Марха муостата буолбатах…

Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ батсаабынан Марха муостата тутуллан бүппүтүн туһунан сурах, онно өссө эбии хаартыска тарҕанна. Бүлүү эҥээр олорооччулар ол сураҕы  үөрэ иһиттилэр.

edersaas.ru

Ол эрээри, диирбитигэр тиийэбит. Марха өрүһү туоруур муоста алтынньыга биирдэ үлэҕэ киллэриллиэхтээх. Бу туһунан «Бүлүү» суолун управлениета иһитиннэрдэ.  Оттон ити батсаапка тарҕаммыт хаартыска — Чыбыыда муостата. Бу муоста 2014 сыллаахха тутуллан үлэҕэ киллэриллибитэ.

Ыспыраапка:

Бүлүү өрүс саамай улахан салаатыгар — Марха өрүһү туоруур муоста 560 п.м. уһуннаах.  Алта тирэхтээх, онтон иккитэ биэрэк үрдүгэр, түөрдэ өрүскэ бааллар.  Тимир көлөлөр ааһар сирдэрин кэтитэ 7 миэтэрэ. Тутуу генеральнай бэдэрээтчитэ –  «Сибмост» ААУо (Новосибирскай куорат) буолар.  Тутуу уопсай суумата — 5 миллиард солкуобай кэриҥэ.

Биһиги корр., edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0