Бүгүн, олунньу 1 күнүгэр, «Саха» НКИХ ханаалыгар 11.00 чаастан СӨ бырабыыталыстыбатын 2019 сыллааҕы үлэтин отчуоттаата.
Анисимова диэн Марха олохтооҕо «Мархаҕа хаһан гаас ситимэ холбонуой?» диэн ыйытыытыгар, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов: «Гаас ситимин чэрчитинэн былаан ылыныахпыт, «Сахатранснефтегазбыт» тэрилтэ нөҥүө гаас ситимэ киириитин судургутута сатыахпыт” — диэтэ уонна бу ыйытыыга эппиэтииригэр Бырамыысалыннас миниистиригэр Максим Терещенкоҕа туһаайда.
Максим Терещенко: “Бырабыыталыстыбаҕа нэһилиэнньэни гаас ситиминэн хааччыйыы былаанын киллэрбиппит. Маны сэргэ, «Ил Түмэн» судаарыстыбаннай сүбэ мунньаҕар эмиэ бу кыһалҕа көтөҕүллүбүтэ. Ол курдук, Дьокуускай куорат иһинэн, гаас ситиминэн аан бастакынан Марха, Пригороднай уонна Покровскай тракт оройуоннарын хааччыйыы былааннанар. 2020-2022 сыллардааҕы үлэ бырайыага уонна сметата оҥоһуллан сытар. Схемаҕа киирбит нэһилиэнньэни гаас ситиминэн хааччыйыыга 300 мөлүйүөн солкуобай наада. Тустаах дьон «Сахатранснефтегазбыт» тэрилтэтигэр уонна биһиги министиэристибэбитигэр кэлэн билсэ сылдьыҥ», — диэн ыҥырда.
«Олохтоох нэһилиэнньэ кыһалҕалаах боппуруостарыгар суһаллык көмөнү оҥорорго, долгутар ыйытыыларыгар эппиэттииргэ бэлэм буолуҥ», — диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов сорудахтаата.
Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru