Быйыл «Бүлүү» федеральнай суолга үрэхтэри, өрүстэри туоруур 5 муостаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна. Ньурбаҕа, Сунтаарга уонна Миирнэйгэ тимир көлөнөн барааччылар Бүлүү өрүс саамай улахан салаата Марха өрүскэ саҥа муостаны тутуу бара турарын бары көрөн ааһар буолуохтаахтар. Сүүнэ тутуу киһи хараҕар быраҕыллыамтыа. Сайын Марха өрүс биэрэгин үрдүгэр муоста алтыс тирэҕин туруорбуттара ыраахтан ала-чуо харааран көстөрө.
Бу сайыҥҥыттан өрүскэ туруохтаах түөрт тирэх сыбаайаларын түһэрэн саҕалаабыттара. Күһүөрү кыһын 18-тыы, 24-түү, 21-дии устуука сыбаайалары өрүс түгэҕиттэн 30 м дириҥҥэ диэри түһэрбиттэрэ. Муостаны тутуу 2015 сыл сэтинньи 30 күнүттэн саҕаламмыта, 2018 сыл сэтинньи 31 күнүгэр түмүктэниэхтээх.
Учаастак начаалынньыга Сергей Пещеров: «Муостаны сүгэн туруохтаах алта тирэх сыбаайатын туруордубут. Мантан алтыс тирэҕи бырайыак быһыытынан толору оҥордубут. Онон манна муоста тимир каркааһын оҥорон саҕалыахпыт. Билигин «Сибмост» тэрилтэҕэ суббэрээтчит быһыытынан «Ньурба-автодор» уонна «Дорстройкомплект» тэрилтэлэр Марха өрүс икки өттүгэр муостаҕа диэри суол балаһатын оҥорон, кумах, буор куталлар», – диэн үлэ хаамыытын кэпсээтэ.
Кылгас ыспыраапка
Муоста 560, 104 м уһуннаах, үрдүгэ 23,45 м, алта тирэхтээх, онтон иккитэ биэрэк үрдүгэр, түөрдэ өрүскэ туруохтара. Тимир көлөлөр ааһар сирдэрин кэтитэ 7 м. Тутуу генеральнай бэдэрээтчитэ – маннык хабааннаах муосталары тутар үөрүйэхтээх «Сибмост» ААУо (Новосибирскай куорат) буолар.