Марианна Федорова: “Саха тылын – куйаар ситимигэр киллэриэххэ”
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө Дьокуускай куораттааҕы 20-с нүөмэрдээх оскуола саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала Марианна Федорованы кытта сэһэргэһиибитин ааҕыҥ.
Куорат оҕото
— Марианна Макаровна, оччотооҕу уонна билиҥҥи оҕону тэҥнээн көрөр түгэннэрдээххин дуо?
— Устуоруйаны сэгэтэн көрдөххө, 1970-с сылларга
Н.А. Ааллааҕыскай, биһиги, 20-с оскуолабытыгар куоракка нууччалыы үөрэнэр, ол гынан баран саха тылын, литэрэтиирэтин биридимиэт быһыытынан үөрэтэр оскуоланы эспэримиэн быһыытынан аһан суон сураҕырдар. Бу оскуолаттан саха киэн туттар дьоно, норуот суруйааччыта Наталья Харлампьева, билим дуоктара Варвара Окорокова, “Хотугу сулус” телерадиоакадемияны төрүттээччи Татьяна Гоголева, о.д.а. үүнэн-сайдан тахсыбыттара. 1978 сыллаахха 20-с оскуола сахалыы кылаастарын базатыгар 14-с оскуола аһыллар. Инньэ гынан, саха кылаастара учууталларын кытта тутуспутунан саҥа оскуолаҕа бараллар, манна нуучча эрэ кылаастара хаалаллар. Ол курдук 2001 сыллаахха диэри үлэлии олороллор. Ити сыл
У.А. Аргунова дириэктэринэн кэлэн, эмиэ экспериментальнай бастакы саха кылааһын аһаллар. Сыллата биирдии кылаас тэриллэрэ, сороҕор аҕыйах сайабылыанньа киирэн кыайан туолбакка хаалара.
2000 сыллар ортолоруттан уопсастыбанньык Вилюяна Никитиналаах, о.д.а. оҕолорун сахалыы үөрэттэриэн баҕарар төрөппүттэр өйдөтүү үлэтин ыытан, туруорсан саха кылааһыгар киириэн баҕалаах оҕо үксүү сылдьыбыта. Хас биирдии куорат оскуолатыгар саха кылааһа аһыллыахтаах диэн хамсааһын тахсыбыта. Оннооҕор, сорох сыл бастакы кылааска икки саха кылааһа аһыллар түгэннэрэ баара. Билигин даҕаны ньиргиччи үлэлии олоробут. Оскуолаҕа барыта 1273 оҕо үөрэнэр, маҥнайгыттан тохсуска диэри уон саха кылааһа баар.
Урукку оҕолор дьиҥ чахчы сахалыы өйү-санааны тута сылдьаллара. Төһө да аҕыйах саха кылааһа баарын иһин, патриотическай санаалаах төрөппүттэрдээх буолан сахалыы саҥаран, ыллаан-туойан, хомуска тардан, үҥкүүлээн, оскуола тумус туттар кылаастарынан буолааччылар. Билигин куйаар ситимигэр хото холбонон дуу, үгүс бириэмэлэрин онно атааралларыттан дуу, саха кылааһыгар үөрэммиттэрин да иһин, үгүстэр бэйэлэрин икки ардыларыгар нууччалыы кэпсэтэллэр. “Мин – сахабын” диэн сахалыы толкуйдаах оҕо сыллата аҕыйаан иһэр, ордук алын кылаас үөрэнээччилэригэр. Бука, куорат хайа баҕарар оскуолатыгар маннык хобдох көстүүнү бэлиэтээн эрдэхтэрэ.
Тыл баайа – төрүт дьарыкка
— Ити туохтан төрүөттээх дии саныыгын?
— Аныгы төрөппүт иллэҥмит суох диэн ааттыыр, сахалыы ирэ-хоро кэпсэтэр да дьон аҕыйаата. Сахалыы билэр эбэлэр-эһэлэр тыа сиригэр олороллор. Аны дьаҥынан сибээстээн оҕону улууска да ыытар бобуллар. Оттон төрөөбүт тыл сүөгэйэ-сүмэтэ, кэрэтэ оттон-мастан, төрүт дьарыктан, сир аһыттан, айылҕаттан тэйбэтэх тыа сиригэр сытар. Инньэ гынан, икки саастаах оҕоҕо төлөпүөнү туттаран кэбиһэллэр. Бэйэтин-бэйэтэ аралдьытынар. Ютубка ойуу киинэ, оонньуу барыта нууччалыы тылынан. Оҕо күннэтэ истэр тыла, алтыһар эйгэтэ нууччалыы эрэ буолар. Итиннэ эбии кэлиҥҥи икки сылга дьаҥ охсуута улахан. Хамсаммакка олорон биэрдэхпитинэ, охсуута өссө дириҥиэн сөп. Дьиҥэр, саха тыла сүтэн эрэр тыллар ахсааннарыгар киирбэт. Билигин хамсамматахпытына, бэйэтин дьаалатынан ыытан кэбистэхпитинэ дьиҥнээх иэдээн аны уонча-сүүрбэччэ сылынан дьэ илэ кэлэр чинчилээх.
Куйаар ситимин сахатытыахха
— Мантан тахсар суол баар дуо, хайдах?
— Оҕоҕо, ыччакка саха тылыгар интэриэһи куйаар ситим нөҥүө көтөҕүөххэ сөп. Билигин куйаар ситимигэр сахалыы эйгэ киирэн эрэр, букатын суох диир табыллыбат. Ону олох ыһыктыбакка, салгыы элбэх сахалыы оонньуулары толкуйдуур, оҕоҕо аналлаах сахалыы ханаалы арыйан ойуу киинэлэри, остуоруйалары көрдөрөр, хамсанар ирдэнэр. Оҕоҕо күүс өттүнэн саха тылын үөрэтэр кыаллыбат. Саха тыла муодунай тыл буоллаҕына, оҕо бэйэтэ талаһыаҕа. Хайдах муодунай тылга кубулутабыт? Ыччат сахалыы тыллаах, элбэх сурутааччылаах, тумус туттар, холобур оҥостор бэйэтин саастыылаахтара, эдэр дьиэ кэргэн блогердар Инстаграмҥа, Тик-Токка кэпсиэхтэрин, билигин сүүрбэччэлээх-отуччалаах кэнсиэпсийэ оҕолоро көмөлөһүөхтэрин сөп. Кинилэр баалларын тухары тылбыт сүтүө суоҕа. Саамай дьиксинэр дьоммут — билигин уһуйааҥҥа сылдьаллар, алын сүһүөх кылааска үөрэнэллэр. Кинилэргэ саха тылыгар интэриэһи үөскэттэхпитинэ, төрөөбүт тылларынан, саха буолалларынан киэн туттар, сахалыы толкуйдаах оҕолор үүнэн тахсыахтара.
“Учим якутский язык” ютуб ханаал
— Ютуб ханаал арыйбыт эбиккин дии. Икки нэдиэлэ иһигэр дьон номнуо биһирээбитин биллэрбит.
— Ити бырайыак 2014-
2015 сс. саҕаламмыта. “Саха” НКИХ дириэктэрэ Олег Марков “Учим якутский язык” диэн биэрии таһаарыахпытын баҕарабыт, учууталлары көрдүүбүт диэн ыҥырыы ыыталаабыта. Биһиэхэ устуудьуйа, оператор, режиссер көрбүтэ. Бэйэбит хайдах толкуйдуурбутунан 15 мүнүүтэлээх уруоктары бэлэмнээбиппит. Марха 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын учуутала Л.В. Шишигинаны, оччолорго Дьокуускай куораттааҕы лиссиэй учуутала, билигин дириэктэри солбуйааччы Л.Е. Уйгурованы, урут 6-с оскуола учуутала, билигин 13-с оскуола дириэктэрэ Г.П. Васильеваны кытта түмсэн бырайыак, уруок былаанын оҥорон үлэлээбиппит. Үгүс уруок “Саха” НКИХ сытар, бэйэбэр 50-ча уруок баар. Тэйиччиттэн үлэҕэ нууччалыы тыллаах оҕолору үөрэтэргэ туһалаах, билигин даҕаны суолталаах эбит диэн “Учим якутский язык” Ютуб ханаалы арыйан, онно таһаартаан эрэбин. Аан дойду барыта көрөн олорор, оскуола үөрэнээччилэрин таһынан биирдиилээн саха тылын үөрэтиэн баҕарар дьон бары туһанар кыахтаах, сэҥээрэллэр эбит. Үчүгэй оператор көһүннэр, сыыйа-баайа саҥа уруоктары уһулан угар былааннаахпын.
Саха тылын учууталларыгар
— Аныгы кэмҥэ тэйиччиттэн үөрэтэргэ саха тылын учуутала уруогар туһанар технологията төһө элбэҕий?
— Дьаҥтан сылтаан, тэйиччиттэн үөрэх киирбитигэр, кырдьык, үгүс саха тылын учуутала хайдах үөрэтэбит диэн аймаммыта, толкуйга түспүтэ. Атын биридимиэккэ арыйдылар да куйаар ситимигэр барыта баар, бэлэм, тута үөрэнэн, тургутуктары толорон бараллар. Саха тылыгар тоҕо оннук суоҕуй диэн ымсыыра көрөрүм. Куйаар ситиминэн learningapps.org, joyteka.com, Google Classroom о.д.а. конструктор-платформаларынан төһө баҕарар сахалыы тургутуктары, презентациялары оҥорон туһанар буолбутум. Билигин 5-9 кылаастарга аналлаах литэрэтиирэҕэ 200-тэн тахса, саха тылыгар салааларынан эмиэ элбэх Google тургутуктанным, араас квест оонньуулары оҥорон ыытыахпын сөп. Ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ учууталларын WhatsApp бөлөҕөр бэйэ-бэйэбитигэр презентациялары тарҕатыһан, тэйиччиттэн үөрэх кэмигэр оҕоҕо тиийимтиэ уруоктары ыыталаатыбыт. Ордук Харбалаах саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталын В.С. Кривошапкинаны чорботон бэлиэтиэм этэ. Кини наһаа үчүгэй презентациялары ыытан, учууталларга улаханнык көмөлөстө. Саха сирин учууталларыгар төһүү күүс буолар, бу күннэргэ “Төрүт тыллар” диэн саҥа платформаны сүрэхтээтилэр. Онон интэриниэт ситимигэр саха тылын үөрэтэргэ букатын туох даҕаны көмө, тирэх матырыйаал суох диир кэрэгэй.
Сэлэспэҕэ сахалыы сыһыарыы
— Аны Ньургун Бэчигэннээҕи кытта өссө биир хорсун дьыалаҕа ылсыбыккыт эбит дии.
— “Саха” НКИХ үлэһитэ, Тыгын Дархан оруолун толорбут Ньургун Бэчигэн, АйТи паарка сүрүннүүр исписэлииһэ, блогер Лилия Газизова сүбэлэһэн баран саха тылын үөрэтэргэ мобильнай сыһыарыыны оҥорор өйүгү (идея) тобулаллар. Мэтэдиическэй өттүгэр көмөлөс диэн көрдөспүттэригэр сөбүлэспитим. Хамаандаҕа биир идэлээхтэрбин, Марха 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын учуутала
Л.В. Шишигинаны, куорат 3-с нүөмэрдээх оскуолатын эдэр учуутала А.А. Александрованы ыҥырбыппыт. Сыһыарыы тиэхиньиичэскэй сорудаҕын оҥорбуппут, билигин аҕыс уонча барыллааһын уруок бэлэм. “Квантум” АйТи хампаанньа оҥорорго сөбүлэспитэ, тиэхиньиичэскэй сорудаҕа бэлэм, сыһыарыы хайдах буолуохтааҕын харахпытыгар көрөн олоробут. Сыһыарыы үс таһымнаах: саха тылын букатын билбэт, саха тылын чиҥэтэн үөрэтэр уонна 2-7 саастаах оҕолору хабар. Ол эрээри, үбүлээһинигэр кэлэн иҥнэн хааллыбыт. Билигин туох кыалларынан онно үлэлэһэ сылдьабыт.
Инньэ гынан, түмүктээн эттэххэ, саха тылын төһө кыалларынан куйаар ситимигэр киллэриэхтээхпит. Оҕо ханнык баҕарар социальнай ситими арыйдаҕына барыта сахалыы саҥарар, көрдөрөр, иһитиннэрэр, аахтарар усулуобуйатын тэрийэргэ дьулуһуохтаахпыт. Оччоҕо эрэ тылбыт тыыннаах хаалыа. Билигин ылсыбатахпытына, кэмин куоттардахпытына, ытыс соттон хаалар кутталлаахпыт.
— Марианна Макаровна, сэһэргэһииҥ иһин махтал.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru