киллэрэр сыаллаах оҥорбоппут. Киинэ дьону тардыахтаах. Дойдубутугар киинэ сайдарыгар хаачыстыбалаах, үтүө суобастаах үлэ наада.
-
Эн биллэр-көстөр продюсергын. Арай дьиэ кэргэнин туһунан туох да иһиллибэт. Кэргэннээххин, оҕолооххун дуо?
-
Кэргэннээхпин. Тус олоҕум, дьиэ кэргэним туһунан мээнэ кэпсиирбин сөбүлээбэппин. Билиҥҥитэ мин оҕолорум — киинэлэрим буолаллар.
-
Сахабыт сиригэр киинэ оҥорор хампаанньа тарбахха баттанар. Олортон биир бастыҥ үлэлээх «Детсат» — тары кытта киинэ оҥоруутугар бэрт былдьаһыы баар дуо?
-
«Детсат»-тары кытта биһиги атын-атын жанрдарга үлэлэһэбит. Кинилэр сүрүннээн комедиялары усталлар, оҥороллор. Оттон биһиги драмалары о.да.жанрдарга үлэлэһэр буоламмыт, үлэбит хайысхатыгар бэрт былдьаһыы баарын көрбөппүн. Дьиҥэр, саха киинэтигэр доруобай конкуренция баар буолуохтаах. Оччотугар эрэ саха киинэтэ сайдыаҕа. Көрөөчүлэрбитигэр хаачыстыбалаах, үчүгэй киинэни көрөр усулуобуйаны тэрийиэхтээхпит.
-
Эйигин нууччалыы тыыннаах курдук көрөбүн. Сахалыы киинэлэри устаргар ыарырҕаппаккын дуо?
-
Мин саха сиригэр олоробун, сахалыы саҥарабын. Онон күннээҕи олоххо, ыраах сирдэринэн тэлэһийэргэ нууччалыы саҥарыы-иҥэрии, дьону кытта алтыһыы оруола буолуон сөп. Сахалыы киинэлэри оҥорорбор нууччалыы тыын мэһэйдиир дии санаабаппын, ыарырҕаппаппын.
-
«Мой убийца» Лос-Анжелес куоракка көстүөхтээх. Ити туһунан санааҕын эт.
-
Биһиги «Asian World Wilin Festival” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивалыгар кыттаары сайаапка түһэрбиппит. Бу киинэ фестиваля Лос-Анжелес куоракка буолар. Биһиги киинэбитин азия 51 дойдуларыттан сүүмэрдээн сүрүн куонкуруска анаан талбыттара. Бу биллэн, турар улахан ситиһии буолар. Кыттарбыт, киинэбитин көрдөрөрбүт даҕаны улахан үөрүү, ситиһии.
-
Олоххо тутуһар санааҥ?
-
Тутуһар санаам өрүү биир: суобастаахтык уонна хаачыстыбаҕа үлэлээһин буолар. Онтон атыны билиммэппин.
-
Тугу бырастыы гыныаҥ суоҕа этэй?
-
Итиннэ этэрим суох. Олоххо араас буолар.
-
Олоҕун кэрчиктэрэ:
-
1981 сыллаахха Комсомольск-на-Амуре куоракка төрөөбүтэ.
-
2002 сыллаахха Тыа хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрбитэ.
- 2011 сыллаахха «Кино Арктики» өрөспүүбүлүкэтээҕи фестивальга «Бастыҥ звукорежиссура» бирииһинэн наҕараадаламмыта.
-
2011 сыллаахха бу фестивальга «Игровой полнометражный фильм» спец-бирииһигэр тиксибитэ.
-
2012 сыллаахха «Лыах» киинэ күн сирин көрбүтэ. Россия киинэтин 21-с фестивалыгар «Окно в Европу» диэн Станислав уонна Андрей Ростоцких ааттарынан бириискэ тиксибитэ.
-
2012 сыллаахха «Сэмэнчик» киинэ оҥоһуллубута. Чебоксарскай норуоттар икки ардыларынааҕы VII-с киинэ фестивалыгар «Бастыҥ киинэ» ааты ылбыта.
- 2014 сыллаахха «Айыы уола» киинэ тахсыбыта. II-с Саха сирин норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивалыгар «Дьахтар бастыҥ оруола» ааты ылбыта.
- 2016 «Сайсары күөлгэ» – IV норуоттар икки ардыларынааҕы саха киинэтин фестивалыгар Гран-При номинацияҕа тиксибитэ. Маны сэргэ, «Амур күһүнэ» сүрүн куонкуруска кыттыбыта.
-
Сэмсэ тыл:
-
Гаврил Менкяров, Саха тыйаатырын артыыһа:
-
Марианна дьиҥнээх продюсер, туохтан да толлубат. Харса суох иннин диэки барар ураты дьоҕурдаах, талааннаах киһи. Итинник хаачыстыбанан баһылыыр эрэ киһи продюсер быһыытынан сайдар дии саныыбын.
-
Ульяна ЗАХАРОВА